Цеолиттарга хаалбыт ыра санаа

(ыстатыйа)

Саха Сиригэр Сунтаар оройуонугар, муҥура суох тайҕа уонна ыраас өрүстэр быыстарыгар сир ураты баайа — цеолит баар. Ыраастыыр, көмүскүүр, олоҕу биэрэр кыахтаах минерал. Степан Михайлович Иванов эмиэ оннук этэ, кини аатын билигин “Кыһыл Көмүс бөрүө” куонкурус сүгэр. Кини олус эрдэ, 59 сааһыгар, бэйэтин кэнниттэн аҥардастыы үтүө өйдөбүлү эрэ буолбакка, кинини билэр дьон сүрэхтэригэр олохсуйан хаалбыт, туолбатах ыра санааны хаалларан барбыта.

Улахан ыал Аҕа баһылыга

Күндү киһилэрин, улахан дьиэ дурдатын-хаххатын туһунан Степан Михайлович улахан кыыһа Елена Степановна Амонова (Иванова) маннык суруйар: «Аҕабыт Иванов Степан Михайлович кэргэнинээн Иванова Светлана Дмитриевнаны кытары 1988 с. Сунтаарга ыал буолбуттара. Светлана Сунтаардааҕы оҕо библиотекатыгар үлэлээбитэ быйыл 45 сылын туолар. Күн-күбэй ийэбит Светлана Дмитриевна СӨ култууратын туйгуна, амарах аҕабытын кытары 35 сыл бииргэ олорбуттара.

Улахан кыыс Амонова (Иванова) Елена Степановна Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинин маассабай тэрээһиннэргэ режиссера, СӨ култууратын, ыччат бэлиитикэтин туйгуна, 4 оҕолоох. Улахан  оҕото уол (бастакы сиэн) Айсиэн Казахстан сиригэр Туркистан куоратыгар туризм салаатын 2-с куурсун устудьуона. Аҕабыт, эһээбит Сунтаарга бастакынан туризмы киллэрбитэ. Сиэнэ бу эйгэни сайыннарыа диэн эрэнэбит, баара буоллар наһаа да үөрүө этэ… 

Иккис кыыс Иванова Обоева Варвара Степановна Дьокуускай куоракка ыал буолан олорор. «Гарантинфо» хааччахтаммыт эппиэтинэстэх тэрилтэ атыы салаатын салайааччыта,  2 оҕолоох. Улахан уола Тен Дархан (иккис сиэнэ) Үөһээ Бүлүүгэ МЧС үөрэҕэр олус ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар, 1 куурус устудьуона, “Профессионалы-2025”  күрэх сүүмэрдиир түһүмэҕэр талыллан кыттыыны ылбыта. Дархан эһээ оҕото этэ. Ийэтэ үөрэнэ барбыт кэмигэр 6 ыйыттан ийэбинээн иккиэн көрбүттэрэ, Үөһээ Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьарыттан бары олус үөрэбит. Дархан көрүҥүнэн да эһээтигэр олус маарыҥныыр.  

Иванов Михаил Степанович – саамай кырабыт, соҕотох уолбут Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр звукооператор, светооператор уонна звук үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрэн, олус ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

Аҕабыт туох баар кинигэлэрин барытын мунньан, ийэбит дьиэтээҕи библиотека оҥорбута. Кини тутта сылдьыбыт маллара: илдьэ сылдьыбыт суумкалара, остуолугар турбут статуэткалара, ыстарына сылдьыбыт парфюма, уруучкатыгар тиийэ барыта бу библиотека хоһугар ууруллан тураллар. 

Паапабыт куруук икки суумка кинигэлээх сылдьар этэ, ханна да сырыттар, барытыгар кинигэ тутуурдаах буолара уонна кини кэлбитэ парфюмун сытыттан ыраахтан биллэр этэ, паапа кэлбит диэн буолара… Куруук кэһии бөҕөлөөх кэлэн, дьэ барытын биир-биир суумкатыттан омуннаахтык хостуур этэ ))).

