Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ иһинэн бэлэмнэнэн тахсар «Үүнэр-сайдар Үөдүгэй” диэн Үөдүгэйбит хаһыатын сыһыарыытын сэтинньи ыйдааҕы 7 нүөмэрэ “Үөһээ Бүлүү» хаһыакка бэчээттэнэн таҕыста.
Бу нүөмэргэ Аҕам саастаахтарбыт дэкээдэтин түмүктүүр дьоро күн, саҥа айар сезону арыйар «Түмэр Кэрэ Эйгэ” диэн улахан бырааһынньыктааҕы кэнсиэрт туһунан, П.Н. Тобуруокап төрөөбүтэ 108 сылын көрсө 108 кырачаан чуопчаара хоһоон аахпыт тэрээһинэ, нэһилиэкпитигэр ыытыллар үлэ-хамнас, болҕомто, кыстыкка киирии, “Алып” уйулҕа үөрэхтээхтэрин түмсүүтүн үлэтин туһунан суруйуулар киирдилэр.

Ону таһынан сынньалаҥҥа «Мүччүргэн адьас ыксабытыгар сылдьар атаспыт эбээт” диэн Надежда Куттаах саҥа тэттик кэпсээннэриттэн астына ааҕыаххыт.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыакка сурутарбытын умнубаппыт! Хаһыаппытын эргитэ сылдьан, астына-дуоһуйа ааҕыаҕыҥ! Хаһыаты почтаҕа уонна эрэдээксийэҕэ бэйэтигэр баран суруттарыаххытын сөп.
