Сэтинньи 6 күнүгэр Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр тыл билимин хандьыдаата, биллиилээх лиҥкибиис, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев- Дапсы 90 сааһын көрсө Дапсы дьыктаанын Үөдүгэйдэр оҕолуун улаханныын икки сааланан 17 буолан суруйдулар.
Тэрээһин бибилэтиэкэҕэ «Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!» диэн Ийэ тыл муннугун арыйыыттан саҕаланна. М.П. Алексеев- Дапсы хаартыската, суруйбут кинигэлэрэ уонна саха бастакы сүһүөх учуонайдара тылы, литэрэтиирэни чинчийбит научнай кинигэлэрэ, тылдьыттар араастара, тылы үөрэтиигэ көмө буолар кинигэлэр киирдилэр.

Бу Ийэ тыл муннугар биир сүрүн миэстэни Үөдүгэй үгүс көлүөнэ ыччатын төрөөбүт төрүт тылы таптыырга үөрэппит ытык-мааны учууталбыт, Учууталлар учууталлара, Ийэ тыл хараанньыта, нэһилиэкпитигэр, улууска Ийэ тыл хамсааһынын аан бастаан саҕалаабыт Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Бурхалей Степанович Макаров дьиэ кэргэнинэн бэлэх ууммут кинигэлэрэ буоллулар. Бу долбуурга ону таһынан Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүүтүн үлэтин-хамнаһын сырдатар хаартыскалар, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ситиһиилэрин туоһулуур добун суруктар киирдилэр.

Бу Ийэ тыл муннугун арыйар үөрүүлээх түгэҥҥэ Бурхалей Степанович үөрэнээччилэрэ, саха тылын уонна литературатын учууталлара, нэһилиэккэ, улууска Ийэ тылы чинчийэ, хараанныы сылдьар Варвара Васильевна Васильева, Герасим Александрович Егоров кэлэн эҕэрдэ тылын эттилэр.

М.П. Алексеев – Дапсы хаан-уруу балтыта Алгыстаана Семеновна Семенова кэлэн эҕэрдэлээтэ, дьыктааҥҥа кыттыыны ылла уонна бибилэтиэкэҕэ Ийэ тылы туругурдууга ыытыллар үлэлэргэ кыттыһыам диэн баҕа санаатын эттэ. Бу күн «Үөдүгэй үс кута» диэн Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүүтүн сүрүн бырайыагыгар эбии саҥа идиэйэлэр, этиилэр киирдилэр. Онон ахсынньы ый 3 күнүттэн саҥа бырайыакпыт үлэтин саҕалыаҕа.

Салгыы Дапсы дьыктаанын кыттыылаахтара икки сааланан тарҕаһан дьыктааны суруйдулар.


Быйылгы Дапсы дьыктаанын уратыта- Дапсы туһунан уонна тыл суолтатын билиигэ тургутук толоруута буолла. Үс киһи «туйгун» сыанаҕа толордо. Кинилэр истэригэр улуус киэн туттар учуутала, үс омук тылын баһылаабыт Светлана Саввична Ильина баар. Алта киһи «үчүгэй” сыананы ыллылар. Атыттар туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.

Саҥа арыллыбыт Ийэ тыл муннуга нэһилиэккэ, улууска оҕолорбут, ыччат дьоммут төрөөбүт төрүт тылларынан ыраастык, хомоҕойдук саҥарыыларыгар, сахалыы куттаах, айар тыыннаах дьон буолан тахсалларыгар бигэ тирэх буоллун!