Аҕабытын, дедабытын наһаа суохтуубут… Маҥнайгы кылааска үөрэнэр орто сиэнэ Джулиана билигин да дедам хаһан кэлэрий диэн куруук күүтэр,  наһаа ахтабын диир… Аҕабыт аатын иһиттибит эрэ харахпыт уута бу тиийэн кэлэр, билигин да кини суоҕун сатаан ылыммакка сылдьабыт. Кини суох буолуҕуттан бары соҕотохсуйан, дьиэбит кураанахсыйан хаалбыт курдук… 

Төрөөбүт дойдутун дьонугар бу курдук үрдүк таһымнаах күрэҕи тэрийбиттэригэр ис сүрэхпититтэн махтанбыт. Паапабыт барахсан Үөһээ Бүлүү буоларыттан наһаа киэн туттар этэ.  «Биһиги буо, Үөһээ Бүлүүлэр», — диирэ…

Степан Михайлович үчүгэй кинигэ курдуга

Степан Михайлович профессиональнай эйгэҕэ коллегаларын уонна селькордары кытта киһилии, табаарыстыы сыһыаны өрө тутара. Бастаан киһини, онтон эрэ үлэһити көрөрө. Бу киһи уйулҕата хайдаҕын интэриэһиргиирэ, дьиэ кэргэнин дьоһун суолталаах түгэннэрин өйдүүрэ. Киниттэн үлэ эрэ тула буолбакка, тус олоххо сүбэ-ама көрдөһүөххэ сөбө. Арай биирдэ дьиэ кэргэммэр суһал наада үөскээн, Москвалыыр наадата тирээн кэлбитэ. Маныаха Степан Михайловичка киирэн, туох буолбутун кэпсээн биэрбитим. Киһим тута: «Итиччэ кыһалҕалаах эрээри тоҕо эппэккэ сылдьаҕыный? Ыл, сибилигин сайабылыанньаҕын суруй, мин кэлэ-бара бырайыаскын тэрилтэҥ уйунарын курдук визалыам. Хаһыаты хайдах эмит таһаарыахпыт. Эн, саамай сүрүнэ, наадаҕын олоччу ситиһэн баран кэлээр», –  диэн бастаан сэмэлээбитэ, ол кэннэ тута суолбун ыйан биэрбитэ. Бу иннинэ Степан Михайловичтыын үлэттэн сылтаан өйдөспөккө сылдьыбыппыт. Мин оччолооҕу истэн баран санныгар төбөбүн ууран олорон маккыраччы ытаабытым, бырастыы гыннарбытым. Киһим аҕалыы төбөбүн имэрийэн баран сыллаан ылбыта уонна ол курдук алҕаан ыыппыта. Москваҕа сырыттахпына туох-хайдах сылдьарбытын ыйыталаһара, ыксал буоллаҕына наадалаах дьону сыһыарыам диэн сүрдээҕин санаабын көтөҕөрө. Ол да курдук, барыта сатанан, тиийээт, үс хонук иһинэн туох баар кыһалҕабытын быһааран, дойдубутугар этэҥҥэ үктэммиппит.

Коллективка хас биирдии үлэһити өйүүрэ уонна көмүскүүрэ. Алҕас тахсар түгэнигэр бастаан быһыыны-майгыны ырытара, көннөрөргө кыах биэрэрэ. Ол курдук, тэрилтэбит иһигэр мунньахтаатахпытына салайааччы быһыытынан бастаан ыарахан боппуруостары быһаарыыга эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынара, хамаанда иһигэр сыыһаны-халтыны ыйан туран, аһаҕастык ырытара. Уустук сорудахтары тоҕо эрэ миэхэ салайарыттан олус абарарым, кэлин санаатахпына ыарахантан, эппиэтинэстэн толлубат буоларга үөрэппит эбит.

Степан Михайлович үлэлээбит, сайыннарбыт хайысхата элбэҕэ бэрт буолан,  уопутун ис сүрэҕиттэн үллэстэр, сорохтор курдук кистии, көҥөнө быһыытыйбата. Тулалыыр дьоҥҥо потенциалы көрөрө уонна үүнэр кыаҕы биэрэр. Миэхэ элбэх кинигэ электроннай версиятын ыытан аахтарбыта, кэлин ол кинигэ туһунан элбэҕи кэпсэппиппит, ырыппыппыт. Хамаанда ситиһиилэннэҕинэ бэйэтэ ситиспит курдук үөрэрэ. Ол курдук, 2019 с. Бүтүн Россия үрдүнэн «Бастыҥ этническэй хаһыат» куонкуруска кыттыҥ диэн оччолорго Саха сирин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкарева этиитин ылынан, ирдэнэр докумуоннары кытта сайабылыанньаны толорон ыыппытым. Онно 2-с миэстэни ылбыппытыгар, оо, үөрбүтүөн! Бу туһунан улуус салайааччыларын бөлөҕөр тута ыытан, эҕэрдэ бөҕөнү туппутум. Итини сэргэ эппит тылын хайаан да тутара. Хайа эмэ боппуруоһу быһаарарга эрэннэрдэҕинэ — кыаллары барытын оҥороро.

