Харааччыннар Кудуга, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ суоллара

Урукку дьыллар уорҕаларыгар, ааспыт үйэлэр үһүйээннэригэр хааллахтара, хаарыан хампа тыа быыһыгар олорбут, төгүрүк алаастарга түөлбэлэммит, үрэх бастарынан батан буруо таһаарынан оҕо-уруу тэниппит биһиги төрүт дьоммут-сэргэбит…

Кып-кыра Куду сириттэн бүтүн Саха сиригэр биллэр-көстөр, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, историятыгар үгүһү  киллэрсибит өркөн өйдөөх, үтүө суобастаах элбэх ыччат тахсыбыта. Үтүө ааттара бэйэлэрин үйэлэрин төһө эмэ нөҥүөлээбит Куду дьонун-сэргэтин үгүһү ааттыахха сөп. Онно эбии хараҥаттан хараҥаны ыпсаран, ийэ-хара көлөһүнүн тоҕон, ньуура суох үлүскэн үлэни көрсүбүт, сэрии ыар сылларын санныларыгар сүкпүт аҕа көлүөнэни…

 Олортон ойуччу тутан, мин бу дакылааппар Харааччыннар диэн Куду сис баайдарын, сыдьааннарын уонна кинилэр Кудуга, Үөһээ Бүлүү улууһугар, Саха сиригэр суолларын туһунан үйэтитэр сыалтан сурукка тистим. Дакылааппар Үөдүгэй нэһилиэгин былыргы, аныгы олоҕунан, дьонун-сэргэтин төрүттэринэн анаан-минээн хасыһан дьарыктанар, физико-математическай наука доктара, Кудуга төрөөбүт – үөскээбит, Кудулар күөн туттар киһибит Шамаев Иван Иванович «Куду сэһэннэрэ» 2000 с., “Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” -2008 с. таһаарбыт кинигэлэригэр тирэҕирэн эбии матырыйааллары хомуйан туһанным.

Холкуостааһын иннинэ, 1929 с. диэри Куду территориятыгар син элбэх сэниэ баай ыал олорбуттар. Олортон саамай кыахтаахтара,  Куду уонна Кулун өлбүт диэн алаастарга, Испии уонна Тиит Харааччыннар  улахан баай аатын ылан олорбуттар. Иккиэн тус туһунан 80-чалыы сүөһү, 30-чалыы сылгы баайдаахтара үһү.

Куду сирэ урукку аата Халбаакы диэн. Халбаакы  диэн ааттаах киһи бастаан билиҥҥи Ороһу сиригэр өрүс арыытыгар олохсуйан иһэн куду буордаах сиргэ Кудуга тахсыбыт. Лазарь Федотович Николаев уонна Марк Петрович Григорьев оҥорбут  төрүччүлэринэн  көрдөххө, Халбаакыттан Тит Васильев – Желеки Бырдыков  (Быычыр) (1698-1788 с.т.)  төрүүр, Быычыртан Истер-Желякин (Иотерий), чаччыына (1728-1813 с.т.), онтон  Жуль-Гаврил Петров – Кырдаҥаа, кинээс, чаччыына (1769-1852), Кырдаҥааттан Иван Гаврилов, кинээс (1827 с.т.) – Кырдьыбыт Оҕонньор, Кырдьыбыттан  Иванов Данил Иванович – Тайыла (Харачаас) (1850 с.т.)  (Харааччыннар аҕалара) төрөөбүттэр.

Гаврил Иванов – Кырдьыбыт бэйэтэ улахан баай киһи. Араас ахтыыларга кинини Кырдьыбыт Оҕонньор диэн ааттаан ахталлар. Үйэтигэр Үөдүгэйгэ кинээстээбит, ону таһынан улуус быраабатыгар аан маҥнайгы кулубалартан биирдэстэрэ эбит. Архыып докумуоннарыгар көстөрүнэн 1862-68 сс.  чаччыыналаабыт (ЯОУ от 31.07.1862 г. НА РС(Я) ф.34и, оп. 1, д. 482), 1881-1888 сс. кинээстээбит (НА РС(Я) ф. 34и, оп. 1, д. 464).

