Кырачааннар ыалдьыттаатылар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаанын оҕолоро иитээччилэрин кытары киирэн бибилэтиэкэҕэ экскурсиялаатылар.

Оҕолорго аналлаах араас интэриэһинэй кинигэлэри көрдүлэр. Остуол оонньууларын оонньоотулар, пазл сааһылаатылар.

Саҥарар азбуканы ордук интэриэһиргээн, билэр буукубаларын баттаан хоһооннору иһиттилэр. Сорох оҕо энциклопедиялары интэриэһиргээн көрдө. Оҕолор быыһыгар куукуланан, массыынанан да оонньоон ыллылар.

Онтон иитээччилэр сахалыы ааҕар кинигэлэри уларыстылар.

Оҕолор инникитин даҕаны бибилэтиэкэҕэ иитээччилэрин, төрөппүттэрин кытары кэлиэх буолан “көрсүөххэ диэри” диэн бардылар.

Валентина ФИЛИППОВА