«Кинигэ күүһэ» аахсыйа Үөдүгэй оҕолорун түмтэ

Ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүн көрсө «Кинигэ күүһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи биир ситиминэн ыытыллар аахсыйаҕа Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ кыттыста.

            Бу күн оҕолор СӨ Үтүөлээх этээччитин, СӨ Култууратын туйгунун, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатырын артыыскатын, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуодунай оркестрын солисткатын, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччытын Марианна Владимировна Хобусарованы кытары көрүстүлэр.

            Марианна Владимировна оҕолорго Василий Каратаев “Модун Эр соҕотох» – «Могучий Эр Соготох» олоҥхотун сахалыы, нууччалыы – икки тылынан аахта, кэпсээтэ.

Сир ийэ, аан дойду хайдах айыллыбытын, олоҥхоҕо бухатыырдар аналларын, хайдах бу сиргэ айыллан, ананан, бар дьоннорун көмүскүү, харыстыы кэлэллэрин туһунан олус үчүгэйдик быһааран, оҕолору кытары тэҥҥэ ырытан аан дойду таһымыгар тахсыбыт, үрдүктүктүк сыаналаммыт, шедевр буолбут улахан айымньыбытын билиһиннэрдэ. Ааҕарын быыһыгар оруолларынан көрөн туойан иһитиннэрдэ.

Оҕолор олоҥхону олус умсугуйан иһиттилэр. «Ноо» диэн сэҥээрэргэ үөрэннилэр. Баҕаран туран кылгас кэрчиктэри дорҕоонноохтук аахтылар.

Түмүккэ, Марианна Владимировна оҕолорго туһаайан: “Ийэ тылгытын,   норуоккут култууратын үөрэтэ, сайыннара, киэн тутта сылдьыҥ.Олоҥхону ааҕыҥ, таптааҥ. Олоҥхону ааҕар оҕо ханнык да түгэҥҥэ дьоһуннаах киһи буолан тахсар, ханна да тиийбитин иһин, хайдахтаах да түгэҥҥэ олоххо бэйэтин, миэстэтин бигэтик булар”,- диэн сүбэлээтэ.

Валентина ФИЛИППОВА