Онтон үлэҕэ киирдэххэ, олус кытаанаҕа, ирдэбиллээҕэ. Мөлтөх хаачыстыбалаах үлэни кытта олох эйэлэспэтэ. Хас биирдии тиэкис тылыгар, версткатыгар, чахчы кырдьыктаах буолуутугар кытаанахтык ирдэбили туруорара.  “Үлэҕэ-хамнаска тиийиэххэ диэри үтүө майгылаах”, – диэн кини туһунан этиэххэ сөп. Дьалаҕай буолууну, сыыһа-халты туттууну утаран, принципиальнай, кытаанах кэпсэтиини ыытара. Эппиэтинэһи хас биирдиибититтэн ирдиирэ. Хайа баҕарар сыалы ситиһиэх иннинэ Степан Михайлович соруктары, болдьоҕу, стандартары чуолкайдык туруорара. Убаастанар биричиинэтэ суох ону боруобаҕа толорума эрэ —  кини итэҕэлиттэн таҕыстаҕыҥ ол.  Суобаһын кытта хаһан да, нууччалыы эттэххэ, «сделка» түһэрсибэтэ, сибилигин барыһырар туһугар сиэр-майгы нуорматын хаһан да кэспэтэҕэ. Хамаандаҕа бу эрэллээх буолууну, профессиональнай киэн туттууну үөскэтэрэ.

Степан Михайлович кириитикэтэ хаһан баҕарар предметнэй уонна конструктивнай буолара. Киһини намтапакка эрэ чопчу итэҕэстэри уонна ону быһаарар суолу кэбэҕэстик ыйара. Кытаанахтык мөҕүллэн да баран кинини ытыктыырыҥ ааспата, тоҕо диэтэххэ кини куруук “дьыала иһин” сылдьара. Бу түмүгэр кини хамаандата көмүскэллээх эрээри, редактордар сотору-сотору уларыйар кэмнэрин арҕаһыгар үлэҕэ ыһыктынан кэбиспэтэҕэ. Кини “сылаас, ол гынан баран дьулуурдаах” климаты үөскэтэрэ, онно үүнүөххүн-сайдыаххын, барытын үчүгэйдик оҥоруоххун баҕарарыҥ, тоҕо диэтэххэ салайааччы эйиэхэ итэҕэйэрэ, ол гынан баран биир оччону ирдиирэ кынаттыыра.
Дьиэ кэргэнигэр, бастатан туран, партнердуу сыһыаны уонна ытыктабылы өрө тутара. Кэргэнэ Светлана Дмитриевнаны кытта сыһыаннара бэйэ-бэйэҕэ дириҥ ытыктабылга олоҕурара. Степан Михайлович мэлдьи болҕомтолоох истээччи, эрэллээх тирэх буолара. Кини принципиальноһа бэриниилээх буолууга, дьиэ кэргэнин иннигэр эппиэтинэстээх уонна чиэһинэй буолууга өтө көстөрө. Маныаха кэргэнигэр буолбакка, бэйэтигэр ирдэбиллээҕэ. Эр киһи быһыытынан хааччыйыы, өйөбүл, харыстабыллаах сыһыан боппуруостарын бэйэтин санныгар сүгэрэ.  Дьиэ кэргэн доруобуйатыгар эбэтэр куттала суох буолуутугар эрэ ирдэбиллээх быһыытын-майгытын көрдөрөрө. Кини бирикээстиир оннугар кэпсэтэрин ордороро. Улахан суолталаах быһаарыылар бары бииргэ ылыллаллара, маныаха редакторскай үөрүйэхтэрэ истэргэ, компромисс буларга көмөлөһөллөрө.
Оҕолоругар авторитарнай буолбакка, аптарытыаттааҕын бары да көрө-билэ сылдьарбыт.· Аҕаларын утумнааҕын, муударайын, халбаҥнаабат өйөбүлүн иһин ытыктыыллара. Чиэс, атыттары ытыктааһын, эппит тылга туруу боппуруостарыгар мэлдьи кытаанах этэ. Ирдэбили кыһамньы биир көрүҥүн курдук көрөрө. Степан Михайлович оҕолоруттан үчүгэй үөрэҕи, үлэҕэ-хамнаска сатабылы уонна оҥорбут дьыалаларын туһугар эппиэтинэһи сүгэллэрин ирдиирэ. Кинилэргэ чэпчэки буолбакка, дьиҥнээх олоҕу баҕарара. Ыксаллаах түгэннэргэ принциптэрин киэр илгэн, оҕото туга эрэ сатамматаҕына аан бастаан көмөнү оҥорорго, көмүскүүргэ тиэтэйэрэ, ол кэннэ биирдэ мөҕөрө-этэрэ

