Тула көмүскэлигэр…

            Балыыһа маҕан эркиннэрэ уонна сэниэтэ суох лаампа уота дьиримнэһэн иһэн эмиэ барыта ирим-дьирим, куу-хаа буолан барда. Лэбириэнтэй эмиэ өйүн сүтэрдэ, түлэй-балай барда, түһүүргэ дылы. Арай оҕотугар түспүт…

Кудуларын Кулун Өлбүт диэн алааһыгар балаҕаннарыгар инилэринээн сандалы тула үмүөрүһэн олороллор. Ийэтэ күөрчэхтээх ытыгын кыра Лэбириэнтэйгэ чуо уунар уонна  сып – сылаастык мичээрдиир, ымманыйар. Уол ытыгы салыы-салыы, астынан дьонун эргиччи көрөр. Ол икки ардыгар эмиэ даҕаны күөх хонууга сырсаллар. Эдьиийэ Кэтириинэ  баар. Көтөххө сылдьар бырааттарын Испирдиэни көччөх оҥостоллор. Ол аайы уоллара сырааннаах айаҕын атын бэйэлээхтик дьыллаччы туттар, этиргэн тарбахтарын саратар. Атын ыҥыырын кытары бадьыыстаһа турар аҕата Испии бүтэйдии мүчүҥнүүр. Онтон кинини эрэ чуо ыҥыран ылан бу саас айааһаммыт Кустугун арҕаһыгар көтөҕөн ылан олохтоон кэбиһэр. Уол акка олорбут дьолуттан кынаттаах кэриэтэ

сананан, атын икки кулгааҕын икки ардынан оол көстөр тыа саҕата күөгэлдьийэриттэн иһэ кычыкаланан күлэн кычыгыратта…

Лэбириэнтэй эмискэ салгыны эҕирийэн, уу чаккырас буола тиритэн хараҕын арыйбыта чахчы балыыһа түөрт маҕан эркинэ. “Оо, якут пришел в себя”, – сиэстэрэ кыыс Лэбириэнтэй сүүһүн көлөһүнүн инчэҕэй маарыланан соппохтоото. Аан диэки ыарыһах оронугар томтоллон көстөр тойон мурун оҕонньор быраас эрбэҕин чолоҥнотто. Ол тухары Лэбириэнтэй кулгааҕын иһигэр эмиэ да тыраахтыр тохтообокко тарылыырга, эмиэ да сэнэрээт иһиирэргэ дылы. Хас хонук манна сыппытын бэйэтэ да билбэт.

            Өстөөх Москваны Тула уонна Серпухов туһаайыыларынан кимэн, алтынньы 29 күнүгэр Лэбириэнтий полката сытар Тула куорат аннынааҕы бөҕөргөтүүтүгэр субу ыга анньан кэлбитэ. Полк баарын-суоҕун бары ууран туран утарыласпыта. Хамаанда даҕаны тыйыһа.

            Бу кимэн киириилэргэ төһөлөөх саллаат суорума суолланнаҕай, бааһырдаҕай… Лэбириэнтэй бүтэһик өйдөөн хаалбыта диэн бинтиэпкэтинэн кыҥаан биир өстөөҕү суулларбыта. Иккиһин кыҥаан истэҕинэ, саннын үрдүнэн буулдьа ыйылыырын кытары биирдэ сир-дойду ньиргийэ түспүтэ. Уҥа диэки көрбүтэ – билэр уолаттара икки аҥы эһиллэн эрэргэ дылылара. Эмискэ араас өҥ дьураата хараҕар дьиримнээбитэ.Төбөтүн иһэ тиэрэ эргийбит курдук дьалкыйан эрэрэ.Уонна бүттэ…

