Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччилэригэр “Моя Россия – мои горизонты” эбии үөрэх чэрчитинэн, дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах библиотечнай уруоктары ыыттылар.

Оҕолор олус сэргээн, дьарыкка көхтөөхтүк кытыннылар. Дьарык оонньуу – уруок быһыытынан барда.

Бастыҥ үлэлээх оҕолор тустарынан улууспут төрүттэммит күнүгэр Үөдүгэй бибилэтиэкэтин саайтыгар билиһиннэриэхпит.





