В.С. Серошевскай атырдьах ыйын 24 күнүгэр төрөөбүтэ 165 сыла.

Вацлав Леопольдович Серошевскай 1858 сыллаахха билигин Тлущ диэн кыра куорат аттыгар Вулько-Козловска диэн сиргэ төрөөбүт,  1945 сыллаахха 87 сааһыгар өлбүт. Манна билигин киниэхэ аналлаах Музей-дьиэ баар. 1878 сыллаахха рабочай хамсааһыҥҥа кыттан хаайыллар. Маҥнай аҕыс сыл хаайыыга ууруллар, онтон кэлин Сибииргэ көскө ыытыыга уларытыллар. Серошевскай Саха сиригэр уһун унньуктаах 12 сыл (1880–1892) олорбута . Манна  Дьааҥы, Халыма, Нам, Байаҕантай (билиҥҥинэн Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта) улуустарынан олорор.

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭТЭ

Сыылкаҕа олорор кэмигэр үггүс этнографическай матырыйаал хомуйар, кэпсээннэри суруйар. Түмүгэр таҥан оҥорбут сахалар тустарынан монографията үрдүктүк сыаналанан, Нуучча географическай уопсастыбатын кыра Кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланар.

Бастакы кинигэ 1896 сыллаахха ааптар тыыннааҕар Санкт-Петербург куоракка Нуучча географическай уопсастыбатын иһинэн аатырбыт атыыһыт Анна Громова (Иркутскай к.) үбүлээһининэн тахсыбыта. Кинигэ атыытыттан киирбит харчыны Громова Серошевскайга иккис туомун бэлэмнииригэр анаабыт. Онон ааптар I-кы туомҥа киирбэккэ хаалбыт уонна саҥа матырыйааллары таҥан, II-с туому бэлэмнээн, 1902 с. аҕалан туттарбыта, үбүлээһин суох буолан, кэмигэр тахсыбатах. Онон II-с туом 127 сыл буолан быйыл 2023 сыл тохсунньутугар күн сирин көрдө. Рукопиһы СӨ Национальнай архыыбын кылаабынай археограба А.А. Калашников бэлэмнээбит, Нуучча географическай уопсастыбатын гыраанын үбүнэн тахсыбыт.

Бу туомҥа Серошевскай рукопистарыттан нууччаттан сахатыйбыт остуоруйалар, билигин умнуллубут урукку сир ааттара, нам олохтоохторун төрүттэрэ-уустара, фольклор сахалыы айымньылара, былыргы халандаар  о.д.а. олус туһалаах, сыаннастаах матырыйааллар киирбиттэр.

ТУС ОЛОҔО

Верхоянскай сыылкатыгар олорон Анна Слепцова диэн саха дьахтарын кэргэн ылар. 1881 сыл тохсунньу 25 (олунньу 6 к.) күнүгэр киниттэн Мария диэн кыыс оҕо төрүүр. Анна өлбүтүн кэннэ, Саха сириттэн барарыгар кыыһын бэйэтигэр суруйтаран, киин Арассыыйаҕа илдьэ барар. Мария кыра эрдэҕинэ Вацлав доҕотторугар Москваҕа Ланду дьиэ кэргэнигэр иитиллэр, кэлин улаатан баран худуоһунньук Валентин Серов ийэтигэр иитиллэн, өлүөр диэри кинилэргэ олорор. Мария Серошевская 83 сааһыгар 1964 сыллаахха өлөр, Москва куоракка Новодевичьэй кылабыыһаҕа Серовтар фамильнай аҕыраадаларыгар көмүллэн сытар. Мария Саха автономията тэриллибитин кэннэ Саха Торговай Тэрилтэтигэр, кэлин Худуоһунньуктар Бүтүн Арассыыйатааҕы кооперативнай тэрилтэлэригэр буҕаалтырынан үлэлиир. Аҕатыгар суруктара Вацлав Серошевскай архыыбыгар хараллан сыталлар, аҕата кыыһын Польшаҕа ыҥыра сатаабытын аккаастыыр, ол эрээри 1930 сыллаахха  Польшаҕа  бара сылдьан, аҕатын кытта түспүт соҕотох хаартыската II-с туомҥа киирбит. Мария хаһан да кэргэннэммэтэх, оҕоломмотох. Аҕатын кытта суруйсубут суруктарыгар уонна Вацлав архыыбыгар олоҕуран Мария Серошевская туһунан Польшаҕа кинигэ тахсыбыт.

Серошевскай дойдутугар полячка кэргэниттэн үс уолланар: Владислав, Станислав уонна Казимир. Сиэнэ Анджей Серошевскай, Варшавскай университет профессора, эһэтин туһунан “Беспокойная жизнь Вацлава Серошевского” диэн  улахан монографиятын 10 сыл устата суруйар, бу үлэтэ кини өлбүтүн кэннэ 2015 сыллаахха тахсар.

Сюзанна Серошевская-Ролевич – Вацлав хос сиэнэ, Анджей кыыһа,       Варшава музейыгар худуоһунньук-реставратор, Серошевскай нэһилиэстибэтин аҕатын кэнниттэн тутан хаалбыт.

Вацлав Леопольдович Серошевскай бөдөҥ этнографическай чинчийиитэ саха норуотун устуоруйатыгар дириҥ суолун хаалларан өссө да дьон интэриэһин тардар, төрдүбүтүн-силиспитин билэргэ, умнубакка салгыы чинчийэргэ төһүү күүс буолар.

Матырыйаалга “Киин куорат” (kiinkuorat.ru), “Бикипиэдьийэ” (sah.wikipedia.org) официальнай саайтарын туһанныбыт. Хаартыскалар “Киин куорат” (kiinkuorat.ru) саайтыттан.