САҤА КИНИГЭЛЭР
Бу кинигэҕэ уһулуччу дьоҕурдаах, норуотун туһугар олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт улуу удаҕан, эмчит Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Алыһардаах Аана туһунан архыып матырыйаалларыгар, сирэй көрсүбүт, анаан кэпсэппит, эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыыларыгар олоҕуран сурулубут. Айылҕаттан айдарыылаах улуу эдьиийбит төрөөбүтэ 175 сылын көрсө кини түҥ былыргылыы эмтиир ньымаларын, сүппүт дьону булар дьоҕурун, инники олоҕу өтө көрөр ийэ айылгытын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр. […]
АЙЫЫ ААТТАРЫН ЫЙЫННЬЫГА
Сахалыы ааттанар бу биһиги омук быһыытынан уратыбыт буолар. Билиҥҥи бириэмэҕэ сахалыы ааттаныы киэҥник тарҕанна. Саҥа төрөөбүт оҕону эрэ ааттаабаттар, улахан дьон да аатын сахалыы уларытара үгүс. Күндү ааҕааччы, Айыы ааттарын ыйынньыгын көр, тускар туһан! Туһаныллыбыт литература: Аатта тал / Багдарыын Сүлбэ. – Эбэн, көннөрөн 2-с таһаарыы. – Дьокуускай: Бичик, 2005.
АХСЫННЬЫ. Билгэ Хаан ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: кыахтаах, иһирэх, күттүөннээх, ньургун, хабааннаах, хараанньыт, оттомноох, сымса, дьороҕой, сайдам.
СЭТИННЬИ. Байанай ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: быстыбат сылбалаах, дьэллэм, долоту (быһаарыылаах), талбаны сөбүлүүр, булугас, өйдөөх, сорсуннаах, унньуктаах (сылайбат), бэргэн.
АЛТЫННЬЫ. Хотой Айыы ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: күдэхтээх, көмүскэс, дьулурҕа, хоодуот, быһаарыныылаах, хаамнаах (дьиҥҥэ олоҕурар), сытыы, чиргэл, уруйдаах.
БАЛАҔАН ЫЙА. Улуу Суорун ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: нэҥирдээх, харамсах, кыһамньылаах, уран идэлээх, нүһэр (мээнэ саҥарбат), ылбаҕай, харалы (буспут-хаппыт), төлкөлөөн өйдүүр.
АТЫРДЬАХ ЫЙА. Аан Дьааһын ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: эрчимнээх, истиҥ, үлэтэ түмүктээх, быйаҥнаах, кырдьыксыт, хомоҕой тыллаах, сыыдам сырыылаах, айылыаттаах.
ОТ ЫЙА. Аан Алахчын ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: өҥнөөх, сэмэй, түптээх, күндүһүт, быйаҥы тардар, түрүттээх, сылыксыт, уһун тыыннаах, баҕатын толорор.
БЭС ЫЙА. Үрүҥ Айыы ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: сүрэ күүстээх, чаҕылхай, дэлэгэй, ылбаҕай, сэргэх, өркөннөөх, чөллөөх, айхал аргыстаах буолар.
ЫАМ ЫЙА. Иэйиэхсит ыйыгар төрөөбүт киһи майгыта: сэниэлээх, хомоҕой, сымнаҕас, быйаҥы тардар, дьаныардаах, эйэҕэс, имэҥнээх, өҥнөөх (сылайбат), төлкөҕө тирэнэр.