Үөдүгэйдэр “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся Потапова” испэктээги туруоруохтара

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын, Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин көҕүлээһиннэринэн, дойдуга Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура, Үөһээ Бүлүүгэ үөрэҕирии сылларынан уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылынан Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы быһаччы олохтоспут Үөдүгэй биир чаҕылхай кыыһа Марфа Георгиевна Потапова – Габышева туһунан хатыламмат күүстээх уобараһын арыйар ыччакка тиэрдэр сыаллаах “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся Потапова» диэн испэктээк сценарийа сурулунна.

         Сценарийы – “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн айар куттааҕа Надежда Кардашевская- Куттаах суруйда.

Бүгүн, олунньу 3 күнүгэр, бибилэтиэкэҕэ Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта Михаил Афанасьев, Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ И.Е. Сортолов, “Мааска” Үөдүгэйдээҕи тыйаатыр салайааччыта Д.И. Яковлева сценарийы билсэн, ырытыһан, инники былааннарын торумнаатылар.

         «Кыһыл Чолбон кыыма- Муся Потапова” испэктээги СӨ үөрэҕириитин туйгуна Д.И. Яковлева туруорар. Оонньооччулар – Үөдүгэйдээҕи “Мааска” тыйаатыр артыыстара.

         Испэктээк Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит, Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр үрдүк сыанаҕа сүрэхтэниэҕэ, дьоммутугар-сэргэбитигэр күндү бэлэх буолан туруоҕа диэн былааннастыбыт.

Валентина ФИЛИППОВА