Дьэ, чахчы номоххо киириэх киһи эбит

Мин таайым Дмитрий Афанасьевич Степанов сэрииттэн хараҕа суох буолан кэлбитэ. Аҕыйах кэмҥэ алтыспытым. Сөҕөрүм элбэх этэ. Детдом ииппит оҕото убайдардаахпын алтыс кылааһы бүтэрэрбэр билбитим, эгэ, аймахтарбын билиэм дуо? Кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт киһи аймаҕымсах буолар, тэхтиргэ тэбиллэн, кэнтиккэ тэптэрэн, барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолан быыһата- абырата таай Миитэрэйи булар санаалаах кини олорор дьиэтин көрдүүргэ күһэллии буолла.

Ити, ааспыт үйэ 80-с сылларын чугаһа, инньэ халлаан сылыйыаҕыттан киин куораты булан арыгыны кэтэн авиапорт, речпорт, автовокзал дьиэлэригэр хонуктаталаан, ардыгар саҥа тутулла турар дьиэлэргэ саһан киирэн түүнү атаарыы,  күнүскү өттүгэр куораты кэрийэн арыгы иһээри быыһы-хайаҕаһы тиҥсирийии, быһата, ыт олоҕун олоро сылдьыбыттаахпын.

Оччотооҕу “Туймаада” маҕаһыын кэннигэр турар таас дьиэ үһүс этээһигэр ханнык эрэ кыбартыыраҕа ыйдаран тиийэн, звоногу баттаатым, аан нөҥүө кыыс саҥата чаҕаарар, ону туох диэмий? Онтон, нүдьү-балай: “Ээ, мин”,-диир киһи буолан биэрдим. Аан тэлэллэ түстэ, улаатан эрэр кыыс оҕо соһуйбуттуу, ыйытардыы көрүөҕүнэн көрөн турар. 

– Таай Миитэрэй баар дуо?-хараҕа суох киһи ханна барыаҕын, аны санаатахха, ааргы ыйытыы буолбут.

-Аҕаа, эйиэхэ кэллэ, -диэт кыыс элэс гынан хаалла. Куукуна диэкиттэн : “Кэл, кэл манна,-диэн саҥа иһилиннэ. Тиийдим, бэйэбин билиһиннэрдим. Саҥаҥ убайдаргар майгынныыр, быһыыҥ-таһааҥ ийэҥ Татыйыыс курдуккун, эт-сиин уолан, күүс-уох мэлийбит, -диэн түмүктээтэ, тутан-хабан көрөн баран икки хараҕа суох таайым. Мин дойдулуом этэ, бу куорат диэн сирдэригэр киһи-хара буолуом суох, үбүнэн көмөлөһөрүгэр көрдөстүм, дьиҥэр, хаччы дук гынна да, булбут-талбыт аатыран, атастары кытта киһиргии- киһиргии арыгы иһэр эрэ санаалаах буоллаҕым. Таайым барахсан ону сэрэйбэтэ кэлиэ дуо? Ол күн хоннорон, ханнык эрэ аймах уолунан авиапортка арыаллатан киллэрэн, дойдубар утааран турар. Аҕыйах сылынан арыгыттан тэйэн, ойохтонон, куоракка тиийэ сылдьан таайбар таарыйбытым, кыыс улаатан “барышня” буолбут, ааны сол да кини аста, буоларын курдук эмиэ : “Аҕаа, эйиэхэ,-диэт хоһугар куймарыс гынна. Таайым ыҥырбытыгар тиийбиппэр,

-Хайа, Аркаадьыгын дуо?-оччолорго соһуйбатаҕым, билигин сөҕөбүн ээ, ити хантан миигин биллэ диэн. Чугаһаан аттыгар олорооппун кытта:

– Саҥаҕыттан иһиттэххэ, доруобуйа тупсубут, хаамаргыттан иһиттэххэ арыый да эттэммиккин. Кэпсэтэ түһэн баран лааппыга ыытта, онно, бэлиэтии көрбүтүм харчы номиналын тутан көрөөт хастаах солкуобай буоларын тута этэр этэ. Ас-таҥас сыанатын эндэппэккэ билэ олороро сөхтөрбүтэ. Киэһэ, утуйарбар эппин-сииммин тутан-хабан көрөн баран: улахан ыарыы суох эбит, илииҥ, атаҕыҥ тостубуттара бэккэ оспуттар, оройгун хайа охсубуттара сааһырдаххына төбөҥ ыарыытынан биллэриэҕэ, мантан антах арыгы испэтэххинэ, ытык сааскар тиийиэҕиҥ,-диэн түмүктээбитэ.

Убайдарым кэпсииллэринэн, дьону эмтиир эбит этэ, дьиэтигэр эр киһи үлэтин барытын оҥорор эбит, ойоҕо эмиэ хараҕа суох, Тааттаттан төрүттээх эмээхсин этэ. Хомойуох иһин, ол икки сырыыбынан кинини кытта билсиим муҥурдаммыта.

Аркадий Уйбаныап, Үөһээ Бүлүү олобура