Оттон минньигэс бэйэлээх сиэннэрин кытта үтүө, муударай сыһыаннааҕа. Били кытаанаҕа чугуйара, сымнаҕас настаабынньык эһээ буола түһэрэ.  Туох баар болҕомтотун, көрдөөх кэпсээннэрин барытын кинилэргэ аныыра,  муҥура суох таптал эйгэтин үөскэтэрэ. Сиэнэ алҕас куруубайдаатаҕына бырастыы гыннарарын күүтэрэ, эбэтигэр көмөлөһөрүгэр, саҕалаабыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэригэр үтүө холобур буолара. Ол эрээри ону итэҕэйии, тус холобур уонна уҕараабат таптал нөҥүө оҥороро. Кини принципиальноһын сиэннэрэ бытархайдарга көрөллөрө: эрэннэрдэҕинэ куруук эрийэрэ; кинигэтин болдьоҕор төннөрөрө. Сиэннэригэр личность биир кэлим буолуутун тыыннаах холобурунан буолара.

Маннык киһи – принциптэртэн турар күүстээх ис каркастаах буолар. Кини үтүөтэ – мөлтөх буолуу буолбакка, күүстээх өйдөөх-санаалаах позиция. Степан Михайлович кытаанаҕа — кырыктаах буолуу буолбакка, дьыалаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыл көрүҥэ.

Кини үчүгэй кинигэ курдук: ис хоһоонноох, чуолкай структуралаах, кытаанах логикалаах, ол гынан баран ис дууһатын сылааһынан, киһини өйдүүр айылҕатынан суруллубут. Степаны таптыыллара, тэҥнэһэллэрэ, кини санаата булгуччу ыйааһыҥҥа билигин да турар, принциптэрин хаһан да уларыппата, ол гынан баран сүрүн сыаннаһынан чугас киһи буоларын куруук өйдүүрэ.

Сир сүрэҕин көрбүт суруналыыс

Степан суруналыыс олохтоох хаһыакка суруйбут ыстатыйалара көннөрү отчуот эрэ буолбакка, оройуон пульса этилэр. Атын дьон хоччоххой чахчылары эрэ көрдүүр ыстатыйаларыгар устуоруйаны була сатаабыта: өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһар кырдьаҕастар, инникини ыралыыр оҕолор, харыстабыллаах сыһыаны эрэйэр айылҕа туһунан үгүстүк суруйбута. Бөрүөтэ чахчы “Кыһыл көмүс” этэ — наҕараадалар суолталарыгар буолбакка, тыллары дьон-сэргэ уонна былаас икки ардыгар муостаҕа кубулутар дьоҕуругар сытара.

Ол гынан баран биирдэ кини блокнотугар киһи-аймах устуоруйата эрэ буолбакка, геологическай бэлиэтээһиннэр эмиэ баар буолбуттара. Цеолит — бу дьикти минерал, вулкантан төрүттээх “таас күүгэн” – кини өйүн-санаатын олоччу баһылаабыта. Кини цеолит свойстволарын үөрэппитэ: ууну уонна салгыны ыраастыыр, почваны тупсарар, медицинаҕа көмөлөһөр кыаҕа муҥура суоҕа. “Көрүҥ эрэ, — диирэ биһиэхэ, коллегаларыгар, – биһиги атахпыт анныгар дьон олоҕун тупсарар кыахтаах минерал сытар. Булду бултааһын буолбатах, олох туһугар бултааһын”.

