Бэриллэр ураҥҥын харыстаа, баһаамы ылбыккын ытыктаа. Күлүмнээн сардаҥа ыһыллар ытыскар көмүһүн тэйитэр.Айылҕа биир дьикти түгэнин, тохтото тутаҕын түөскэр сыһыары…Таах олоруохтааҕар онно-манна уруккуга-хойуккуга тугу көрбүппүн кумаахыга тиһэбин Кинини оҕо эрдэхпиттэн көрөн билэбин. Ороддуомтан “атастыһыкка” кэлбит диэн истибитим.Бутуйаа эрдэхтэрэ.Ким аймаҕа буолара биллибэт, тыла суох киһи суос-соҕотох бэйэтэ пиэримэ хайа баҕарар муннугар өрүү баар буолара.Сирэйэ-хараҕа “атын эйгэлии” бааһынайдыҥы.Халыҥ тэллэйбит уостаах, араҕас арылхай харахтаах, хойуу хаастаах хоп курдук ньуурдаах уола хаан Силиппиэниҥ. Сайылык буоллун, кыстык буоллун бэйэтэ хостоох. Ардьаҕар ааны арыйан киирдэххэ, хаптаһын наара ороҥҥо таҥаһын дуома эриллэ сытара.Баньыара оҥоһук ыскаап дуомуттан сабыс-саҥа аккардион хостоон туналы маҥан “тиистэригэр” уһун сымса тарбахтарын сүүрэлэтэн, сороҕор уһун киэһэлэргэ “туу-тут-туу туу-тут-туу-уу уу” диэн ырыатын тардан кэбиһэрэ.Өйдөөн көрдөххө,иэйэн-куойан сирэйдиин сырдаан олорон ыллаатаҕына лаампа уота кытары эйэҥэлииргэ дылыта.Сороҕор чыпчылыҥнаан да ылара.Мойтохоон Силиппиэн диэн икки ааттах курдуга да хайата эрэ араспаанньа буолаа эрдэҕэ.Хоһун иһэ хоп курдук хомуллуулаах, онон онтун-мантын отой тыыттарбат этэ.Сэҥээрэн туох эмэ дьикти соҕус тэрил баарын тутан көрүөхпүн баҕардахпына.”Түөтүр акаары өөх ыммыт” диэн ыытара.Аҕабынан суустуура.Онон-манан ойдом-сойдом саҥарсан өйдөһөр этибит. Хамнаһын солкуобайдааҕынан ылгын чыҥыйа халыҥа саҕаны ылан “байан” олороругар түбэстэххэ, “аччы эппээх-эппэх”диэччи уонна “Ыккаан –ыккан кыыс акаары”диэтэҕинэ өһүргэниэх курдук буолан истэхпинэ,солкуобай уунан соһутар этэ. “Аһаа,ыккан аһаа, Түөтүр акаары” диэтэҕинэ соһуйар буоларым.Өссө киһиҥ атын киһи итэҕэһин болҕойон көрөрүн дьиктиргиирим.Ол саҕана аас-туор олох миэхэ баара, даарымса интэринээт оҕотобун.Таҥас-сап мөлтөх сордооҕо этим.Соҕотох аҕабар “иитиллэ” сылдьабын…Чэ,сити курдук Силиппиэнниин элбэхтэ биир пиэримэнэн онон-манан эдьиийбэр оҕо көрөөччү аатыран сырыттым эрэ, сырыппатым эрэ.