Атастарым барахсаттар.

​Орто Дойду олоҕор киһиэхэ өйөбүл буоларга айбыттарыҥ атастары – доҕоттору аныыллар быһыылаах. Кинилэри кытта ирэ –хоро кэпсэтэргэ, үлэ сатабылларыгар үөрэнэргэ, моһоллору туоруурга, үөрүүгүн – хомолтоҕун үллэстэргэ, киччим санааҕын этинэргэ аттыгар хайаан да истиҥ атас баара олох эргиирин ирдэбилэ эбит.

Быйыл оннук саныыр, элбэхтэ эн – мин дэһиспит, нэммитин бэркэ билсибит, үлэ бөҕөҕө бииргэ миккиллибит икки үтүө дьоммуттан илии сотуннум, соһуччу баҕайы сүтэрдим, кистииллэригэр да кыайан сылдьыбатым.

Кимнээхтэрий ол чугастыы билсибит атастарым – доҕотторум?

Миисэ

Сэбиэскэй эрдэҕинэ, ол аата ааспыт үйэҕэ атыыны – эргиэни бас билэн олорбут райпотребсоюз диэн баара, улахан тэрилтэ, үлэһитэ да элбэҕэ. Дьэ дии, саас Эбэ мууһа бардаҕына таһаҕас бөҕөнү тиэммит баржалар кыһыҥҥы таҥаспытын, аһылыкпытын аҕалаллара, олору сүөкээһиҥҥэ, аҥардас Райпо үлэһиттэрэ тиийиммэттэрэ, оройуон иһинээҕи тэрилтэлэр эр дьонун ол таһаҕаһы сүөкээһиҥҥэ үмүрү тардан киллэрэллэрэ. Бэйэтэ туспа көхтөөх, үөрүүлээх үлэ. Күөс күөстүүллэрэ, эт буһараллара, аны, үрдүттэн сылдьан бэйэҕэр туһалаах мал – сал атыылаһыахха сөбө.

Бытабыай кэмбинээт эр дьоно аҕыйахпытынан, мин курдук бэйэтин кыанар, күүс өттүнэн диэн эппэппин, инбэлиитэ суох, син эдэрси киһини ыйы ыйдаан таһаҕас сүөкээһинигэр тэрилтэ аатыттан ыыталлара. Күрдьэҕэлээх түөлбэтигэр, ончу олохтоох үлэлиир сирим курдук сананыахпар дылы буолан ыларым. Тэрилтэбиттэн соҕотох буоламмын райпо таһаҕасчыттарыгар сыстар буоллаҕым.

Биригээдэбитин Афанасьев Киэсэ (Бэрээдэк Киэсэ) салайара. Орто уҥуохтаах – арҕастаах, киппэ эттээх – сииннээх, ньыламан маҥан сирэйдээх, бэт холку майгылаах, кэпсээннээх – ипсээннээх көнө сүрүннээх, туруору күүстээх, сиппит – хоппут эр киһи бэрдийэр бэрдигэр сылдьар кэмэ этэ. Сүрдээх эйэлээх, бэйэ бэйэлэрин “миннэрин” бэккэ билсибит көхтөөх үлэлээх эдэр уолаттар мустубут биригээдэлэригэр туора көрбөккө сыһыарбыттара. Күн аайы атын – атын таһаҕаһы сүөкүүбүт, бытархай малы сүөкүүрү сөбүлээбэттэр, тоннаһа (тоннаж) кыра үһү, бурдук, уотурба сүөкээһинин үөрүүнэн ылыналлар.

