Бу киэһэ Валентина Петровна үлэтиттэн эрдэ көҥүллэттэ. Куруук буоларыныы, оскуолаҕа таарыйан оҕотун ылан кэллэ. Кыракый дьиэлэрэ кыһыҥҥы киэһэ кинилэри кэтэспиттии, тула өттүн кэтэммиттии саһан чөкөллөн турара көстө түстэ. Бу даҕаны дьиҥэ ыал эргэ дьиэтэ. Ону икки сайыны мэлдьи оҥостон киирбиттэрэ. Туспа олорон абыраннылар. Тула бары олохтоох ыал. Биир өттүгэр Валентина аҕатын кырдьаҕас дьиэтигэр эдьиийэ олорор. Куорат уопсай дьиэлэрин кэрийэн кэһэйбит санааларыгар кыра дьиэлэрэ кинилэргэ билигин отой дыбарыас. Дьахтар оҕотун иннигэр уктан, өтөрүнэн сэниэлээхтик күрдьүллүбэтэх ыллык омоонунан, күүлэ аанын күлүүһүн халыгыратан дьиэтигэр киирдэ. Ыарахан соҕус тутуурун утары дьыбааҥҥа быраҕаат, чомой сонун кэтэн таһырдьа төттөрү харбыаласта. Мас киллэрэн, оһох оттон күөс өрүөхтээх, муус киллэриэхтээх. Уолчаан үөрүйэх киһи быһыытынан, хап –сабар сонун уларыттан ийэтин кэнниттэн саппай уобуста. Син уһуннук хачыгыраһан оһохторун оттон, ууларын – хаардарын саамыланан, киэһээҥи күөстэрин кэтэһэ таарыйа уруок ааҕыннылар. Прогимназия программата пиэрибэй кылаас диэбэт, күн аайы дьиэлэрин олоҕун туһунан уоннуу этиини суруйары ирдиир. Иккиэйэх бэйэлэрэ туохтарын тэлгэтэн суруйуохтарай, ыттара, куоскалара тугу туһалаабыттарын, тиэргэннэрин, дьиэлэрин туһунан тупсаран суруйа сатыыллар. Кыра дьиэ иһигэр дорҕоон уһатыыта, хоһулаһыыта кыайтарбакка ардыгар киэҥ айдаан.
Сорох күн ийэ оһоҕун сабыытын кыччата анньан, оҕотун сыллаан баран киэһээҥи дьуһуурустубаҕа барар үлэлээх. Уол бэйэтэ хаалан, атын бэйэлээхтик дьаһанан, өссө ийэ бопсорун үрдүнэн оһоҕун буккуйан сабан, оронун оҥостон утуйар. Детсад сааһыгар чугас ыалыгар хаалар этэ. Түүн ийэ үлэтиттэн кэлэн, утуйа сытар оҕотун уулуссаны биир гына ытатан марылаппытынан сүгэн киллэрэн ороҥҥо сыгынньахтаан утутар буолара. Онтуката бу күһүн оскуолаҕа киирээт, биир үтүө күн ыалга тахсартан кыккыраччы аккаастанан соһуппута. Уол оҕо буолан эбитэ дуу.
Үчүгэйэ диэн таһырдьа харабыл боруода ыттаахтар. Иһирдьэ эмиэ кыра ыт, маҕан куоска баар буоланнар, оҕо хата кимнээҕэр тэһийэр. Бары даҕаны талбыт курдук өйдөрө сүрдээх. Этэргэ дылы, саҥарыахтарын сыҥаахтарын оҥоһуута атыныттан иҥнэллэр диэххэ сөп. Сарсыарда ааттаах эрдэ дьиэлээх хаһаайка оһоҕун сабан үлэҕэ бараары, инньэ алтаттан хачыгаардыыр. Кыайан саппакка хааллаҕына таһаараа ыалларын эбэлэрин көрдөһөр. Хата дьиэ сымыыт курдук сыбахтаах буолан сылаас. Иккитэ эрэ отуннаран абырыыр.
Бүгүн кинилэргэ өрдөөҥү үөлээннээҕэ, биригэдьиирэ Петр Петрович ыалдьыттыы кэлиэхтээх. Сопхуоска бииргэ үлэлээбит дьонун көрсө – билсэ кэлбитин истэн, Валентина бэйэтэ ыҥырбыта. Куруук солото суох аатырарыттан кыбыстар да буолла. Уруккуну – хойуккуну ахтыспатах, сэлэспэтэх инньэ сүүрбэччэ сыл баҕас буоллаҕа буолуо. Петровичтаах мантан дойдуларыгар көспүттэрэ быданнаата. «Оо, дьэ били ыты тутуохха наада, аны ыалдьыт сүрэҕин хайытыа”, – Валя түннүгү кыҥастаста, “түлүппүөн кинилэргэ бу өтөр киириэхтээх. Дэлэ абыраныа этилэр дуо? Оҕону соҕотох хаалларан баран саатар түлүпүөннээн эрэх – турах сылдьыллыа этэ. Хаһан өрөөн хайаан тиэргэн өрө тардыллара буолла дьэ”, – дьахтар күрдьүллүбэтэх тиэргэниттэн, дьаарыстамматах мууһуттан, маһыттан кыбыста санаата. Биир эмэ өрөбүлүгэр уолунаан оҥостон тахсан нэдиэлэтээҕи мастарын чугаһатынан, муустарын күүлэҕэ тастан кэбиһэллэр. Уол куораттан көһөн кэлэллэригэр уу ньулдьаҕай, куп-кубаҕай, кэмчи бэйэтэ билигин тыа киһитин быһыытынан атыннык сирилийэн- боролуйан иһэр. Хайдаҕын да иһин, төрөөбүт буор, аймах – силэ сылаас тыынын күрүөтэ-хаһаата баар дииллэрэ оруннаах быһыылаах. Күтүөт Сэргэйгэ уолга анаан тимир лииһинэн кыракый салааска оҥотторбута улаханнык туһалаата. Хаардарын эмиэ кыайалларынан күрдьэн орохторун балай эмэ кэҥэттэллэр.