Сайыныгар моторуоллар бирилэтэ-бирилэтэ тэлээрдэн иһэрин көрдөпүнэ айахпын ата-ата одуулаан хааларым. .Кыһыныгар Чочу күөлүн чоруун тииттэрин быыстарынан,сыарҕа аты көлүйэн сырылатар,сыыдам сырыылаах Силиппиэн этэ. Суол нэлэһийэр киэҥинэн сыарҕатыгар туран эрэн, бу халыһытан кэллэҕинэ нэһиилэ куотан биэрэрбит. Өссө “уолуҥ” атын тэһиинин үрдүгэр эргитэн ыла-ыла атын эбии таһыйан биэрэр уонна күлэн бүүс бүтүн тиистэрэ килээриҥниир…Хаар бурҕаҥнааһына, хаһыы-ыһыы, ол быыһыгар күлэн сатарытыы бөҕө түһэрэрбит аны кэлэн санаатахха күндү да эбит. Сайылык кытыанын-сэппэрээгин сыттаах сыыс отун быыһыгар дыгыйа хаамар Татыйаас “эдьиийбит” эбэн кэпсээтэххэ, бэйэтэ бэһиэлэй дьахтар.Хантан ылбыта буолла, дьэ, кимиэхэ да суох “аатырбыт” арбайа сылдьар өссө эбиитин орҕойо сылдьар баттахтааҕа.Куудара да куудара. Билигин сэттэтэ да эриниҥ итинниги ситиһиэххит биллибэт. Арай Анджела Дэвис барса сыһара дуу?. Аны хараҕын эттэххэ аҥыы да көрдөр, бэрт эйэҕэс эрилкэй этэ.Дьаһаллаах ыраас туттуулааҕа.Куруук үлэ оргуйар үөһүгэр сылдьара. Бу дьонуҥ бииргэ түбэсиһэн үлэлии сылдьалларыгар сайылыкка-кыстыкка каникулбар кэлэн аҕабар сынньана сытан, таарыйа элбэхтэ чэйдэрин исиһэн, лэппиэскэлэрин сиэһэн турардаахпын.Сороҕор дьээбэлэһэн ыскайданан туран кэлээччилэр.”Тох-тох” бөҕө түһэрэллэр.Ол саҕана тугу этэллэрин билэр суох. “Баххаххаах” “тох-тох” бөҕө буолаллар. Хайа омук саҥата эбитэ буолла? Уонна быара суох бараллар. Тула сылдьаачы дьахталлар “тууһаан” биэрэллэр “Ойох ыл” дии-дии ыххайаллар.Силиппиэн “ойох” диэн тылы иһиттэ да, таһырдьа ыстанара.. Былыр үйэҕэ “суола” сойбута эрэ баар буолааччы….Татыйаас баттаҕа орҕойон, айаҕа оҥойон күлээ олороро, күлүккэ түспэккэ билигин да күндү. Татыйаас баттаҕын туһунан өссө да кэпсэниллиэ …Силиппиэн ынах хомуйан, Татыйаас күөрчэх ытыйан сайылыкпытын иччилээн ыллаан-туойан эйээрэн, күлэн-салан күһүгүрэһэн, мин аҕам от мунньан үйэ биир муннугар кэлэн аастахтара…Барҕарыан баҕарбыт баттаммат бараммат халлааныҥ анныгар, баарыстаах байҕалыҥ уутугар быстала-төтөлө уоҕугар уйдаран уһуннук айанныыр. Барҕарыан баҕарбыт быстыбат…тыыннаахтар умнубат үөстээхтэр, өлбүттэр өһүрбэт эбиттэр.
