Ийэм, Егорова Анна Николаевна, I Маҥааска ыам ыйын 12 күнүгэр 1922 сыллаахха элбэх оҕолоох Егоров Николай Ефремович–Саллар, Иванова Анисия дьиэ кэргэттэригэр 6-с оҕонон төрөөбүтэ, бииргэ торообуттэр 7 этилэр.
1941 сыллааха Аҕа Дойду сэриитэ саҕаланан, эр дьон фроҥҥа бараннар, Харбаала совхозка 18 саастаах кыыһы сытыы-хотуу, үлэһит диэн биригэдьииринэн анаабыттар. Ол үлэтигэр 17 сыл үлэлээбитэ. Ийэм кэпсииринэн, ол сылларга хас да атынан Бүлүү куоратыгар эт-арыы бэдэрээттээн илдьэллэрэ үһү, быыьыгар куорат олохтоохторугар мас, муус тиэйэн харчылаһаннар, дьонноругар кэһии бурдук ылан тиийэллэр эбит. Сахалыы тылынан саҥарар эт тутар нуучча киһитэ баара эттэрин соруйан күүскэ быраҕан сыатын саккыратан иккис суортаах гынан тута сатыыр эбит, ону мөккүһэн, бииргэ сылдьар уолун харабылынан хаалларан, бэйэтэ мээсэлэргэ баран, киһи аҕалан көрдөрөн 1-кы суордунан туттарара үһү, тохтубут сыатын хомуйан ылан хонор ыалларыгар ыһык гынан илдьэллэр эбит. Приемщик: «Хомуйан эрэҕин дуу?»- диэтэҕинэ, «Эйиэхэ сиэтээри хаалларыам дуо?»- диэн хардарара үһү. Оннук аахсан тойотторго-хотуттарга атаҕастаппат, хайдах оҥороллорун кэпсэтэ олорон барытын хараҕар хаартыскаҕа түһэрэн ылар курдук чопчу өйдүүр ураты дьоҕурдаах этэ.
Тугу барытын сатыыра, «Киһи сатыырын киьи сатыахтаах» диэн тыллаах буолааччы. Ол курдук, кыра таҥаһыттан саҕынньаҕар, унтуутугар, бэргэһэтигэр тиийэ бэйэтэ тириини таҥастаан тигэрэ, унтуу улларара, маһынан кыра олоппоһуттан дьиэ ис барааныгар тиийэ тугу барытын уһанара. Бэйэтэ тигэр этэрбэстэригэр дьэрэкээн билэ анньара, оннооҕор истиэнэ көбүөрүн миэхэ уонна уолугар анньыбытын билигин да илдьэ сылдьабыт. Бэл кырдьар сааһыгар, балыыһаҕа сытан, спицанан, күрүчүөгүнэн баайарга үөрэммитэ. Наскы, былаат, үтүлүк, перчатка араастаан оһуордаан баайара.
Тылга эмиэ дьоҕурдааҕа. Былыргы ырыалары айан ыллыыра, хоһоон суруйара. Рифматын, дорҕоон дьүөрэлэһиитин олус табан таһаарара. Аммаҕа миэхэ кэлэн олорор сылларыгар улуус «Амма олоҕо» хаһыатыгар кытта бэчээттэнэн турардаах.
Биир кэмҥэ тимиринэн кытта уһанар буола сылдьыбыта. Сахалыы илин, кэлин кэбиһэри, ытарҕаны таптайан оҥороро. Хаһыаты, сурунаалы, кинигэни олус сэҥээрэн ааҕара.
Үөдүгэйгэ биригэдьиир Васильев Василий Титович ийэбин кэпсэтэн Чочу Күөлүнэн, Күүлэнэн оһох туттаран, өрөмүөннэтэн Оһохчут Аана ааттаммыта. Оройуоҥҥа ыҥырыкка сылдьар оһохчут буолбута. 100-тэн тахса оһоҕу туппутум диэн кэпсиирэ.
Чинэкигэ, Боотулуу холкуоска, совхозка субай сүөһүнү көрөн, сайынын бостууктаан, пенсияҕа тахсыбыта, тыыл, үлэ бэтэрээнэ этэ.
1977 сыллаахха Үөдүгэйгэ көһөн кэлэн, бырааттарынаан, Максимов Прокопий Иванович салайааччылаах, Ороһуттан дьиэ холлоҕоьун көһөрөн аҕалан дьиэ тутан биэрбиттэрэ, ол дьиэ оһоҕун кирпииччэтин бэйэбит үктээн, оһоҕун бэйэтэ оҥорон, муостатын бэйэтэ муосталаан, күһүн саҥа дьиэҕэ киирбиппит.
2010 сыллаахха ыам ыйын 12 күнүгэр, 88 сааһын туолбут күнүгэр, орто дойдуттан барбыта. Хайа өлүөр диэри кыаҕа баарынан дьонугар-сэргэтигэр көмө буола олорбута, дьону-кытта уопсай тылы булумтуо, дьону тылыгар киллэримтиэ бастыҥ хаачыстыбалаах этэ. Ийэбитин өрүү биһиги сүрэхпитигэр сырдык өйдөбүл буолан сылдьар.
Ахтыыны суруйда кыыьа Семенова Ирина Лазаревна,
Амма улууһа, Соморсун нэһилиэгэ.
Олунньу 17 күнэ, 2025 сыл.