Дьоҥҥо итэҕэйэр урбаанньыт

Степан Михайлович көннөрү ыра санаатын эрэ өрө тутан сылдьыбатаҕа. Кини социальнай миссиялаах урбаанньыт буолбута. Үөһээ Бүлүү оройуонугар цеолитовай собуот бырайыага көннөрү бизнес-былаан буолбатах этэ. Бу экономическай көдьүүһү экологическай эппиэтинэһи уонна дьон туһугар кыһамньыны кытта дьүөрэлэһэр кичэйэн оҥоһуллубут концепция этэ. Завод хоту дойду кэбирэх айылҕатын алдьаппакка үлэ миэстэтин хайдах тэрийэр кыахтааҕын быһаарбыта, табаарыстарын кытта ол туһунан элбэхтик кэпсэтэрэ. Цеолит олохтоох тыа хаһаайыстыбатыгар үүнүүнү үрдэтэргэ хайдах туттуллуон сөбүй? Кини ыраах бөһүөлэктэргэ ууну хайдах ыраастыыр кыахтааҕый? “Сырьену таһыахпыт суоҕа, – диэн инвестордары итэҕэппитэ – Биһиги манна үрдүк эбиллибит сыаналаах бэлэм бородууксуйаны оҥоруохпут. Биһиги оҕолорбутун үлэ көрдөөн барбат буоларга, манна, бэйэбит сирбитигэр инникини тутарга үөрэтиэхпит”.

Собуоту буолбакка, кэскили тутар салайааччы

Салайааччы быһыытынан Степан Михайлович сэдэх хаачыстыбалааҕа — идея тула дьону түмэр сатабыллаах этэ. Кини салалтатынан үлэһиттэр эрэ буолбакка, биир санаалаах дьон үлэлээбиттэрэ. Хас биирдии киһини истэрэ Кини Үөһээ Бүлүүгэ офиһа ыра санаа штаба этэ. Сирдэр каарталара, технологическай процесстар схемалара, Саха сирин айылҕатын хаартыскалара элбэх буолаллара. “Көр эрэ, — диэн боруода тоорохойун илиитигэр ылара, – бу таас эрэ буолбатах. Бу кыах. Оҕолорбутугар ыраас ууну биэрэр, фермердэрбитигэр көмөлөһөр, хоту дойду сиригэр-уотугар аныгы, үрдүк технологиялаах производствоны оҥоруохха сөбүн көрдөрөр кыах”.


Ситэри суруллубатах симфония

Собуот кини тыыннааҕар тутуллубатаҕа. Кэм-кэрдии, үп-харчы тиийбэтэ, аны күүстээх ноҕуруусканы доруобуйата уйбатаҕа. Кини ааҕар-суоттуур паапкалары, чертежтары, цеолит туһунан уонча ыстатыйаны уонна кылаабынайа —бэйэтин кытта өлбөт идеяны хаалларан баран барбыта.

Бүгүн Степан Михайлович Иванов аатынан “Кыһыл көмүс бөрүө” куонкурус ыытыллар кэмигэр аҥардас талааннаах суруналыыһы, урбаанньыты ахтыбаппыт. Кэскили — тааска, кыаҕы — ыарахаҥҥа, сүрүн баайы — дьоҥҥо көрөр киһибитин ахтабыт. Степан  Михайлович олоҕо биһиэхэ оннооҕор сиппэтэх ыра санаа туһугар олоҕу да толук ууруохха сөбүн көрдөрөр. Сорох ардыгар биир киһи сырдыкка, инникигэ итэҕэйэрэ атыттарга эрэли саҕыан сөбүн итэҕэтэр сыстарыгар тиийэр. Дьиҥнээх “Кыһыл көмүс бөрүө” суруйар дьоҕур эрэ буолбакка, атыттар кыһалҕаны эрэ көрөр түгэннэригэр саҥа кыахтарын көрөр сатабыл.

Ытык Сунтаар сирэ цеолитынан билигин да баай. Ким билэр, баҕар, хаһан эрэ Степан Михайлович баҕа санаата олоххо киириэ. Оттон кини аата эмиэ кини курдук тыл күүһүгэр, идиэйэ күүһүгэр, аан дойдуну уларытар кыахтаах ыра санаа күүһүгэр итэҕэйэр дьону түмэр куонкуруска тыыннаах. Дьиҥнээх ыра санаалар, цеолит курдук, — дьикти майгылаахтар: оннооҕор күн-дьыл өксүөнүгэр хаарыйтарбакка, ыраас, уларыйар дьоҕурдаахтар.

