Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кырачаан ааҕааччылар, Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола 2-с “б”кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн экскурсиялаан бардылар. Кылаас салайааччыта- үгүс көлүөнэ Үөдүгэй ыччатын үөрэх-билии суолугар сирдээбит улуус киэн туттар настаабынньык учуутала Ольга Ильинична Муксунова.

Оҕолор Үөдүгэй бибилэтиэкэтин историятыттан саҕалаан билистилэр.

Ааҕар саалаҕа Ийэ тыл муннугун көрдүлэр-иһиттилэр. Арай Самсон Иванов диэн уолчаан саха норуотун литературатын сүөгэйин-сүмэтин “Саха литературатын көмүс кылаата” диэн кинигэни интэриэһиргээн илиититтэн араарбакка тута сырытта. Ааҕар саалаҕа олорон Николай Неустроев “Муммут оҕо” диэн кэпсээнин ааҕа олорор эбит. Кинигэ төһө да соҕотоҕун иһин, кэбис, маннык умсугуйан ааҕар оҕоҕо уларсыбатахха, баҕар, кинигэ ааҕар баҕата уостан хаалыа диэн санаа киирдэ.

Оҕолор кыраайы үөрэтэр саалаттан бөдөҥ политическай-общественнай диэйэтэл Юрий Николаевич Прокопьев туһунан кинигэни эндэппэккэ билэн сөхтөрдүлэр. Бары биир киһи курдук Юрий Николаевич Прокопьев хаартыскатын көрөн үөрэн аймана түстүлэр.




Оҕолорго аналлаах ааҕар хоско киирэн улуу нуучча суруйааччыта Александр Сергеевич Пушкин остуоруйаларын көрдөөтүлэр. Кини элбэх остуоруйаларын аахпыттарын кэпсээтилэр. Дьэ, уонна ким, туох интэриэстээҕинэн кинигэлэри таллылар. Артем Абрахов диэн үөрэнээччи арай бибилэтиэкэттэн “Приусадебное хозяйство” диэн сурунаалы тута сылдьар. “Тоойуом, бу ийэҕэр уларсаҕын дуо?”- диэн ыйытааччы буоллум. Онуоха уолум соһуйбут курдук көрөн баран, “Бэйэм ааҕабын, үүнээйини олордорбун сөбүлүүбүн. Бу кинигэттэн көрөн ийэбинээн үүннэриэхпит”,- диэтэ. Уонна бибилэтиэкэбитигэр силигилээн үүнэн турар кытай оруосата диэн сибэкки сэбирдэхтэрин имэрийтэлээн көрдө.

Бибилэтиэкэҕэ уһун уочарат олохтонно.

Оҕолор сөбүлээбит кинигэлэрин уларсан, кичэллээхтик кыбынан дьиэлэригэр тарҕастылар. Нэдиэлэ ахсын билии-көрүү аартыгынан бибилэтиэкэҕэ көрсүөх буоллубут.