Эдэр аҕаларга сүбэлэр

Хас биирдии эр киһи оҕолоругар үчүгэй аҕа буолуон баҕарара саарбаҕа суох. Аҕа оҕотун аҥаардас таптыыр, бүөбэйдиир эрэ буолбакка иитэр-такайар, сүбэлиир-амалыыр, олоххо сөптөөх суолу ыйар-кэрдэр оруоллаах киһи буолар.Ордук олохторугар бастакы дьоһун хардыыны оҥорбут эдэр а5аларга сүбэ-ама буолуо диэн уйулҕа үөрэхтээхтэрэ 5 бастыҥ сүбэлэрин таһаарабыт.Оҕо күн сирин көрдөҕүнэ ийэ буолбут кыыс-дьахтар эрэ олоҕо тосту уларыйар дии саныыллар. […]