Галина Васильева

Уокка үөскээбит таас

(кэпсээн)

Кини иккитэ төрөөбүтэ. Бастаан – күн сирин көрбүт күнүгэр. Иккистээн-алта сааһыгар тулаайах хаалбыт ыар кэмигэр кини олоҕор Мария Кондратьевна киирбитэ. Степаны дьылҕата Кондратьевналыын көрүһүннэриэн иннинэ  бэйэтэ бас билэр муннуга суоҕа. Утуйбат түүннэригэр оһуохайдыырын таһынан эмтиир идэлээх оҕонньор куукунаҕа: «Барыта үтүөрүө, Степа, барыта үтүөрүө», – диэн сибигинэйэрин истэрэ. Тулаайаҕын буолуу аһыытын-абатын мүлүрүтэрин таһынан,  аан дойдуга итэҕэлин эргитэрэ.

Маачаха… Үгүстэргэ бу тыл атын дьахтар тымныы, хаҕыс сыһыанын кытта ыкса өйдөбүллээх курдук иһиллэр. Ол гынан баран, Степа туһугар бу быыһаныы суола этэ. Мария Кондратьевна, сылайбыт харахтардаах, ол гынан баран ураты үтүө санаалаах эмчит дьахтар, кинини ийэ буолар ытык иэһин толороору буолбакка, быыһыыр санааттан көрбүтэ-истибитэ, сүрэҕин сылаас тапталыгар суулаабыта.

Үөһээ Бүлүүгэ баар дьиэлэрэ эмп, валериана уонна минньигэс бөрүөк сыттаах буолара, бу күндү аһы Мария Кондратьевна күнүскү сменатын кэнниттэн түүннэри буһарара. “Тулаайах буолуу, Степа, — диирэ кини, уолчаан өлөрбүт тобугун кичэйэн эмтии олорон, — бу тобук тостубутун курдук. Бастаан ыалдьар, онтон уруккутааҕар бөҕө уҥуох үүнэр. Кылаабынайа — сөптөөх өйөбүл”.

Степан ити санааны туппутунан улааппыта. Ийэтэ атыттары быыһаан ыларын көрөрө. Баҕар, оччолорго киниэхэ эмиэ быыһыыр ыра санаа үөскээбит буолуон сөп. Кондратьевна курдук биирдиилээн дьону буолбакка, бүтүн аан дойдуну.

Степан Михайлович аата-суола Саха сирин биир гына тилийэ сүүрбүтэ. Такси сулууспатын кытта тэҥҥэ тутан, суол кытыытынааҕы чайнойдарга ас атыылыыр уолаттары, кыргыттары повар, метрдотель үөрэҕэр ыыппыта: “Эдэр дьон, кытаатан үөрэниҥ. Итиэннэ Саха сиригэр анаан-минээн кэлэллэрин курдук ресторанна арыйыҥ”, – диэн алгыс кэриэтэ этэрэ.  … Элбэх хайысханы тутуспута, сайыннарбыта. Степан бизнеһи буолбакка, инникитин бу сир хаһаайыннарынан буолуохтаах ыччаты иитэрэ-такайара.

«Дьөһөгөй» гостиница, культурнай-этнографическай комплекс… Бу көннөрү эбийиэктэр буолбакка, тапталлаах Үөһээ Бүлүүтүн бүтүн аан дойдуга арыйар, кэрэхсэтэр аан кэриэтэ хайысхалар буолбуттара. Туристар манна кэлэн тыйыс айылҕалаах тымныы  дойдуну эрэ буолбакка, олохтоох норуот дууһатын муостан кыһыыга, хомус дьүрүскэнигэр, хаһыакка тус бэйэтэ суруйбут номохторугар арыйыан, көрүөн-истиэн баҕарара.

