Аҕабын аҕынным…

Сарсыарда эрдэттэн уһуктаат

Санаатым ийэлээх аҕабын,

Сүр күүскэ хараастаат

Ытаатым…

Аҕынным олуһун аҕабын,

Атаахтаан айманар саастарбын,

Аҕабар эппитим барыта

Күн бүгүн, бу чааска туоларын.

Көхсүтүн тарбыыра аатыран

Кып-кыһыл сурааһын тардарым,

“Тыраахтыр суолун” оҥорон

Чаачыгырыы күлэрим.

Сыарҕалаах акка олорсон,

Сыыдам соҕустук айаннаан,

Тиийэрбит хоту уулусса

Хонноҕор турар хотоҥҥо.

Оо, ол кэмҥэ хотон сыта

Охсуллубут от сыттааҕа,

Аҕам көөнньөрөр отурбата

Сүрэҕи сайа охсоро.

Аҕам аҕалбыт ыһыгын-

Арыылаах лэппиэскэтин

Минньигэстик даҕаны

Мотуйан кээһэрим.

Онтон аҕам эрэйдээх

Үүттээх итии чэйин

Оргуу й аҕай сыпсырыйара,

Миигин көрөн мичээрэрэ…

Бэйэмсэх оҕо саас…

Атаах -тараах оҕо саас

Хайаан сэрэйиэм этэй дуу

Бу бүгүн харах уулаах

Хоһоон тылын суруйуохпун,

 Бэйэбин хомуруйуохпун…

Антонина Хобусарова.

2006 сыл

Ийэкээм

«Ийээ» диэн элбэхтик эппэтэх,

Ийэттэн хайҕанан үөрбэтэх,

Ийэлиин сипсиһэн ылбатах

Мин курус олохтоох эбиппиин.

Өйдүүбүн номоҕон дьүһүнүн,

Килбиктик мичээрэн ыларын, аҕыйах саҥалаах бэйэтин,

Бэрт чуумпу, уу нуурал майгытын.

Хап-халыҥ ачыкы курдары

Саһархай хараҕа мичээрэ

Тахсар күн уотунуу кыыһара,

Дьоллонон тырымныы үөрэрэ.

Ийэбит олохтон барбыта

Күөгэйэр эдэркээн сааһыгар,

Эмискэ иһийтэ дьиэ иһэ,

Чуҥкуйа түспүтэ тэлгэһэ.

Ийэккэм мөрсүөнүн сүрэхпэр

Хаһан да өспөттүк саһыардым

Мөлтөөбүт-ахсаабыт күннэрбэр

Аттыбар баар курдук саныаҕым…

Сааһыран бараммын сүр күүскэ

Дьоннорбун ахтабын, суохтуубун,

Ийэлээх аҕаккам тапталын

Ситэри билбэтэх бэйэккэм…

Антонина Хобусарова.

2018 сыл.

“Ийээ”, “аҕаа” диэн тылга

Оҕо сааһым чуораана

Кылыгырыы чугдаарар,

Сүрэхтэри нүөлүтэр.

Ити икки сылаас тылы

Дууһам дириҥ түгэҕэр

Саһыараммын, кистээммин

Ууран илдьэ сылдьабын.

Туоххаһыйар күннэрбэр,

 Санаам түһэр кэмигэр

Оргууй хостоон ылабын,

Сырылаччы сыллыыбын…

Аҕам чэрдээх илиитэ,

Ийэм сылаас мичээрэ

Сырдыгынан сыдьаайа

Кууһан ылар ол кэмҥэ…

Ийэ, аҕа таптала

Олох устун арыаллыыр,

Оҕо-аймах махтала

Өлбөт-сүппэт дьылҕалыыр.

Антонина Хобусарова

2024 сыл.

Ийэм былаата

Ийэм барахсан бу сиртэн

Букатын “барбыта” ыраатта.

Ийэ буоругар кистэммитэ

Үйэ буолла, быданнаата.

Санаам түһүө, соҕотохсуйуум,

Ийэм былаатын хостуубун,

Сыллаан ылыым нарыннык

Сонно тута уоскуйабын.

Ийэм сыта субу баардыы

Былаатыгар иҥмит эбит,

Ахтылҕаммын мүлүрүтэ

Мин сүрэхпэр сөҥмүт эбит.

