«Сүүрбэ сүүтүк” диэн Куттаах саҥа кинигэтэ таҕыста!

Үөдүгэйбит бибилэтиэкэтигэр бу сабыс-саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни Надежда Кардашевская – Куттаах бэлэх уунна. Онон саҥа үүнэн эрэр 2026 сылы көрсө ааҕааччыларбытыгар сэргэх, сонун кинигэ таҕыста.

            Кинигэҕэ ааптар 1980-с сыллартан бэттэх олох-дьаһах кэрчиктэрин ойуулуур. Сүнньүнэн тыаҕа да, куоракка да буолан ааспыт улахан, кыра тэрээһиннэр, быһылааннар истэрэ-тастара ахтыллар.

Бу кинигэҕэ тиһиллибит сүүтүк кэпсээннэригэр Куттаах олох, үлэ уустуктарын ханан да, кимиэхэ да соҥнообокко, хайдах эрэ күлүү-оонньуу хабааннаах эрээри, биһиги олохпутугар хомойуох иһин буолуталаан ааспыт мөкү да, ардыгар хабыр да быһылааннары, моһоллору кэтэх өттүнэн чаҕылхайдык арыйталаан суруйбута, кини суруйар дьоҕура таһымнааҕын мэктиэлиир. Уонна саха барахсан “куһаҕантан киһи да күлэр» диэн уот харахха этэн кэбиспит эбит диэн тураммын кинигэни таптааччылары «Сүүрбэ сүүтүгү» ааҕаргытыгар ыҥырабыт!

            Кинигэни Куттаах айар үлэ ыллыгар сиэтэн киллэрбит күндү доҕоругар – Валерий Васильевич Васильевка – Муттуххай Бороҥҥо аныыр.