Биир саллыбыт үлэм, ити “мебеллэри” сүөкээһин этэ. Ол – бу ыскаап арааһын хордуоҥкаҕа суулаан бобо курдаан сааһылыыллар, онтулара сүгэргэ – көтөҕөргө табыгаһа суоҕа, аны икки киһи көтөҕөрүгэр сөп түбэспэт, соҕотох киһиэхэ ыарахан, аны муннуга, кырыыта санныгар быһа киирэрэ биир бадьыыс. Оо, райпо куруусчуттара туохтан да иҥнибэттэр, саннылара да ыалдьыбата. Кыра уҥуохтаах Күрдэҕэлээх Миисэ диэн уол ончу билэн көрбөккө, ыарырҕаппакка таһар, биригээдэбит тутаах үлэһитэ Уйбаныап Лүөҥкэ омуннаан эттэххэ, ол дьааһыктары кыбына сылдьар, эчи, уҥуоҕунан улахана, саҥата диибин диэн доргуйан олорор. Күүс – уох, саҥа – иҥэ толору баар киһитэ буоллаҕа.

Хаһан сүгэр – көтөҕөр үлэҕэ уһуйуллуом баарай, бытархай таһаҕаска үөрүүнэн сылдьар, бурдук, уотурба сүөкээһинин сирэр, табыгаһа суох көтөҕүүлээх таһаҕастан саллар киһи буоллаҕым мин. Бииргэ үлэлиир уолаттарым ааттарын хотон билбэппин, син кэпсэтэр уонна тумус дьоммутун эндэппэккэ ааттарына билэттиибин. Таба, сэргии көрбүт уолбун наар “Стратег” диэн ыҥыраллар, туох дьикти ааттааҕый диэн сөҕөбүн. Орто уҥуохтаах, сүрдээх кэпсэтинньэҥ, бэйэтигэр сөрү сөп эттээх – сииннээх элэккэй уол, арыый да көхсө нүксүгүрдүҥү, били, сүгэр – көтөҕөр үлэҕэ өр эриллибит киһини санатар көрүҥнээҕэ. Ордук ол, Миисэлиин чугасыһан таһаҕас сүөкээһинин үлэтэ бүтүөр дылы аллар атастыы буолбуппут.

Саастаах уонна үлэҕэ үөрүйэҕэ суох диэн биригээдэм дьоно харыстыыр курдуктара. Ити, үөһэ эппит мебелим сүөкээһинэ буоллаҕына субуруһан уочаратынан сүгэбит, күүстээх уолаттарбыт санныгар ууран биэрэллэр. Мин, ырыбыллаан, чэпчэки ыйааһыннаахха түбэһэрдии уочаракка тура сатыыбын, ол да буоллар, син биир ыарахан, табыгаһа суох таһаҕаска түбэһэн сүгүөх буолан көхсүбүн тоһуйан эрдэхпинэ, Миисэ барахсан:”Убаай, туораа, мин ылыам”, – диэн сыгынньах, бөгдьөйбүт көхсүн тоһуйбута элбэх. Таһаҕас үлэтэ бүппүтүн да кэннэ куруук көрсөн сэһэргэһэр буоларбыт. Аны сайыҥҥы өттүгэр дьиэ тутар буолбут этэ Миисэ уонна миигин кыттыс диэн ыҥырбытыгар үөрүүнэн сөбүлэспитим. Тутуу, уһаныы өртүгэр киһиттэн ордуга суоҕа, дьэ, сүгэр – көтөҕөр үлэни ончу тулуппата. Ол отучча сыл анараа өттүгэр бэрэбинэнэн, лафетынан дьиэ туталлара, хара үлэтэ элбэҕэ.

Биир түбэлтэни өйдөөн хаалбыппын, эмиэ дьиэ тутабыт, түннүгүн баайан өһүө түһүөхтээх истиэнэ маһын уурдубут. Хаһан кээмэйдээн суруйан бүтүөххэ дылы, “ыҥыыр” диэн суолахтаах кыракый кэрчик мастарга лафетпытын олордон, оннун булларан ханан үүттүүрү, мутуктууру бэлиэтиибин, үөһэ  тахсарга иһирдьэ кирилиэстээхпит. Миисэ таска бэрэбинэ хатырыктыыр уонна үөһэ тахсаары били бэлиэтии сылдьар маспыт туһаайыытынан иҥнэн турбут маспытыттан тутуспута мастары, бэйэлэри аллараа куугунаабатахтар үһү дуо? Оо, уол иэдэйдэ, ити үлүгэр мас баттаатаҕына киһи гыныа дуо диэх курдук санаалар элэс гыннылар. Хата, сууллан иһэн уолбут истиэнэттэн тирэнэн кэннин диэкки ойдо ээ, маспыт аллара, Миисэбит ыраах эһилиннэ. Үөһэ турааччылар сөҕөн, соһуйан эрэ хааллыбыт. Син кыанарын, кытыгыраһын көрдөхпүт дии.