***
Чуумпуга тыас-уус
Биллибэтинэн- көстүбэтинэн ойуур иһэ күн аайы уларыйар-тэлэрийэр.Көрөр хараххын бүгүн үөрдэр,сарсын хомотор.Халыҥ тыаҥ хатар-куурар,таммалыыр ууннан ыһыахтанар.Тыалын-кууһун хайысхатын лабаатынан уоскутар.Кини эйиэхэ кыһаллар,киһи оҕотун араҥаччылыыр.“Бэллэ чао, о бэллэ чао,чао- чао”.Киэҥ арылхай хараҕынан үөһээ халахтаан.айаҕын муҥунан ырыа тылын бэйэтэ билэринэн, хайдах сатанарынан түһэрэн ыллыы истэ.”Эмэрикээн” Дин Рид ити ырыаны бэрткэ да ыллыыр.Бу “эмэрикээн” диэн эбэтэ туттар тыла.Киһи истибэтигэр Омуос уолчаан оччойо-оччойо ыллаан эйээрдэ, хара-бараан сирэйэ хаары тэйитэн сырдаан иһэр. Кыһыҥҥы кылгас күннээх халтаҥ ойуурга ырыа дуорайан, ас көҥдөй мас аайы охсуллан, тэтимэ кэҥээн хайа да алаас уҥуор иһиллиэх курдук. Били эбэтэ этэринэн Саар ыаҕаска тэҥэ суох сананан иһээхтиир. Ойуур баар киһини абылыыр –угуйар араас кыыллар- көтөрдөр сиринэн сыыллар үөннэр – көйүүрдэр уутугар балыктар барыта кини санаатын иһинэн. Билиҥҥитэ уол “улахан” булчут буолбатах. Сайыҥҥы сынньалаҥар моҕотойу, дьабарааскыны бултаспытын аахпатахха, онтон уратыны бултаһа илик. Биирдэ куобаҕы куоттаран турардаах. Ол маннык этэ. Кыһын кыс хаар түһэн, кыра кыыл сүүрэр – көтөр суола бу тыргыллан олороро. Онон –манан орох охсон сыбыытаан талаҕы- кытыаны тырыта-тыытан ыстаҥалаһан ааһаллара.Куобах оҕото субуллар солоҥдоттон куттанан титирэстээн ыла-ыла хаары хаһыйан мулукуччутара. Хаппыт оту- маһы кэбийэн көрөөт чөрөс гына түстэ.Омуос хамсаабакка тура сатаата. Куобах чугаһаан кэлэн быччаччы көрөн турда.Алҕаска үктэнэн турбут хаппыт амынньыара тостоотун, куобахчаан суола түргэнник үлүгэрдик “сойдо” этэ. Уол уоскуйа түһэн баран, хата өлөрбөтөҕүттэн үөрүөх санаата кэлбитэ… Халҕаһа курдук үҥүү, куйах тутан үтэн киирэн иһэр сэрииһиттэргэ майгынната көрөн халыҥ хара тыаны хайгыы көрө турда.Бүгүн ыраатар санаалаах хааман иһэр. Тииттэр быыстарыгар “бухатыыр” мас хайаан да баар буолар. Бу сырыыга бүтүннүү дьолоҕос, үрэллибэт үгэс ким эрэ “диэтэ” баҕар “дыбарыаһа” хантас гыннахха хаардаах лабаалаах кырдьаҕас тиит мас турар. Таһыгар тохтоон сынньанан ааһаары Омуос “ырычааҕын” ити эбэтин үтүктэн ааттыыр дьүһүнэ түһэрдэ. Сүөрэн аҕыйах ас дуомнааҕын ороон аһаабыта. Молоҕор сирэйэ оҕо саас мичээринэн туолан халлаанын хантайан көрбүтэ – чаҕылыйан күн да күн. Бу олорон ордугу булбукка сананан ойуур тыаһын- ууһун сөҕө махтайа истэр.Хараҕын симэн ханан эмэнэн ырааҕынан торулуур- тырылыыр хардьыгыныыр- хайыттар сороҕор эмиэ “ээх –ээх” дииргэ дылы сороҕор эмиэ “суох-суох” дииргэ дылы мас төбөтө салгыны хаһыйарын “кыыхык- хаахых” тыаһы дьиктиргээн иһиллиир. Күн сирин күчүмэҕэй олоҕун билсибэтэх уолчаан айылҕа аата –ахсаана суох тыаһыттан- ууһуттан улуутуйар сир-дойду хаххаланан турар халыҥ ойууругар иһийэн,ичигэс салгын күөгэйэр томоонугар тыыныр- тыыннаах нуудара ойуурун сөбүлээн үөскүүрүн көрдөр –иһиттэр сир үрдүгэр мантан ураты кэрэ туох эбэтэр ким баарый дии саныыра чахчы. Синньигэс талах салгыҥҥа талбааран көтөр күүгүнээн иһэрин иһиттэр имиллэҥнээбитинэн барар.