Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнүн” чэрчитинэн, дуобакка оонньуулар буоллулар.

Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри саастаах дьоммут тохсунньу тоһуттар тымныытын биир үтүө күнүн бибилэтиэкэҕэ атаардылар. Дуобат – толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕуру, мэйии үлэтин сайыннарар.

Дуобакка улахан уопуттаах дьону кытта оонньоон оҕолор, эдэр дьон оонньууллара биллэ тупсубута бэлиэтэннэ. Бу күһүҥҥүттэн Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр дуобакка, саахымакка хаһыс да оонньуу буолла.

Оонньооччулар бүгүн инникитин дуобакка коммерческай оонньууну тэрийиэххэ диэн этии киллэрдилэр.