Оччолорго Миисэ ойоҕо суоҕа, ийэтинээн олороллоро. Ийэтин наһаа таптыыра, куруук истиҥник, иһирэхтик тыл быктаран кэпсиирэ. Оҕотук сылдьан хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйбүт эбит, бииргэ улааппыт оҕолорун, аймахтарын үйэтиппитин билигин да күндүтүк санаан ахталлар. Таҥаһа – саба чэбэр, ыраас буолара, ону таһынан наһаа асчыт, дьиэтигэр киирдэххэ тугу эрэ астаан түбүгүрэ сылдьар буолара. Күлүүгэ – дьээбэҕэ сыстаҕаһа, биир куруук туттар тыла, били, “Джентельмены удачи” киинэҕэ Краморов Вицин саахыматтыы олордоҕуна “Лошадью ходи, лошадью” – диэбитин киһи күлүөх үтүктэрэ. Элбэх да дьиэни бииргэ туттахпыт, остуол да оонньуутугар куруук бэйэ бэйэбитин өйөнсөр буоларбыт.

Мин өйбөр күндү  атаһым Миисэ Григорьев – “Стратег” сырдык, ыраас, элэккэй мөссүөнэ Сир үрдүгэр баарым тухары өлбөөдүйбэккэ өйбөр – санаабар бигэтик хатаннаҕа. Биирдэ эмит ыраахтан, нүксүччү туттан аттыгар баар киһитигэр тугу эрэ кэпсии – кэпсии ыксаабакка хааман иһэр киһини көрдөхпүнэ, Миисэм баран иһэр диэн үөрэн ситэн сэһэргэһиэх буолан баран, күндү атаһым бу орто дойдуттан барбытын санаан хомолто, хараастыы хам кууһар, кутурҕан аһыыта сүрэхпин кымаахтыыр, хаарыан доҕорбун сүтэрбиппин дьиҥ итэҕэйэн кэҥириим кычыгыланар, хараҕым уута ыгыллан кэлээри гынар.