Манна мас көтөрө элбэх буолааччы. Уол устубут “ырычааҕын” хаба тардан ылаат оп- чоллоҥ чуубурҕаабыт чуумпу ойуур иһин аймаан эмиэ “Бэллэ чао. Оо, Бэллэ чао”- диэн бэйэтэ хайдах сатанарынан сөбүлээн ыллыыр ырыатын түһэрэ-түһэрэ ,истээх эбэтэ тикпит халыҥ ыстааннаах бээгэй атаҕын анныгар ытыллар чараас хаары оймоон,ойуур иһигэр тэлэгириэйкэтэ бөгдьөйө-эриэннэн, куобах бэргэһэтэ ыраахтан көрдөххө чөҥөчөк хаарыгар буккулла, биллибэккэ-көстүбэккэ хаарга баһыйтаран сүтэн хаалла….Халыҥ хаардаах томтор үрдүттэн бэлтэйбит күн үөрбүтүнэн төкүнүйэн түһэн иһэргэ дылыта.Уол оҕо чороҥ соҕотох ыллыкка туруоҥ.Хаар анныгар хорҕойуох бэйэм кэмниин тутуһан эрдийиэм.Кыырпаҕы эргитэ ытыйан кыһыҥҥы ойуур дьиктитиэн.Кэтэһэн туран ордугургаан, хам тутар бэтиэхэ санааны хойуолуу оонньотон эрдэҕим…
***
Тиэрбэс хараҕа
Кураанах хаппыт буорга биир эрэ харах уута түһэр,сир оборор угуттанар,үнүгэс умнаһа быгар ситинник олоҕуҥ эргийэр Аан дойду аһаҕас халааныгар ситэ сириэдийэр,баараҕай чэлгийэ үүнэр тиит маска кубулуйар.Чуумпуга саҥаны,эппэтэх эйгэни,сыппахтаах сайыны эһигини эмиэ чуордук истэбин. Ардахха илийэр айылҕа эйгэтин арааран көрөн баччаҕа кэллэҕим.Түгэн өйүм төрүт дойдубуттан тэйэ илик,тиэрбэс хараҕын оннуттан хамсатан киирэн-тахсан бүт эрэ…Аныгылыы аһыллар-сабыллар хайа да тымныыга-бытарҕаҥҥа тоҥмот куруук килээркэй түннүкпүнэн куруһуба түүл нөҥүө,уруккубун одуулуу-ахта онолуйа олоробун.Киэҥ иччитэх тиэргэн ортотугар хаһан көрдум этэй,хаппыт маска тэлибириир биир сэбирдэххэ таммах уу күҥҥэ кустугу ыһарын,атыттара эбирдийэн сиргэ түһэн сыталларын. Кып- кыараҕас эргэ сүүс сыл анараа өттүгэр тутуллубут дьиэни,аҕалара бэйэтин эһэтин сайылык алааһыттан көһөрөн аҕалан оҥостон олороллор.Хотоҥҥо тахсар аанын түннүккэ кубулутан күнү киллэринэн күнүстэрин сырдатыналлар.Тоҕо эрэ үс кыараҕас түннүгэ хоту хайысхаҕа хаалбыт,биирин бүөлээн сытар сир оҥостубуттар. Хайдах көһөрөн аҕалан туппуттарын көрбөтөхпүт.Муостатын анныгар буор кутаары көтүрэ сылдьалларыгар түбэһэ көрөн сөҕөн турардаахпыт. Саастаах соҕус маһы ортотунан хайыта суорбуттара дьэ халыҥ “хаптаһын” этэ.,онон бу отой былыргы тутуу буолара “дакаастанан” турар.Дьэ,бу дьиэ иһигэр иллээх бэйэлээхтик тэбис-тэҥник тутар-хаптар, мөссүөннүүн, сороҕор кэтэр таҥастыын кытары майгыннаһар тоҕус кыыс аҕалара “оҕонньордуун” олороллоро.Бычаа Бүөтүр аҕа дойду сэриитигэр сылдьыбыт туоһутунан истиэнэҕэ улуу Күн Ыстаалын араамалаах хаартыската уонна тоҕус мэтээлэ истиэнэни киэргэтэн ыйанан тураллара.