1932 сыллаахха кытыы, кыараҕас сиргэ үөскээбит Лэбириэнтэй, саха сэмэй уолчаана эрэдээктэр идэтин ылан, бу улуу Москва куоракка, дойду тэбэр сүрэҕигэр аан бастаан тиийэн тулатын барытын сонурҕаан, одуулаһан, массыыналартан куттанан сэрэнэн аҕай хаамара. Ол сылдьан Москва түүнүн даҕаны утуйбат, куруутун үлэ тохтоло суох оргуйа турар дойдута эбит диэн сөҕө санаабыта. Ити сыл Москубаҕа Саха бэрэстэбиитэлистибэтин көмөтүнэн сахалыы эрэдээксийэни  тэрийбитэ. Онно РСФСР үөрэҕириитэ бигэргэппит үөрэх тэрилтэлэрин учуобунньуктарын сахалыы тылбаастаан таһаараллара. Лэбириэнтэй ону таһынан араас типизированнай издательстволарга тылбаасчыттыыра уонна эрэдээктэрдиирэ. Дьэ, Испии Харааччын уола Лэбириэнтэй үлэтин маннык эппиэттээх, оҕо сылдьан түһээн да баттаппатах улахан куоратыттан саҕалаабыта, тоҕус сыл, бу сэрии буолуор диэри үлэлээбитэ.Үчүгэй да кэмнэр эбит…

            Бу суостаах сэрии саҕаланан, адьырҕа өстөөх Ийэ дойдубутугар саба түһэн, Лэбириэнтэйи 1941 сыл атырдьах ыйыгар НКО оһуобай дьаһалынан, Тулаҕа Москуба байыаннай охранатыгар 6-с батальоҥҥа ыыппыттара.

Тула сэрии сэбин оҥорон таһаарар собуоттардааҕынан киэҥник биллэр буолан, сэрии кэмигэр өстөөх биир саамай улахан сыалыгар сылдьар куоратынан буолара. Онон Москва оборонатын кэмигэр Тула сэрии сэбин оҥорор собуота Оренбург, Меднигорскай куораттарга көһөрүллүбүтэ  Бинтиэпкэлэри, ТК уонна ТТ бистэлиэттэри, пушкалары уонна ботуруон оҥорор “Штамп” собуоттар эмиэ эвакуацияламмыттара.

Кураанахсыйбыт собуоттар сыахтарыгар кини хаста да киирэ сылдьыбыта. Манна үйэлэрин тухары собуокка оробуочайдаабыт уонна инженердээбит дьон хаалан баалларынан-суохтарынан түүннэри-күнүстэри байыаннай массыыналары, тааҥкалары, пулеметтары, минометтары, тыһыынчанан бистэлиэт, бинтиэпкэ арааһын өрөмүөннүүллэрэ.

Дойду үрдүнэн арааһа маннык сэрии сэбин оҥорор улахан собуот суоҕа буолуо. «Штамп» собуокка инженердээбит Лэбириэнтэй дядя Миша диэн ааттыыр киһитэ: «Сэрии сэбин оҥорор собуоту кытары тэҥҥэ Тулатааҕы оружейнай-техническэй училище эмиэ Томскай куоракка көспүтэ. Онно кыра уолум үөрэнэр», – диэн кэпсиирэ.

Лэбириэнтэйдээх Тула оборуонатыгар куоракка тааҥкалар киирбэттэрин курдук балаһалары, үрдүк хатыылаах боробулуоха олбуордары, уулуссаларга баррикадалары оҥороллоро. Сэрэхтээх суолларга миинэ иитэллэрэ. Өстөөхтөр төлө көтөн киирбэттэрин курдук үгүс көмүскэнэр, бөҕөргөтөр үлэлэри, тутуулары ыыппыттара да ситэри тиһэҕэр тиийбэтэҕэ…

Лэбириэнтэй бу Тула иһин кыргыһыыга үһүс кимэн киириигэ дэлби тэптэриигэ табыллан, киһи дуу, кии  дуу буолар дьылҕата быһаарыллаары сыттаҕа…

