“Кыбытык тигии” эйгэтэ Далбар Хотуттары түмтэ

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн, кыбытык тигиигэ маастар-кылаас буолла. Маастар-кылааһы норуот маастара Наталья Ионовна Павлова ыытта.

Нэһилиэкпит Далбар Хотуттара кэлэн кыбытык тигии ымпыгар-чымпыгар , кистэлэҥнэригэр үөрэннилэр. Үөрэн – көтөн, астынан бардылар.

Иис – мэйии, тарбах үлэтин, болҕомтону, тулууру сайыннарар. Уоскутар, кэрэҕэ сирдиир абылаҥнаах, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр үөрэтэр аналлаах.