Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр – саҥа кинигэлэр

Хас биирдии ааҕааччыбыт бибилэтиэкэҕэ киирэн кэллэ даҕаны, бастакы ыйытыга «Саҥа кинигэ баар дуо?» диэн буолар. Ыйытымына, куруук ааҕар дьон бибилэтиэкэ улахан аҥарын, сорохтор барытын да кэриэтэ аахтахтара. Онон саҥа, сонун кинигэни олус кэтэһэллэр. Өссө араадьыйаҕа, куйаар ситиминэн саҥа тахсыбыт кинигэлэр угуйуктарын көрөн кэлэн ыйытааччылар. Ардыгар бэл, «Айар» кинигэ кыһатын улууспутугар баар киоскатыттан саҥа тахсыбыт кинигэлэртэн атыылаһан ылбыт киһи диэн санаалар киирэн тахсааччылар.

Биһиги дьолбутугар, Үөдүгэйбит дьоно-сэргэтэ Раиса Павловна Матвеева аатын үйэтитэ турар бибилэтиэкэбитин кытары истиҥ сыһыаннаах уонна сүрэхтэринэн-быардарынан чугас буолан, дьиэтээҕи бибилэтиэкэлэриттэн кинигэ бэлэхтиир үтүө үгэстээхтэр.

            Бүгүн эмиэ биһиги нэһилиэкпит биир киэн туттар Далбар Хотуна, бэриниилээх ааҕааччыбыт, хомоҕой, истиҥ тыллардаах, киһини долгутар хоһооннордоох Татьяна Прокопьевна Софронова дьиэтээҕи бибилэтиэкэтиттэн кинигэ кэһиилээх киирэн кэллэ.

Билиҥҥи кэмҥэ саамай ааҕыллымтыа айымньылардаах аныгы кэм суруйааччыларын Айталина Никифорова «Эргиллиэм мохсоҕол буолан”, Уйбаан Нуолур «Хотун Куо”, Валентина Гаврильева “Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн”, ону таһынан “Уран тыл уустара” сиэрийэттэн Афанасий Федоров “Олох долгуннара”, “Кэм кэрэһитэ» сиэрийэттэн Николай Уус “Олох чорооно”кинигэлэрин бэлэхтээтэ.

Онон сахалыы кинигэни таптаан ааҕааччыларбытыгар саҥа кинигэлэр кэтэһиилээх ыалдьыт кэриэтэ умсугутуулаах буолуохтара.

            Бибилэтиэкэбит пуондатын хаҥатыыга кылааттарын киллэрэр күндү Үөдүгэйбит дьонугар барҕа махталбытын тириэрдэбит.