МУУС УСТАР. Айыыһыт ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: уохтаах, аҕаамах, угаайылаах (угуйар күүстээх), кэрэни сөбүлүүр, уоттаах (имэҥнээх), таба өйдүүр, амарах, имигэс, кэскиллээҕи сөбүлүүр.

КУЛУН ТУТАР. Дьөһөгөй Айыы ыйыгар төрөөбүт киһи күүстээх санаалаах, ыллам, дьүккүөрдээх, түс-бас майгылаах, биир дьоҕурдаах,үүннээх – иэһииннээх тыллаах, сайаҕас, хапсаҕай буолар.

ОЛУННЬУ. Одун Хаан ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: сыыйыллыбыт сындааһыннаах, харысхас, бүгүрү, иччилээх тыллаах, сатабыллаах, битимсэх, төптөөх (олохтоохтук быһаарынар), бөҕө доруобуйалаах, алыастаах (ырааһы сөбүлүүр).

ТОХСУННЬУ. Таҥха Хаан ыйыгар төрөөбүт киһи бүтэй, быстыбат бырдылаах, номоҕон, дьаныардаах, үлэтин тиһэҕэр тириэрдэр, сэрэйигэс, айылҕа этэрин батыһар, мындыр, бигэ тускулаах буолар.

ОЛУННЬУ 26 КҮНЭ – САХА СИРИГЭР ДОРУОБУЙА КҮНЭ!

Саха сиригэр Доруобуйа күнүн, бастакы бэрэсэдьиэн Михаил Николаев олохтообута, олунньу бастакы өрөбүлүгэр, 2000 сылтан саҕалаан бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн олунньу 26 күнүгэр түбэһэр. Билиҥҥи кэмҥэ доруобуйа киһиэхэ хаһааҥҥытааҕар да күндү буолла. Төһө да халыҥ харчылаах, дуоһунастаах буол, аан дойду сулуһа, муҥур баай киһитэ да буол, доруобуйаны туохха да атыыласпаккын. Ыарахан ыарыы буулаатаҕына арбаҕастаах да абыраабат, […]

Үөдүгэйдэр сахалыы дьыктаан суруйдулар

Бүгүн, олунньу 18 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах сылын ахсын ыытыллар “Сахалыы дьыктаан” өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ буолла. Быйыл Г.В. Баишев- Алтан Сарын 125 сылыгар анаан суруйааччы “Киэһээ айан” айымньытыттан быһа тардыы тиэкиһэ кэллэ. Дьыктааны суруттарда СР үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Улуустааҕы үөрэх салалтатын исписэлииһэ Иванова Наталья Николаевна Сахалыы дьыктаан түмүгүнэн […]

Үөдүгэйдэр “Бараахап дьыктаана” акцияҕа кытыннылар

Бүгүн библиотекаҕа “Бараахап дьыктаана” акция ыытылынна. 25 ыйытыкка 21гэр сөптөөх хоруйу биэрдилэр Дмитриева Любовь Васильевна, Степанова Оксана Викторовна, Догорова Алла Степановна. 22 баалга суруйда Үөдүгэй сынньалаҥ киинин үлэһитэ Лариса Никифоровна Николаева. Кыайыылаахтар Добун суругунан наҕараадаланыахтара.

Оҕолор Бараахап дьыктаанын суруйдулар

Бүгүн Д.С. Спиридонов аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ, уһулуччулаах биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Бараахап 125 сылыгар аналлаах, “Бараахап дьыктаана” акцияҕа кытыннылар. Барыта 18 оҕо (6-10 кылаастар) дьыктааны суруйдулар. Оҕолор бары да олус билиилээхтэрин көрдөрдүлэр, 25 ыйытыктан саамай кырата 12 боппуруоска сөпкө хоруйдаабыттар, үксэ 18- 19 баал ылбыттар. Барыларыттан чорбойон 20 баалы 10 кылаас үөрэнээччитэ Иванова Лилиана ылла. […]