Дуобакка, саахымакка күүстээх оонньуулар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнүн” чэрчитинэн, дуобакка, саахымакка күүстээх оонньуулар буоллулар. Ону таһынан баарыс оонньонно. Садуоба диэн интэриэһинэй, хас да түһүмэхтээх оонньуу буолла.

Бүгүҥҥү оонньууну саахыматчыт, Үөдүгэй бибилэтиэкэтин эрэллээх ааҕааччыта, айар куттаах Аркадий Иванов тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыытта. Оонньуу саҕаланыытыгар саахымат оонньуу үөскээбит историятын, Арассыыйаҕа уонна чуолаан биһиги улууска сайдыбыт историятын кэрдиис кэмнэрин, уһулуччулаах дьоммутун, биһиги улууска саахыматы күүскэ сайыннарбыт Василий Кынатовы, билигин үгүс көлүөнэ ыччаты саахымакка уһуйа сылдьар Валерий Семеновы, Дмитрий Донскойу бэлиэтээн эттэ.

Бүгүҥҥү саахымат, дуобат түһүлгэтигэр кэлбит улууспут улахан саахыматчыттара Константин Васильев, Николай Григорьев, Семен Капитонов кэлэн оонньуу таһымын үрдэттилэр. Саахымакка, дуобакка оонньуур үүнэн иһэр көлүөнэ оҕолорго биир умнуллубат күнү бэлэхтээтилэр. Үгүс сүбэни-аманы биэрдилэр.

Саамай кырачаан оонньооччуга, Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитигэр Арчын Васильевка бибилэтиэкэ аатыттан кинигэ бэлэхпитин туттардыбыт. Улахан саахыматчыттары кытары  атах тэпсэн олорон оонньоон, саахымат эйгэтигэр сүрэхтэммит күнүнэн мустубут ыалдьыттар эҕэрдэлээтилэр.

Саахыматчыт оҕолор Дамир Васильев, Эрсан Михайлов улуус бары саахыматчыттарын кытары оонньоотулар. Элбэхтик оонньуу үөрүйэх буолан, турнир таблицатын толордулар.

Өй оонньуута киһиттэн элбэх толкуйу, мындыр хаамыылары эрэйэр эбит. Саахымат, дуобат хаамар тыастара лоһургуур. Дуоскалар устун хаамыы үөрүүлэрэ, сыыһа-халты түһүүттэн саҥа аллайыылара бу оонньууга киһини өссө ордук умсугутарга дылы. Дьэ, үчүгэй, күүстээх оонньуулар буоллулар. Түмүгэр, 1-кы миэстэни Үөдүгэйтэн төрүттээх Константин Васильев, 2-с миэстэни Үөдүгэйтэн Николай Григорьев, 3-с миэстэни Аркадий Иванов ыллылар.

Валентина ФИЛИППОВА