Галина Нельбисова саҥа кинигэтин бэлэхтээтилэр

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр биир бастыҥ ааҕааччыбыт, хоһоонньут Татьяна Прокопьевна Софронова кинигэ уларса кэлэ сырытта. Кини билиҥҥи кэм литэрэтиирэтин сөбүлээн ааҕар. Татьяна Прокопьевна бүгүн бибилэтиэкэҕэ кэһиитин- саха суруналыыстыкатын айылҕаттан айдарыылаах улахан талаанын Галина Нельбисова быйыл саҥа тахсыбыт “Санаам ытарҕата эйэҥэлиир” уонна “Эн миэхэ соҕотоххун” , Куорсуннаах “Түҥкэтэх ырай” диэн кинигэлэрин бэлэх уунна. Галина […]
Бибилэтиэкэбит саҥа доҕотторо

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кырачаан ааҕааччылар, Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола 2-с “б”кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн экскурсиялаан бардылар. Кылаас салайааччыта- үгүс көлүөнэ Үөдүгэй ыччатын үөрэх-билии суолугар сирдээбит улуус киэн туттар настаабынньык учуутала Ольга Ильинична Муксунова. Оҕолор Үөдүгэй бибилэтиэкэтин историятыттан саҕалаан билистилэр. Ааҕар саалаҕа Ийэ тыл муннугун көрдүлэр-иһиттилэр. Арай Самсон Иванов диэн уолчаан саха норуотун […]
Ийэ тыл муннуга арылынна

Сэтинньи 6 күнүгэр Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр тыл билимин хандьыдаата, биллиилээх лиҥкибиис, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев- Дапсы 90 сааһын көрсө Дапсы дьыктаанын Үөдүгэйдэр оҕолуун улаханныын икки сааланан 17 буолан суруйдулар. Тэрээһин бибилэтиэкэҕэ «Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!» диэн Ийэ тыл муннугун арыйыыттан саҕаланна. М.П. Алексеев- Дапсы хаартыската, суруйбут кинигэлэрэ уонна […]
Күннүүн оонньуур кырачааннар Тобуруокап хоһооннорун аахтылар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр” диэн биир дойдулаах суруйааччыбыт П.Н. Тобуруокап төрөөбүтэ 109 сылыгар анаан оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго улуустааҕы хоһоон ааҕыытын күрэҕэ буолан ааста. Күрэҕи – 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаана, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ, улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ, улуустааҕы “Ийэ тыл” түмсүү тэрийэн ыыттылар. Бу күрэх иккис сылын тэрээһиннээхтик […]
Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр аҕам саастаахтар түмүстүлэр

Алтынньы 6 күнүгэр Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугар аналлаах “Мин сааһым – мин баайым” диэн бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэкпит талааннаах ырыаһыттара Лана Алексеева, Алина Васильева эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр. Үөдүгэй бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир “Үөдүгэй психологтара” түмсүү үрдүк категориялаах, уопуттаах психолога Альбина Николаевна Тюкянова аҕам саастаахтарга психологическай тренинг ыытта. Өйгө тутар дьоҕуру, […]
Литературный гений- Сергей Есенин

Биография Сергея Александровича Есенина Родители Сергея Есенина Родился поэт Сергей Есенин в 1895 году в селе Константиново Кузьминской волости Рязанского уезда Рязанской губернии в бедной крестьянской семье. Его отец Александр Никитич обладал хорошим голосом и в детстве пел в церковном хоре. Будучи взрослым, работал в лавке по продаже мяса. Чуть позже отец Сергея Есенина сумел устроиться на неплохую должность в Москве. Он стал приказчиком, […]
Ийэ тылынан дьыктаан

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, аан бастакытын ыытыллыбыт “Арассыыйа – норуот дьиэтэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолла. Бу дьыктаан суруйуутугар улуустааҕы “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Антонина Гаврильевна Хобусарова кэлэн эҕэрдэ тылын эттэ. Үөһээ Бүлүүлэр ийэ тылбытын хараанныырга быдан дьыллартан үлэлэһэн кэлбиттэрин туһунан аҕынна. И.Н. Барахов, М.П. Иванов – Дапсы саха тылын […]
Ахтан, сүгүрүйэн аастыбыт

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр иккис аан дойду улуу сэриитэ түмүктэммит күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола үөрэнээччилэрэ, историк, кыраайы үөрэтээччи Павла Валерьевна Абрахова салайар 6-с уонна Мария Сергеевна Иванова салайар 7-с кылааһын оҕолоро учууталларын кытары кэлэн библиотечнай уруокка сырыттылар. Кинилэр улууспут фронтовиктарын, сэрии кэмин оҕолорун үйэтиппит икки […]
День российского кино

День российского кино отмечают 27 августа. Выбор даты связан с важным событием: 27 августа 1919 года Совет народных комиссаров РСФСР принял декрет о национализации кинодела. С этого момента вся отрасль — от производства киноплёнки и фотоматериалов до проката фильмов — перешла в ведение Народного комиссариата просвещения. Это решение заложило основу системного развития отечественного кино. Позже праздник получил официальный […]
Үөдүгэйдэр Үрүҥ Тунах ыһыахтара быйыл туох уратылаах буолуоҕай?

Үөдүгэйбит төрүттэммитэ 255, Куду оскуолата – 100 сылларыгар анаммыт Үрүҥ тунах ыһыахпыт уратытынан буолуоҕа – нэһилиэкпит үөскээбит историятыттан театрализация туруута. Ыһыах аһыллыытыгар Хотугулуу- Илиҥҥи Федеральнай университеттан “Уран” үҥкүү ансаамбыла, биир дойдулаахпыт Алексей Константинов кэлэн кыттыыны ылыахтара. Быйылгы ыһыахпыт хас биирдии ыалдьыта, аҕа уустара, тэрилтэ үлэһиттэрэ бука бары – ыһыахчыт сиэринэн, тымтайдаах кэһиибитин кэккэлэтэн, суулаах өйүөбүтүн […]