Итини таһынан Степан кыраҕы харахтаах, сытыы өйдөөх суруналыыс этэ. Сенсацияны буолбакка, боростуой, сэмэй олох суолтатын көрдөөбүтэ. Хас биирдии ыстатыйатыгар “сөптөөх өйөбүлгэ” — биллибэт-көстүбэт дьоҥҥо кыһамньыга, быһаарыллыа суох курдук  кыһалҕаларга — сүрүн болҕомтотун хатаабыта. Маны сэргэ киһиэхэ истиҥ, киһилии сыһыан, айылҕа анаан үүннэрэр эмтээх үүнээйилэрин, сиртэн хостонор баай туһунан элбэхтик суруйара. “Тыл – саамай бөҕө цеолит. Бу таас өйү-санааны мунууттан-тэнииттэн, буккуллууттан ыраастыыр”, – диирэ кини. Кини хаһыаты Мирнэйгэ уонна Үөһээ Бүлүүгэ таһаарбыта.

Биирдэ үлэтинэн командировкаҕа сырыттаҕына олохтоох геолог-энтузиаст киниэхэ бороҥ таастары көрдөрбүтэ. “Цеолит, — диэбитэ геолог. – Вулканнар уоттарыгар үөскээбит, ол иһин үйэтин тухары ыраастыыр. Ууну, салгыны, почваны. Аан дойдуга губка курдук”.

Степан сылаас, чэпчэки тааһы ытыһыгар ыга тутан турда. Хараҕар биинтэлэр, эмп бытыылкаларын үрдүлэригэр төҥкөйөн турар Мария Кондратьевна сирэйэ көстүбүтэ. “Ыраастаары уокка үөскүүр…”, – диэн санаа өйүгэр көтөн түспүтэ. Бу кини туһунан буолбатах дуо?

Собуоту арыйан үлэлэтэр идея кристалл курдук сиппитэ — бытааннык, бигэтик. Кини аҥардас оҥорон таһаарыыны буолбакка, инникини өтө көрбүтэ: ыччакка үлэ миэстэтин, бөһүөлэктэргэ ыраас ууну, фермердэргэ быйаҥнаах почваны. Ити туһунан төлөннөөхтүк кэпсиирэ, бэл диэтэр, скептиктар итэҕэйэн барбыттара. Кабинетын остуолугар Мария Кондратьевна хаартыскатын аттыгар ааҕар-суоттуур холобурдар, чертежтардаах паапкалар мунньуллубуттара. Ол эрэн ордук дууһатыгар туохтааҕар да күүстээх эрэл кыыма кытыаста умайара.

Арай биирдэ бу ыра санаатын ыһык оҥостон оройуон баһылыгар суруттаран киирбитэ. Муударай салайааччы тута патриот киһи ылсыбыт дьыалатын тиэрдэр кытаанах санаатын ыһыктыбаттыы ылыммытын көрбүтэ. “Итэҕэйэр буоллаххына, – диэбитэ баһылык, – дьэ, боруобалаан көрүөхпүт. Оройуоҥҥа бу хайысханы булгуччу сайыннарар, үлэлэтэр наада”. уонна

Хайыы-үйэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Мария Кондратьевна Степаны көрөн баран төбөтүн быһа илгиһиннэ: “Оҕом барахсан…Эн идеяҥ олоххо булгуччу киириэҕэ”. Кини билэрэ: бу – кини олоҕун сүрүн дьыалата буоларын. “Эн миигин улаатыннарбытыҥ, – диэбитэ Степан кумааҕыларын бэрийэ олорон. – Билигин аны мин атыттарга анаан тугу эрэ оҥоруохтаахпын. Биир да оҕо бэйэтин наадата суох курдук сананыа суохтаах. Барыларыгар дьоһун олоҕу олорор, салгыы үүнэр-сайдар кыах баар буолуохтаах”.

Степан күнүстэри-түүннэри үлэлээбитэ. Инвестордары кытта көрсүһүүлэр, сөбүлэһиилэр, Дьокуускайга бүтэр уһуга суох элбэх сырыылар. Элбэх сыл усталаах-туоратыгар аһара күүрүүлээх үлэ эти-сиини алларыппыта. Бастаан көннөрү сылайыы баара. Онтон — ыарыы. Онтон –балыыһа палатата.