Ол эрэн, кини санаата бөҕөх, тоҕо эрэ ийэлээх аҕатын, бииргэ төрөөбүттэрин түһээн көрдө. Хайдах эрэ онно ийэтин күөрчэҕин сиэҕиттэн, аҕата акка мэҥэһиннэриэҕиттэн хараҕа сырдаан, сэниэтэ эбиллэн күүс-уох ылбыт курдук буолла. Дьоно барахсаттар билигин бэйэлэрэ кырдьан, ыарытыйан, уолаттарын сэриигэ атааран санааҕа баттатан сылдьаахтыыллар. Ааспыт ыйга Лэбириэнтэй дьонуттан сурук туппута. ”Таптыыр, эрэнэр уолбут Лэбириэнтэй, дорообо. Суруккун туппуппут. Быраатыҥ Испирдиэн эмиэ сэриигэ барбыта. Биһиги туспутугар долгуйума.Аҕаҥ биһикки били нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит эдэркээн, үлэһит бэрдэ кыыс Марыына Молуковалааҕы кытары кыстаан олоробут. Кэргэнэ колхуос стахановеһа Сергей Федоров диэн бэрт көнө майгылаах киһи, түөрдүгэр сылдьар Киэсэ диэн кыыс кыраһыабай дьүһүннээх, олус көрсүө уоллаахтар. Хата, ол оҕону көрсөммүт сүрэхпит сылаанньыйар»,- диэбиттэр этэ. Уруккута Лэбириэнтэй дьоно Куду төрүт баайдара, сүүһүнэн ынахтаах, сылгылаах Испии Харааччыннаах диэн Үөдүгэйгэ, Куорамыкыга биллэр ыал. Аҕата Лэбириэнтэй кыра эрдэҕинэ хотунан-соҕуруунан атыы-кутуу бөҕө буолан, бэрт сэниэтик тапталлаах Кулуһуннаахтарыгар олорбуттара эбээт. Үксүн Өлөөнүнэн, Алданынан, Өлүөхүмэнэн сылдьан эргинэрэ.

Оо, аҕалара айантан кэлэрин оҕолор барахсаттар кэтэһэн- манаһан да биэрэллэрэ. Ол күн кэһии тутар, минньигэс амсайар дьоллоох күн буолара. Лэбириэнтэй эһэтэ Кырдьыбыт Данил диэн ааттаах кинээс киһи эбитэ үһү. Онон төрүт дьон төрүөҕэ, ытык дьон ыччата Москубаҕа сэрии иннинэ тэриллибит сахалыы эрэдээксийэни тэрийсибит, үлэлэспит дьоллоох.

Лэбириэнтэйи ый курдук госпитальга эмтээн-томтоон баран, таһаардылар. Дэлби тэптэриигэ ылбыт бааһа-үүтэ, араахымалара сотору-сотору ааспакка-арахпакка киирэн сордоотулар. Медицинэ хамыыһыйата II-c группалаах инбэлиит буоларын туһунан быһаарыы таһаардылар. Онон дойдулуур буолла.

Кэлэн иһэн Дьокуускай Эбэ Хотуҥҥа күөх хонуу кытыытынан биир сэмнэх балаҕаҥҥа дьон мустан хонор дьиэтигэр киирэн дьиэлээх хаһаайканы, нуучча дьахтарын кытары кэпсэтэн, хонор буолла. Хара килиэп, эт кэнсиэрбэтэ ыһыгын хаһаайкаҕа туттаран киэһэ бэрт минньигэс миин истилэр. Хаһаайка киэһэ хараҥарыыта аны сэрэбэйдиэм диэн турда. Чэ, хаһаайканы да аһынан, ыһыгыттан өссө биир кэнсиэрбэ биэрэн сэрэбэйдэттэ. Онуоха хаарты маатыска кэпсиир, дьэ, эн улуу дьон өйүн ньэҥирэ мустубут дьиэтигэр: хаһыакка дуу, мусуойга дуу – олоҕуҥ устата бэрт таһаарыылаахтык үлэлииһигин. Бааһынай дьахтары кэргэн ылан икки ытарҕа курдук олус үчүгэй кыргыттарданыыһыгыт, сиэннэр кэлэн олоххун киэргэтииһилэр. Иннигэр: ыраас халлаан, сырдык олох – көстөр. Чыначчы туттан, баттаҕыҥ маҥхайан, түөскэр наҕараадалардаах, чиэскэ-бочуокка сылдьаргын көрөбүн, – диэн кэпсээтэ.

Сарсыныгар Лэбириэнтэй бу амарах нуучча эмээхсинигэр Өлөксөөндүрэҕэ махтанан, сэрэбэйин санаан эгди буолан, ыарыытын да умна быһыытыйан айаҥҥа турунна. Чахчы да төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар кэлээтин кытары Үөдүгэйдээҕи ааҕар балаҕаҥҥа сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Москубанан үлэлээбит уопуттаах, талааннаах киһини эһиилигэр алтынньы 18 күнүгэр 283 нүөмэрдээх бирикээһинэн, оройуон бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ гыммыттара…

Валентина ФИЛИППОВА