…Сэрии киһи олоҕор биир алдьархай хайа да кэмҥэ. Сир дойду толору уот, буруо ортотугар умайар…
Ньукулай ол сыллары умнубат, хараҕын симтэр субу, онно билсибит бииргэ сэриилэспит доҕотторо көстөллөр. Ама ааспытын иһин арааһы бары тулуйан кэллэхтэрэ…
…Саха киһитэ биирдэ дьиэтиттэн-уотуттан тэлэһийэн ырааппыта, ол улуу уот ортотунан немец омук дойдутугар Берлиҥҥэ тиийэ…
Саастаах киһи санаата күүстээх. Кини билигин сиэннэрин, хос сиэннэрин иитэн олорор.
…Ньукулай сир анныгар хастан оҥостубут, буор таммалыыр өһүөлээх дириҥ окуопаҕа олорор. Таһыгар бааһырбыт нуучча саллаата сытар. Санитардар кэлэн ылалларын кэтэһэллэр. Баарыын аҕай күлэ-үөрэ сылдьыбыт уол бу сыттаҕа. Элбэх этилэр, Ньукулай кэтит хараарбыт баҕана кэннигэр кыбыллан олорон нуктаан барбыта. Нууччалар кус-хаас саҥаларыттан иһиттэҕинэ сотору эмиэ немецтэр кимэн киириилэрэ буолуохтаах. Хас пулемет, хас автомат баарын ааҕыы, саллааттар бэлэмнэнэллэрин бэлиэтэ.
Ол олордохторуна улахан баҕайы тыас кэлэн үрдүлэригэр саба түстэ. Ньукулай баҕанаҕа умса түһэн ньыкыс гынна, туох да көстүбэт үлүгэрэ. Аптамааппын эрэ ыһыктыбатах киһи диэн күүскэ да күүскэ бөһүйбүт тарбахтарынан тутаах тимирин хам тутта. Бастаан утаа дөйөн ылла быһыылаах. Тыаһы истибэт, ким ханан баара биллибэт. Элбэх киһи охтубут, онон-манан хаан-билик, күөдэл. Нэһиилэ өндөйөн сыыллан аһаҕас сиргэ таҕыста. Хаптайан өр сытта. Дьон саҥатын истэр, ыраах соҕус ким эрэ үөгүлүүр.
Халлаан хараҥаран барда. Барыта бүтүҥҥэ дылы, илиитин-атаҕын хамсаппахтаан көрдө. Тыыннаах ким эмэ баар ини. Көрдөөн көрүөххэ. Онтон ыла тугу да өйдөөбөт. Госпитальга үс ый сытта. Хаҥас илиитин улахан уонна ыйар тарбахтара суохтар. Ол дэлби тэптэриигэ хааллахтара. Госпитальга туран хаамар буолаат, үрүҥ халааттаах литовка кыргыттарга көмөлөспүтүнэн барбыта. Ньукулай аҥар илиитинэн, арааһы бары көтөхсөр, киллэ́рсэр-таһаарсар.
…Ньукулай сиэнэ кыыс эһэтэ параакка кэтэр көстүүмүн таһааран ыраастаан, суотканан сотон сурдуҕатар. Болҕойон уордьаннары-мэ́тээллэри сотор, илиитинэ́н имэрийэн көрөн. Кини санаатыгар элбэҕэ да бэрт курдук.
Маҥан сорочка, хара хаалтыс барыта ыраастар, өтүүктээхтэр, бэлэм буоллулар. Сарсын сарсыарда стадиоҥҥа эһэтэ атын саллааттардыын парадка хаамыа. Намыһах уҥуохтаах эт лысхаҕар оҕонньор, ол күн үрдээбиккэ дылы буолар. Дьон быыһыттан үөһэ олорон оҕо эһэтин көрдөөн булан далбаатыыр.
…Киэһэтигэр саҥа буспут эттээх бэрэски ууруллубут иһитин тула олорон ону-маны кэ́псэтии, үксүн Ньукулай эдэр сааһын саамай үгэнигэр ааспыт уоттаах сэрии кэмиттэн биир эмэ түгэни кэпсиир.
…Онтон бүгүн тоҕо эрэ төннөн кэлбитин туһунан кэпсээтэ. Кыыс истээри чугаһыы сыҕарыйан, эһэтин иннигэр тэриэлкэҕэ биир бэрэскини ортотунан быһан уурда.
Ньукулай тутан эргитэн көрөн баран төттөрү уурда.
-Дьэ төннөн кэлиибэр, ааммын аһан киирээт оҕолорбун көрдөөтүм. Улахан кыыһым Мааса бу кыҥнайан турар. Кубарыйа ыран сууллуох айылаах. Аанам дьиэҕэ баара биллибэт. Сэмэн уол хотонугар барбыт. Кураанах остуол, иһэ кураанах мас ыскаап, куруук көһүүгэ сылдьаннар кыыкыныы кыҥнайбыттар. Муннукка турар курдаах сундуук бөгдьөйөн олорор. Иһин арыйан көрдүм илбирийбит таҥастарыттан ураты аҕыйах кинигэ кумааҕы сыыһа баар. Онон бүттэ. Сыбах оһох үрдүгэр тооромос лэппиэскэ оҕото сытар. Билиитэ барбах сылаас. Хараарбыт тимир чаанньыктан куттан ыймахтаатым. Уонна лах гына олоро түстүм. Суоппуйа диэн биэстээх оҕо хаалбыта өлөөхтөөбүт. Былырыын көмпүттэр. Сарылаччы ыытаары гынан баран, кыыспын куттуом диэн нэһиилэ туттуннум. Муҥнааҕым Маасам куоҕаҥнаан кэлэн көтөхтөрөн кэбистэ. Оҕобунаан көтөхсөн олорон саҥата суох ытаатым. Кыыспын кэтэҕиттэн сыллыыбын. Билбэт киһитинии кыбыстаахтыыр .
Аара Моой уола көрсөн өрүсүһэн кэпсии охсубута дьонум хайдах олорбуттарын. Ол кэннэ испэр туох иһин сэриилэспит киһибиний диэн ыйытар этим бэйэбиттэн. Ол эрэн сэбиэскэй былааспын көмүскээтэҕим диэн уоскутунар этим.
Ньукулай олорбут олоҕор ыалга иитийэх барбыт, ийэ-аҕа тапталын билбэккэ улааппыт буолан, оҕолоругар, сиэннэригэр үлэтинэн, майгытынан, иһирэх сыһыанынан тирэх буолан олорор. Чаҕылхай күннээх халлаан сырдаан, киһи эрэ үөрүөх сылаас күнэ-дьыла, үөрэ́ниэххэ, үлэлиэххэ үчүгэй сэбиэскэй кэмнэр тураллар.
Ыам ыйын тохсус күнэ!!!
Ону кыргыһыыга олохторун толук уурбут э́һэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт атын элбэх ахсааннах аймахтарбыт аҕалбыттара.
Элбэх оҕо эһэтэ, хос эһэтэ, хос- хос эһэтэ Тумусов Николай Андреевич – младшай сержант, хорсун саллаат сырдык кэриэһигэр ананар.
Наталия Дордо