“Оҕом сыыһа улаатара буоллар, маһы – мууһу баҕас үмүрү тутуо этэ. Оччоҕо мин астыы – астыы дьиэҕэ лаглайыа эбитим дуу. Оо, үлэ обургу лаглаппат ини саатар онно даҕаны”, – Валя ыалдьытын көрсөөрү таһырдьа таҕыста.
Түүн хойукка дылы ахтыспыт үөлээннээхтэр хото сэлэһэн, күлсэн, аһаан тарҕастылар. Валя оһох кэннинээҕи муччахаҕа уолун кытары утуйа киирдэ. Ыалдьыт аан дьиэ дьыбааныгар сытаат да мунна хаһыҥыраан, соҕототх истиэнэ чаһытын кытары күөн былдьаһарга барда.Оһох аннын диэки кутуйах түүҥҥү түбүгүн үмүрүтэ охсоору хачыгыраата. Куоскалаах кыра ыт утуйар укулааттара кэһилиннэр даҕаны, сэрэххэ кулгаахтарын чөрбөҥнөппүтүнэн оннуларын- тойдорун булуннулар. Кырдьаҕас дьиэ икки үөлээннээх кэпсэлиттэн, күлсүүтүттэн уйгууран, уруккутун-хойуккутун ыатаран, арҕаа өттүнээҕи таһыттан тирээбиллээх хараҥа муннуга көхсүн этитэргэ дылы гынна…
Сарсыарда оһох утута сытыа баара дуо? Дьиэлээх дьахтар күлүн уот айаҕар тардан, эрдэ бэлэмнэммит чыыппаанын тобоҕунан оһоҕун күөдьүттэ. Куоскалаах ыт үссэнэ охсон хаалаары уһун халаатын бүрүнэн кыараҕас дьиэҕэ тыаһа суох хаампахтыыр хаһаайкаларын илиитин-атаҕын манастылар. Онтон оҕо тыыллааҥнаан турда. Сотору соҕуһунан оҕолоох ийэ таҥнан, симэнэн ыалдьыттарын уһугуннарымаары намыһах аанынан таһырдьа суксурустулар. Дьиэ муҥутуур хотун оһоҕо сиэн ортолоон эрэр хардаҕастарын быыһынан аантан ааҥнаан киирбит тымныы салгыны «бээ, тохтуоҥ эбээт», диэбиттии эҕирийэн сип гыннарбыт тыаһа сирилээтэ.
“Күүлэй киһитэ сынньаннын, уутун ханнын. Петрович улаханнык уларыйбатах. Сабаҕадыйбыт. Урут хачаайы да эбит. Иккис дойдутун ахтара –саныыра, дьонун бары өйдүүрэ сүрдээх эбит. Лиза абыраммыт кыыс, киһилии киһиэхэ эргэ тахсан”, – диэн саныы – саныы, Валя оҕотун батыһыннаран, күөл ортотунан субуллар ыллыкка киирдэ…
Кыра дьиэ тэлгэһэтэ бу киэһэ дьонун хайдах эрэ атыннык көрүстэ. Туох эрэ уларыйбыт курдугун Валентина тиэргэнин иһигэр киирэн эрэ баран өйдөөн көрөн, тула-хала көрүннэ: дьиэ иннэ, орохтор киэҥник, ып- ыраастык күрдьүллүбүттэр, мууһа чөкөтүллүбүт, мас бөҕө хайытыллан саһааннаммыт! Онтон аны иһирдьэ киирбиттэрэ: күүлэҕэ мас ыгыччы кыстаммыт, дьиэҕэ муустаах баах толору, оһох иннигэр хардаҕас бөҕө өрөһөлөммүт буолан таҕыста.
Уолчаан үөрүүтүттэн ытыһын таһынна, ийэтин диэки көрө –көрө: “ Ураа! Маамаа, хата бүгүн үлэлээбэт буолбуппуут. Күүстээх да киһи эбит дии? Ким буолуой ээ? Человек паукпут эбэтэр супермиэммит дуу? Баҕар суохпутугар кинилэр киллэрэллэрэ буолуо дии! Билигин көрүөхпүт сөп, хамсаабыттарын суоҕун…
Дьахтар аан утары дьыбааҥҥа лах гына түстэ:
– Үчүгэй дьоннор бааллар, чыычаах. Мин оҕом улааттаҕына эмиэ “настоящий мужчина” буолуо дии. Абыраннахпытын да, бу тымныыга, – уйадыйан куолаһа титирэстээн ылбытын кистэнэн, муодарҕаан санталлан турар уолун сыллаамахтаата. Оҕотун сонун, сүгэһэр суумкатын уһулла. Онтон бэйэтэ туран тас таҥаһын налыччы сыгынньахтанан, чыыппаан тыыраары оһоҕун айаҕар аргынньахтаата…
Куттаах