Уйулҕа үөрэхтээхтэрин кытары истиҥ кэпсэтии

Бүгүн Р.П.Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Үөдүгэй психологтара” түмсүү үрдүк категориялаах, уопуттаах психологтара Мария Тимофеевна Александрова, Альбина Николаевна Тюкянова төрөппүттэргэ анаан “Дьиэҕэ үлэни аахтарыыга төрөппүккэ сүбэлэр” диэн бэсиэдэ, уонна практическай үлэ ыыттылар.

Улууспут биир саамай кыһаллымтыа, оҕотун үөрэҕигэр болҕомто уурар төрөппүттэрэ кэлэн олус истиҥ, интэриэһинэй, туһалаах кэпсэтии таҕыста. Төрөппүттэр, эбээлэр бэйэлэрин ыйытыктарыгар сиһилии эппиэттэри, сүбэни-аманы ыллылар.

Төрөппүттэр инникитин даҕаны “Үөдүгэй психологтара” түмсүү төрөппүттэргэ анаан маннык тэрээһиннэри, кэпсэтиилэри, трениннэри ыыта турдун диэн баҕа санааларын эттилэр.