Киирбит киһи хараҕар бу ыал олус ыраастык туттан олороллоро быраҕыллара. Улахан киппиичэ оһох дьиэ ортотугар лаглайан өһүөнү өйөөн өгдөллөн турара.Саҥардыы испиэскэлэммит курдук куруук кылбаа маҥан буолааччы. Мин таһынааҕы ыаллара кыыс күҥҥэ элбэхтэ сыбыытыыбын, саҥа таҥас кэттэрбин киирэн көөчүктүүбүн.Онно ким да отой кыһаммат.Улахан эдьиийдэрэ Лаандыс барыны-бары сатыыра килиэбинэн кыбаас оҥороро.Оҕолор күҥҥэ биирдэ иһэргэ тиксэн үөрүү бөҕө буоларбыт.Сороҕор иистэнэн “Һиингэр” массыынаны тырылатан үксүн өрөбүл күннэрин барыыра.Сап буллар балыстарын, араас таҥаһы баайан эрийэ-тутан таҥыннартыы сатыыра.Аан айаҕар кэчигирээн турар элбэх олооччу-молооччу этэрбэс үксэ кини тигиитэ этэ.Иистээх кыыс диэх курдук бэйэтэ эмиэ хоп курдук сөрү-сүбү оҥостон кэтэн турара бу көстөр, ардыгар ымсыырар этим. Бу дьиэҕэ киирдэхпинэ тахсыахпын баҕарааччым суох. Бары чуумпу баҕайытык сылдьан иһирдьэ- таһырдьа дьиэ үлэтигэр түбүгүрэллэрэ.Киирэн кэллэххэ, аҕалара күнүс утуйа сытар буолара. Онтон туран суунан-тараанан сопхуос хонтуоратыгар “тэп” гынан хаалара.Кини сопхуос улахан хотонугар от киллэрээччинэн үлэлиирэ. Хаалбыт оҕолоро ким уруок ааҕар, ким оонньуур, ким сууйар-тарыыр, ким уруһуйдуур, ол быыһыгар ардыгар саа ыраастыыр, бэрийэр кыыс баара сөхтөрөрө, дьарыктара араас.Хайа да күн киир, кинигэ ааҕан чуумпуран иһийэн онон-манан кыбыллан олороллоро. Кыра саастаахтарын онон-манан куучара-кугас төбөлөөхтөрү, мулугур атахтаах-илиилээх таҥастаахтары холбоон аахтахха уон икки киһи.Куруук биир санаа үүйэ тутара, хайдах бачча кыра дьиэҕэ батан, сытан-олорон сылдьалларын. Бу иллэрин. Ийэлэрэ суох соҕотох аҕа оҕолоро. Оҕонньор дьиэ иһигэр “бочуокка” сылдьара харахха быраҕыллара.Киирэн кэллэ да таҥаһын ылан ыйааччы, сүүрэн кэлэн көтөхтөрөөччү, чэй кута охсон биэрээччи, барыта тус-туспа. Аҕаларын “аҕыс аҥы” бүөбэйдииллэрэ…Сыл хонук ааһан, оҕолор тарҕаһан,билигин тиэргэннэрэ отунан үүнэн турарын түннүк нөҥүө көрө олорон, оҕо сааһым доҕотторун тоҕус кыыһы уонна кинилэр аҕаларын санаан куруук үөһээ тыынабын.Барыкка- сарыкка саһан олорон ончоҕо ойдубут ой баһын көрөбүн. Хааҕыргыы-хааҕыргыы халаахтыыр хара турааҕым хаарга олорор.Хам барбат айаҕар хам ытырбыт тумсугар туора туппут аһын ханна баран хабыалыаҕын харалҕан хараҕынан көрдүүр.Үөһээ көтөн тахсан ончох үрдүттэн баарбын билээри өҥөйөн көрөр… Ол эрэн ойуур тыаттан хараҕы араарбакка одуулаатахха өрөһөл үрүҥ күн үчүгэйин оҕотуун.Тобулута охсуллан тостубут мутуктан көрөргүн тэйиттэххэ тэйэр кыһыл күн кылгаһын эбитиин.Оччоҕо ойбон хараҕын оймообут оҕо сааһым ойон тахсан ойуоккалыыр.Кэрэ кэмнэрэ кэккэлиир, кэрдиис тиистээх кэлим олбуорга “онтун –мантын” кистиир.
Дордо