Мария Кондратьевна хаһан эрэ бэйэтин сылаас илиилэригэр тулаайах уолчааны ылбыт чэрдээх ытыстарынан уолун илиитин чэрдээх ытыһыгар суулуу тутан олорон: “Наһаа элбэҕи бэйэҕэр ылыммыккын, уолчааным”, – диэн сибигинэйбитэ. Хас да сыллааҕыта кыра Степаны дьиэтигэр аан бастаан илдьэ кэлэн иһэн суолу быһа ытаабытын курдук, хараҕын уута тохтообокко сүүрэ олордо. Степан ийэтин барахсан тарбахтарын мөлтөөбүт ытыһынан ыга тутан сытан, мичээрдии-мичээрдии: “Ситэ туппатым, ийэкээм… Завод туһунан ыра санаабын олоххо ситэ киллэрбэтим…”

Степан Михайлович түлүк уутугар утуйа сытан сылаастык-сымнаҕастык барбыта. Остуолга цеолит туһунан суруллубатах ыстатыйаны, ыра санааларын тиспит паапкаларын уонна күн-күбэй ийэтин солбуйбут дьахтары эмиэ тулаайах хаалларан.

Бириэмэ түргэнник элэстэнэн ааспыта. Степан Михайлович сырдык аата дьыл-хонук солбуһуутугар суураллан хаалбатаҕа. Тыл көннөрү информация буолбакка, өйөбүл буоларыгар итэҕэйэр суруналыыстарга анаммыт кини аатынан куонкуруһу “Кыһыл көмүс бөрүө” диэн ааттаабыттара. Сири-дойдуну туох баар киртэн-дьайтан, дьон хаҕыс, дьалаҕай сыһыаныттан, туохха да кыһаммат, тоҥ сүрэхтээх буолуутуттан ыраастыыр, саҥа идеяларга уоту саҕар  кыахтаах цеолит курдук булгуруйбат кытаанах санааны үөскэтэр күрэх буоллун диэн.

Кини аатын сүгэр, саамай дьон сөбүлээн аһыыр, сынньанар кафетыгар үлэлиир эдэр повар Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска кыайбыта. Такси суоппара автосервиһин арыйда. Тэрийбит хаһыата салгыы тахса турар, тираһа күн-түүн эбиллэр. Оттон кини аатынан ааттаммыт суруналыыстар куонкурустара сыл аайы саҥа талааннары — хорсун-хоодуот, сыаллаах-соруктаах талааннары булан арыйар. Оройуон баһылыга биир көрсүһүүгэ остуолтан биир бороҥ бороҥ тааһы ылан: “Цеолитовай собуот туһунан умнубаппыт. Степан Михайлович кэриэс баҕа санаата олоххо киллэрии — биһиги ытык иэспит”, – диэбитэ. Бу көннөрү тыл киэргэтиитэ буолбакка —  андаҕар этэ.

Бастакы наҕараадалааһын сиэригэр-туомугар Мария Кондратьевнаны кытта Степан Михайлович тапталлаах кэргэнэ Светлана Дмитриевна, оҕолоро Лена, Варя, Миша уонна сиэннэрэ бука бары кэлбиттэрэ. Аастыйбыт баттахтаах, көбүс-көнө, хайа да түгэҥҥэ дьоһунун, кытаанах санаатын тута сылдьар ис киирбэх Ийэ. Киниэхэ сибэкки туттарбыттарыгар уонна хайдахтаах курдук уолу, дойдутун, төрүт түөлбэтин патриотун хайдах иитэн таһаарбытын туһунан ыйыппыттарыгар микрофоҥҥа тахсыбыта. “Степан, — диэбитэ кини чуумпутук. Саалаҕа чуҥкунуур чуумпу сатыылаабыта, — саамай модун, кытаанах санаа уокка үөскүүр диэн итэҕэйэрэ. Кини бэйэтэ оннук этэ. Онтон кини бөрүөтэ… кини бөрүөтэ цеолитка маарынныыра. Степан биһиги сирбит ыарыытын иҥэринэн, ыраастыырга дьулуспута. Кини аатынан куонкурус эмиэ оннук — күүстээх, ыраас тыллар олохсуйбут түһүлгэлэринэн буоллун! Эмтиир тыллар!”

Саалаҕа ытаабатах киһи суоҕа. Оттон Мария Кондратьевна сонун сиэбигэр кыра бороҥ таас сытара — мэлдьи бэйэтин кытта илдьэ сылдьар цеолита. Уолун курдук ыраастыырга ананан, уокка төрөөбүт таас. Кини баҕа санаатын курдук, баҕар, өссө да туолуон сөп — атын илии-атах, тыл-өс, олох-дьаһах, “Көмүс бөрүө” көмөтүнэн…

Галина Васильева