Үөдүгэйдэр Үрүҥ Тунах ыһыахтара быйыл туох уратылаах буолуоҕай?

Үөдүгэйбит төрүттэммитэ 255, Куду оскуолата – 100 сылларыгар анаммыт Үрүҥ тунах ыһыахпыт уратытынан буолуоҕа – нэһилиэкпит үөскээбит историятыттан театрализация туруута. Ыһыах аһыллыытыгар  Хотугулуу- Илиҥҥи Федеральнай университеттан “Уран” үҥкүү ансаамбыла, биир дойдулаахпыт Алексей Константинов кэлэн кыттыыны ылыахтара. 

Быйылгы ыһыахпыт хас биирдии ыалдьыта, аҕа уустара, тэрилтэ үлэһиттэрэ бука бары – ыһыахчыт сиэринэн, тымтайдаах кэһиибитин кэккэлэтэн, суулаах өйүөбүтүн сүөрүнэн, төбүрүөннээн, түһүлгэлээн олорон аһыахпыт уонна Үөдүгэй талба талааннаахтарын кэнсиэртэрин көрүөхпүт. Дьэ, ол кэннэ хапсаҕай, күүстээхтэр- быһыйдар күрэхтэрэ саҕаланыа.

 Оһуокайы оройуттан тутуохпут. Дэгэрэҥ ырыа, саха уран симэҕэ, оҕолорго чабырҕах, “Сээркээн сэһэн”  күрэхтэрэ ыытыллыахтара.

Киэһээҥи ыһыахпыт  түһүлгэтин бары сөбүлүүр, тумус туттар ырыаһыттарбыт Аскалон Павлов, Ника киэргэтиэхтэрэ.

Үүнэр- сайдар кэскиллээх Үөдүгэйбит Үрүҥ тунах ыһыаҕыгар, бэс ыйын 18 күнүгэр, Кудуга кэлэн Үрдүк Айыылартан алгыс, күүс- уох ылан, дойдугут мүөттээх салгыныгар, алаас ахтылҕаныгар куустаран, самаан сайын биир үтүө күнүн бары бииргэ атаарыаҕыҥ диэн ыҥырабыт!

Валентина ФИЛИППОВА

Хаартыскалар Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ архыыбыттан туһанылыннылар