Кырдьыбыт Өргүөккэ сылдьан Ачаам оҕонньор  аҕатын төрдө дьахтарга Тайыланы оҥорбут. “Өргүөккэ маннык оҕолоохпун, ону ылыах” диэн ойоҕуттан Григорьева Феодосьяттан (1826 с.т.) – Сөлүөчэ  эмээхсинтэн көрдөһөр, онуоха ойоҕо сөбүлэһэр. Тайыла биир сахалыы аата Харачаас. Сячикова Н.В. кэпсииринэн, Карадчиннар диэн араспаанньа ити сахалыы ааттан тарҕаммыт эбит. Тайыла 1866 с. сэтинньи 11 күнүгэр Чочуттан ааттаах – суоллаах  Дабдый кыыһын Руфова Акулина Федоровнаны (1846 с.т.) кытта бэргэһэлэммит. Кинилэртэн Маарыйа (Тойтонова) (04.01.1867 с.т.), Балбаара (1867 с.т.), Ньукулай (1868 с.т.),  Маарыйа (Потапова) (12.02.1874 с.т.), Испии (1878 с.т.), Тиит (08.01.1886 с.т.), Агааппыйа төрүүллэр.

1929 с. Саха АССР Үөһээ Бүлүү оройуонун II- Үөдүгэй олохтоох сэбиэтин хаһаайыстыбаннай кинигэтигэр испииһэккэ 97 нүөмэринэн “Спиридон Гаврилов (Кулун өлбүт) – 52 саастаах, ойоҕо Маарыйа- 56 саастаах, уолаттара Захаар – 17 саастаах, Испирдиэн – 13 саастаах, кыыьа – 9 саастаах” диэн суруллубут. Онтон атыттара Карадчиннар диэн араспаанньалаахтар. Дьиҥнээх араспаанньалара Ивановтар диэн буолуохтааҕын оҕолоро аҕаларын хос аатынан Харааччын диэн араспаанньаламмыттар. Онон Испиини дьон эмиэ Харааччынынан билинэллэр эбит эрээри, сурукка киирэр араспаанньата эһэтин аатынан Гаврилов диэн сылдьыбыт.

«Харааччыннар элбэх тутууну, элбэх оҥоһууну оҥорбут кыахтаах дьоннор»  диэн Прокопьева (Кетехова) Матрена Васильевна ахтар. Ол курдук, 1926 с. Испии Харааччын Кудуга  турбут  дьиэтигэр түөрт кылаастаах оскуола аспыттар. Бу дьиэ сүрдээх улахан эбит. 2 киэҥ үөрэнэр кылаастар, учууталыскай, таҥас ыйыыр хос, киэҥ пионерскай хос уонна учууталлар үрдүттэн олорор хосторо баара үһү. Кэлин бу дьиэни Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр көһөрөн киллэрбиттэр, “Куду оскуолата”, ”Куду куорпуһа” диэн  ааттанар дьиэҕэ хойукка дылы хас да көлүөнэ ыччат үөрэммит, ол иһигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр норуодунай учуутал физико-математическай кылаастар бастакы үөрэнээччилэрин М.А.Алексеев манна дьарыктаабыт. Испии Харааччын биир улахан дьиэтин оройуоҥҥа Күүлэҕэ көһөрөн, эбии салҕаан кулууп дьиэтин туппуттар.

Испии Харааччын 1897 с. ыам ыйын 11 күнүгэр Хаҥаластан төрүттээх Мария Ивановнаны (Эмэгэттиир) (1874 с.т.) кытта бэргэһэлэммит.

Алта оҕолоохтор. Пуд – Буттука (02.02.1898 с.т.) диэн оройуоҥҥа учууталынан үлэлээбит уоллаах,  Денис (Дионисий) (1897 с.т.), Захар (1911 с.т.), Спиридон (20.02.1917 с.т.) уонна Лаврентий (1908-1973) (Москваҕа үөрэммит)  уолаттардаах, Анна (1919 с.т.), Александра (22.02.1914 с.т.), Екатерина диэн кыргыттардаах эбит.

