Перейти к содержимому
Едюгейская модельная сельская библиотека им. Р.П. Матвеевой
678230, с Андреевское, ул, Школьная, д. 11а
vvlib_6@mail.ru
Войти в личный кабинет
О библиотеке
ДОКУМЕНТЫ
Противодействие коррупции
Главная
Новости
Мероприятия
Краеведение
История Едюгейского наслега
Түөлбэ литэрэтиирэтэ
Menu
О библиотеке
ДОКУМЕНТЫ
Противодействие коррупции
Главная
Новости
Мероприятия
Краеведение
История Едюгейского наслега
Түөлбэ литэрэтиирэтэ
Сайыны саҥа кинигэлиин
Сэһэҥҥэ эдэркээн кыыс-дьахтар туһунан суруллар эрээри, дьиҥ ис хоһооно, кистэлэҥ тыына эр хоһууннарга ананар уратылаах: «Харыстааҥ даа, кыыһы, дьахтары! Таһыттан көрдөххө чахчы да тулуурдаах, кыайыгас буолуо эрээри, кини иҥиир ситиитэ кэбирэх, кирсин дуома чараас, көрүөх бэтэрээ үрэллибит курдук эстэн түһүө, элэс гыныа! Хаһан да төннүбэттии! Өйдөөҥ даа, эрдэтинэ!»
Саха биллиилээх топонимиһа, тылы үөрэтээччитэ, историга Багдарыын Сүлбэ уонна кини көмөлөһөөччүлэрэ, үөрэнээччилэрэ топонимикаҕа матырыйаал хомуйалларыгар суруйбут үһүйээннэрэ киирдилэр
Эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньуга
Кинигэҕэ сирдээҕи олох түһүүтэ-тахсыыта, аһыыта-ньулууна – маҥнайгы ыраас таптал уонна таҥнарыы; Аҕа дойду иннигэр ытык иэс уонна киһи куттуун ийэ сиргэ тардыһыыта — итэҕэтиилээхтик ойууламмыта ааҕааччыны долгутуоҕа. Маны сэргэ күннээҕи олохпут атын да көстүүлэрэ — тыаттан саҥардыы көһөн кэлбит ыал куорат күөстүү оргуйар олоҕор сыстыыта, дьиэ иһигэр араас көлүөнэ бэйэ икки ардыгар алтыһыыта — ырылхайдык ойууланар
Кинигэҕэ сэрии ыар сылларыгар олох ыарахаттарын, хоргуйууну саха дьоно киһи бодотун сүтэрбэккэ, тус бэйэлэрин кыһалҕаларын умнан туран, биир сомоҕо күүһүнэн фашистскай халабырдьыттары утары охсуһан улуу кыайыыны уһансыбыттарын туһунан кэпсээннэр уонна нуучча улуу суруйааччыларын айымньыларын тылбаастара киирдилэр.
Историческай арамааҥҥа былыргы дьыллар быралыйар мындааларыгар Хаҥаластан хайдан барбыт Тыгын Дархан күтүөтэ, бордоҥнор төрүттэрэ Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн Ойуун уолаттарынанн Ньурба сиригэр тиийэн уһаан-тэнийэн, Ньурба улууһун төрүттэспиттэрин туһунан сырдатыллар.