Доруобуйа күнэ

Алтынньы 8 күнүгэр Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн “Профилактика эмоционального выгорания” диэн психологическай тренинг буолан ааста.

Нэһилиэк тэрилтэлэриттэн уонна нэһилиэнньэттэн барыта 11 киһи кэлэн кыттыыны ылла. Бу көрсүһүүттэн бары чэпчээн, харахтыын сырдаан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Күүрүүттэн, ыгыллыыттан босхолонор, араас өйдөспөт түгэннэртэн харыстанар араас психологическай ньымалары туттарга үөрэннилэр.

Санатан эттэххэ, алтынньы 7-11 күннэригэр Саха сирин үрдүнэн уйулҕаны бөҕөргөтүүгэ аналлаах араас үлэлэр ыытыллаллар.

Бары олус көхтөөхтүк кытыннылар.