Үөдүгэйгэ – Дапсы дьыктаана

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл билимин хандьыдаата, төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта Михаил Петрович Алексеев- Дапсы төрөөбүт күнүгэр “Дапсы дьыктаанын” суруйуу буолла.

Бу күн улуустааҕы «Ийэ тыл» түмсүү салайааччыта Антонина Хобусарова кэлэн эҕэрдэ тылы эттэ.

Михаил Петрович – Дапсы хаан-уруу балтыта Алгыстаана Семенова, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо кэлэн дьыктаан кыттыылаахтарыгар алгыс тылын эттэ. Уонна абаҕата, тыл хараанньыта Дапсы үлэлэрин, кинигэлэрин анааран көрөн ырытыылары оҥоруохха, норуокка тарҕатыахха диэн санаатын этиннэ. Тыл иччитин илдьэ сылдьар улахан киһи тыл эниэргийэтин үчүгэйдик билэр. Анаарыыттан норуот олоҕо -дьаһаҕа, майгыта-сигилитэ, кэскилэ тутулуктаах диэтэ.

Дапсы дьыктаанын улууска ийэ тыл билиҥҥи туругун таһымын  наукаҕа олоҕуран улууспутугар ийэ тылы өрө тутан сайыннара, хараанныы сылдьар Бурхалей Степанович Макаровтыын чинчийэ сылдьар Варвара Васильева аахта. Барыта уон аҕыс киһи кэлэн “Саха тылын барҕа баайын көрдөрүөххэ” диэн дьыктааны суруйдулар.

“Туйгун суруксут” ааты Сусанна Иванова, Марта Силигиянова, Мария Харахова, Антонина Хобусарова, Светлана Ильина, Алгыстаана Семенова, Аяна Васильева, Маргарита Петрова ыллылар.

“Үчүгэй суруксут» ааты Клара Колтовская, Евдокия Николаева, Ульяна Александрова, Зоя Федорова, Павла Абрахова, Федора Попова ыллылар. Онтон атыттар туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.

Өбүгэлэртэн бэриллибит төрөөбүт тыл өлбөт мэҥэ уутун курдук иҥэмтиэлээх, төрөппүт ийэҕэ холоонноох, киһиэхэ ийэтин тыла – ытык тыл, күндүттэн күндү аптаах, хомуһуннаах.

Валентина Филиппова