Олох сырдык өйдөбүлэ,

Өйүм-санаам өйөбүлэ,

Күндү киһим, ийэм сыта

Өрүү даҕаны сүппэт эбит.

Ийэм барахсан бу сиртэн

Барбыта букатын ыраатта,

Томторго кэриэс кириэһэ

Иҥнэйбитэ быданнаата.

Валерий Васильев- Муттуххай Бороҥ

04. 11.2019 сыл.

Ийэм таптайбыт арыыта

Ийэм таптайбыт арыыта-

Алаас дыргыл нүөл сыта,

Мүөттээх хойуу салгына,

Сайылык чуумпу киэһэтэ.

Ийэм таптайбыт арыыта –

Оҕо сааһым ахтылҕана

Чаҕыл күннээх күлүмүрдэс

Саһарҕалаах сарсыардата.

Ийэм таптайбыт арыыта-

Эриэкийэ хойуу үүтэ,

Үрүҥ сөлөгөй илгэтин,

Кытыйалаах күөрчэҕэ.

Ийэм таптайбыт арыыта-

 Сыа Бүлүүм сыата-арыыта.

Бүтэй Бүлүү күрүөлээх

Арыылааҕын алааһа.

Ийэм таптайбыт арыыта-

Ураты минньигэс амтаннаах

Уонна киниэнэ барыта

Умнуллубат аналлаах.

Ийэм таптайбыт арыыта-

Ааспыт олохпут туоһута,

Өбүгэм үтүө үгэһин

Сарсыҥҥылаах саргыта.

Валерий васильев- Муттуххай Бороҥ

Сылаас

Сыарҕалаах дьоҕус көлө

Түннүгү иччилээтэҕинэ,

Тимир чаанньык өрүкүйэн

Ырыа ыллаан саҕалыыра,

Тымныы дьыбар бүрүнэн

Аҕам киирэн кэлэрэ,

Кырыа – тараа сэлбэнэн

Сыыҥтаан “тарк” гыннарара,

– Моруос тириэскэй – диэн баран

Хаатыҥкатын тэбэнэрэ…

Ийэ – аҕа сылааһын

Сатыырынан тиэрпитин,

Иэдээннээх будулҕан

Ийэбин мэҥиэстибитин,

Уйулҕам бэйэтэ билэринэн

Итинник эрэ иҥэрбит…

Ийэ күнэ диэтэллэр

Аҕам көстөр, хайыамый:

Сыарҕалаах ат санатар

Хара Хасылаай аҕабын,

Сылайбакка сыкырдатан

Сылытар мин сүрэхпин…

Куттаах

Красивое лицо,

Печальные глаза,

Шторки на плечах,

Ангелы в слезах…

Сегодня за столом

Сидели бы вдвоем,

На скатерти цветок

Пустил бы завиток…

Горячий крепкий чай

И мамин нежный взгляд…

Но ты так далека

Осталась у окна…

Куттаах

Аве Мария улуу Ийээ-

Сардаҥалаах сарсыардааҥы

Сылаас халлаан анныгар

Ийэ баара кэрэтиэн.

Баар эрэ истиҥ иэйии

Таптал, оҕо мичээрэ

Сардааналаах хонууга

Нэлэһийэ тэлгэнэр.

Бытархай дьэҥкир таммаҕа

Сииктээх окко ойуута

Санаа салбырҕаһа иэҕэ

Ибигириир салгынныын.

Хас сүүс хараҕын уута.

Аве Мария

Айыы тыынын

Ийэтээ…

 Наталия Дордо

Аҕабар махталым

Аҕабар барҕа махталым

Сааһырдаҕым аайытын

Улаатарын, күүһүрэрин

Билигин бигэтик билэбин.

Хайдах курдук таптанан,

Тыыммыппынан көрүлээн,

Баҕам хоту таалалаан

Иитиллибит эбиппиний…

Эбээ буолан бараммын

Дьэ кэлэн өйдөөммүн,

Оҕолорбор, сиэннэрбэр

Киэһэ аайы кэпсиибин.

Аҕам сырдык мөссүөнэ

Сиэнтэн сиэҥҥэ бэриллэн

Үйэлэртэн үйэҕэ

Ууһуу, тэнийэ туруохтун!

Татьяна Софронова