Сотору- хаартыска быыстапката!

Күндү дьоммут- сэргэбит!

Олунньу 25 күнүгэр, сэрэдэҕэ, күнүс 2 ч. 30 мүн. Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэк төрүттэммитэ 255 уонна Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн  ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ “Тохтоо даа, күүт, дьоллоох түгэн!…” диэн Үөдүгэйбит биир чулуу уола, Арассыыйа үтүөлээх энэргиэтигэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Пудович Аянитов тутан ылаттаабыт түгэннэрин – хаартыскаларын быыстапкатын үөрүүлээх арыллыыта буолуоҕа.

Бу быыстапкаҕа оҕо саас дьоллоох түгэннэрэ, эдэр саас эргиллибэт хаарыан күннэрэ, үлэ үөһүн үрдүк романтиката, быһата эттэххэ, мүчүк гынан ааспыт улууспут дьонун  мичээрдэрэ хатаммыт дьоллоох хаартыскаларын кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, бэйэҕитин булуҥ. Сканерданан ылар көҥүллэнэр.

Oplus_2228256