Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр биир бастыҥ ааҕааччыбыт, хоһоонньут Татьяна Прокопьевна Софронова кинигэ уларса кэлэ сырытта. Кини билиҥҥи кэм литэрэтиирэтин сөбүлээн ааҕар.
Татьяна Прокопьевна бүгүн бибилэтиэкэҕэ кэһиитин- саха суруналыыстыкатын айылҕаттан айдарыылаах улахан талаанын Галина Нельбисова быйыл саҥа тахсыбыт “Санаам ытарҕата эйэҥэлиир” уонна “Эн миэхэ соҕотоххун” , Куорсуннаах “Түҥкэтэх ырай” диэн кинигэлэрин бэлэх уунна.

Галина Нельбисова олоҕу олорбут, көмүс күһүннэрин чараҥар үктэммит кэрэ аҥардар дьылҕа, дьахтар аналын, олох күннээҕи үөрүүтүн-хомолтотун туһунан кинигэни уларсан, умсугуйа ааҕаргытыгар ыҥырабыт.