Бу күрэҕи Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ, Үөдүгэйдээҕи култуура киинэ, «Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ тэрийэн ыытар.
Балаһыанньа быһыытынан, тохсунньу 28 күнүгэр суруйуулары хомуйан түмүктүөхтээх этибит. Ол эрэн, дьон көрдөһүүтүнэн, күн ахсын күрэххэ суруйуулар киирэ туралларынан, күрэхпитин олунньу 10 күнүгэр диэри уһаттыбыт.
Бүгүҥҥү туругунан, 11 киһи үлэтин ыытта. Сорохтор иккилии-үстүү хайысхаҕа кыттаннар, барыта 14 суруйуу киирдэ.
Степан Иванов аатынан «Көмүс бөрүө” күрэххэ Үөһээ Бүлүү ааттаах-суоллаах суруналыыстара, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэр, кыраайы үөрэтээччилэр кытыннылар. Өссө да үлэлэр киирэ тураллара үөрдэр, күрэхпит салҕанар.
Салгыы күрэхпит балаһыанньатын санатан таһаарабыт
Күрэх сыала-соруга:
- Үөдүгэйтэн төрүттээх суруналыыс, салайааччы Степан Михайлович Иванов аатын үйэтитии;
- Үөдүгэйбит историятын, бүгүҥҥүтүн бэчээккэ, киэҥ эйгэҕэ сырдатыы, биллэрии;
- Суруйар, айар дьоҕурдаах дьону көҕүлээһин;
Ыччакка төрөөбүт дойдуну, кыраайы үөрэтии, тапталы иҥэрии;
Тэрийээччилэр:
Үөдүгэй дьаһалтата
Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ
Үөдүгэйдээҕи култуура киинэ,
“Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ*
Күрэх ирдэбилэ:
Күрэххэ ким баҕалаах бары кыттар
Кыттааччы күрэххэ биэс тиэмэттэн бииригэр талан ылан суруйар
1. Үөдүгэй нэһилиэгин историятыттан
2. Үлэни өрө туппут Үөдүгэйим киһитэ
3. Күннээх Күҥкүм бүгүҥҥүтэ
4. Үөдүгэйбит киэн туттар ыччата
5. Степан Михайлович Иванов туһунан сурукка тиһэбин
Күрэххэ суруйуугутун олунньу 10 күнүгэр дылы Filvalpet.78@mail.ru электроннай почтаҕа ыытыҥ эбэтэр 89679112124 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ
– Күрэх түмүгүнэн көрүҥ ахсын кыайыылаахтарга уонна Степан Михайлович Иванов аатынан бириэмийэ хаһаайыныгар грамоталар, бириэмийэлэр туттарыллыахтара
– Суруллубут ыстатыйалар “Үүнэр-сайдар Үөдүгэй” диэн “Үөһээ Бүлүү” хаһыат иһинэн тахсар сыһыарыыга уонна Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин саайтыгар тахсан куйаар ситиминэн тарҕаныахтара._*