Уйбаан Буокун

Уйбааны санаатым да былыр, оҕо сылдьан көрбүт мындыр саха оҕонньотторун харахпар көрөбүн. Хайа кэмтэн эбитэ буолла, арааһа, Оҥхойтон көһөн киирэтинэн урут уруккуттан билсэр киһилии эн – мин дэһэн дьиэ тутуутугар үлэлээн ырааппыт этибит. Орто уҥуохтаах, таһыттан көрдөххө күүстээх көрүҥэ суоҕа, ол эрээри үлэлээн бардаҕына, кыайагаһа сүрдээх, кистэнэ сылдьар былчыҥ, сындалыйбат иҥиир баар киһитэ. Аны үлэҕэ сатабыла сөхтөрөрө. Сүгэни, эрбиини кини эрэ сытыылаатаҕына маһы хотутар буолара. Хара үлэ ымпыгын – чымпыгын бэккэ билэр, онно буспута – хаппыта саарбахтаммат. Майгылаах үтүөтэ, сэмэй бөҕө хаһан да маны сатыыбын, ону сатыыбын диэн чабыламмата, билээҕимсийэр диэни төрүт көрдөрбөтөҕө. Өһүө маһын биһиги лаагы маска сытыаран сыралаһан соһон таһаарарбыт. Ортолуу кэлиитигэр мүччү ыытымаары айдаан бөҕөбүт. Уйбааммыт сүбэтинэн лаага маспытыгар скобаа чугас, чугас саайан өһүөбүтүн онно иҥиннэрэ – иҥиннэрэ бэрт чэпчэкитик, кэбэҕэстик таһаарар буолбуппут. Маһы суорара көнөтө, дьиэ мутугун охсоро ырааһа, кээмэйиттэн кыраны да ойо охсубата сөхтөрөрө. Кыыһыран көймөстөрүн көрдөрбөтөҕө, дьиҥнээх саха тыатын оҕонньорунуу холку майгылааҕа, киэҥ көҕүстээҕэ, үөрүнньэҥ аһаҕас буолара. Уолун Гириисэни бэйэтин кытта илдьэ сылдьан үлэ мындырдарыгар такайара. Тылынан эппэтэр да,бэйэтин холобурунан уһуйар буоллаҕа. Уола эрдэ күн сириттэн күрэммитигэр улаханнык аһыйара, ол эрээри үҥсэргэммэтэ, ытамньыйбата. Тутуу үлэтиттэн тохтообутун кэннэ Уйбаан син – биир кыра, быстах үлэлэргэ ылса сылдьар буолара. Бэт хойуккааҥҥа дылы гараж, олбуор үлэлэрин кыайа – хото сылдьара. Аныгы үйэ матырыйаалынан үлүһүйүү, эдэр, түргэн туттуулаах үлэһиттэр элбээн, сааһырбыттар тутуу үлэтиттэн тэйэргэ күһэлиннэхпит. Уйбаан аны бэйэтин массыынатынан дьону таһарга ылсан барбыта. Дьэ, ол үлэтигэр улгума, хаһан да хойутаабата, дьоҥҥо эриэ – дэхси ытыктабыллаах сыһыана сөбүлэтэрэ. Ол эрээри, Уйбааным харчыга ончу харама суоҕа. Үптэннэ да иэс көрдөөбүт киһиэхэ биэрэн кэбиһэрэ уонна ол иэһин ирдэһэр диэни билбэтэ, уччутан да кэбиһээччи элбэҕэ. Аны массыынатыгар олорсооччулар:

– Чэ, Уйбаан, бакаа хаччы суох, кэлин төлөһүөхпүт – диэн сылтаҕыран босхо таһыллаллара. Арыт бензиинигэр да хаччыта суох буолан хаалара.

– Харчыларын ыга үктээн ылан иһиэххин ,-диэтэххэ,

– Ээ, атаһым харчыланнаҕына биэриэҕэ, атыттар аныгыс олорсууларыгар төлүүллэр ини, – холку баҕайытык хардарара.

Син санаатыгар хомойоро дуу, оннук дьонтон? Билбэтим. Уйбаан кыыһыра, кыыһырса сылдьарын көрбөтөҕүм.

Саха биир мындыра, үлэһит үтүөтэ, көнө сүрүннээҕэ Фокин Иван Иванович сирдээҕи олоҕун түмүктээн төрөөбүт – үөскээбит тапталлаах Оҥхойугар көмүс уҥуоҕа көтөҕүллэн, алтан уҥуоҕа арыалланан Ийэ сирин сымнаҕас буоругар кистэммитэ.  

Үтүө доҕорум Уйбааны билбит түгэннэрбин сурукка тистим. Күннээҕи килиэппин ыла баран иһэн “Бүлүү” ырыынак дьиэтин үктэлигэр Уйбааным табахтыы турара буолаарай диэн харахпынан дьон быыһыттан төлөппүөнүнэн кэпсэтэ – кэпсэтэ, күлэ – үөрэ турар атаспын булан көрө сатыыбын. Кэлбэт сиригэр барбытын биллэрбин даҕаны, баҕар, баҕар баара буолаарай ыраах сиргэ тэлэһийэ сылдьан баран кэлбитин биллэрбэтэҕэ буолаарай диэн акаары санаалаахпын ээ күн бүгүнүгэр дылы.

Аркадий Иванов – Силис