Кудуттан төрүттээх Воронина Зоя Антоновна кэпсииринэн, Испии Харааччын Адаарысов Гаврил Спиридонович (1912 с.т.) диэн уолу оҕом диэн ааттаан ыраах айаннарга, хотунан, Өлөөнүнэн эргийэн кэлэригэр илдьэ сылдьан ииттибит, үөрэттэрбит эбит. М.П.Григорьев төрүччүтүгэр Гаврил төрөппүт уолун курдук сурулла сылдьар.  Бу уол олус үчүгэйдик нууччалыы саҥарара да, суруйара да үһү.  Сэбиэскэй Былаас киириэн аҕай иннинэ Өлөөҥҥө бара сылдьан эбээн баайын кыыһын (Евдокия) ойох ылан биэрбит. Ону анарааҥҥы баай «бэйэм уолум диэн албыннаан кыыспын хамначчыт уолугар биэрдэ» диэн үҥсүһэ кэлээри сырыттаҕына, оччотооҕу ыраахтааҕы былааһа сууллан тохтоон хаалбыт. Кулаактааһын буолтун кэннэ бу уолу кулаак кутуруга диэн Алдаҥҥа куоттарбыттар. Испии Харааччын кулаактааһын буолтугар баайын кистээбит уонна көмүһүттэн бу уолга бэрсибит диэн кэпсииллэрэ үһү. Онон сойуоласпыт буолуохтарын сөп.

Испии Спиридон диэн уола бастакы кэргэниттэн, Чиряева Марфаттан кыыһа Карадчина (кэргэнинэн Чыбыкова) Татьяна Спиридоновна,  түөрт оҕолоох. Онтон улахан кыыһа Эльвира иитээччи идэлээх, кыра кыыһа Филиппова Валентина Петровна, учуутал идэлээх, Үөһээ Бүлүү хаһыатыгар корреспонденнаабыта, билигин Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр үлэлиир. Спиридон иккис кэргэниттэн Варвараттан Юрий диэн уоллаах.

Испии уола Карадчин Лаврентий Спиридонович 1908 с. олунньу 2 күнүгэр төрөөбүт. Улууска культура сайдыытыгар үгүһү оҥорбут, элбэҕи тэлбит үтүө киһи буолар. 1928 с. Дьокуускайдааҕы педагогическэй техникуму бүтэрээт  “Кыым”, ”Эдэр большевик” хаһыаттарга үлэлээбит, кинигэ таһаарар  издательствоҕа редактордаабыт. 1932-1941 сс. Москваҕа үлэлиир кэмигэр саха редакциятын төрүттээһиҥҥэ үлэлэспит, саха тылынан тахсар «Учпедгиз» бигэргэппит учебниктарын таһаарыыга техническэй редакторынан үлэлээбит. Бу кэмҥэ кини П.А.Ойуунускайы, А.Е.Кудрины – Абаҕыыныскайы кытта ыкса билсэн үлэлээбиттэр. 1941 сыл саҥатыгар сэриигэ ыҥырыллан барбыт уонна 1942 сыллаахха иккис группалаах инбэлиит буолан 1943 с. сэрииттэн төннөн кэлбит,  төрөөбүт Кудутугар Ааҕар балаҕаны тэрийбит. Бу дьыл бэс ыйыгар хаттаан сэриигэ барбыт, 1944 сыллаахха эргиллэн кэлбит. Улууска 1944-1968 сс. библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, үлэлии киирээт даҕаны саҥа библиотека дьиэтин туттарбыт, материальнай базаны хаҥатыыга күүскэ үлэлээбит, нэһилиэктэргэ библиотекалары арыйтаабыт өҥөлөөх.  Николай Якутскайы уонна М.А.Алексеевы кытта ыкса билсэллэрэ үһү. Олус билиилээх, үрдүк культуралаах, сүрдээх көнө оҕонньор эбит. Эдьиийэ Марфа Потапова быраатын куоракка ыҥыра сатаабытын буолумматах. Хаста да КПСС, райисполком бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт, 1966 c. ЯАССР үтүөлээх үлэһитэ диэн улахан наҕарааданы ылбыт. Кэргэнэ Золотарева Матрена Афанасьевналыын икки оҕолоохтор: Мотя (АФ үлэ бэтэрээнэ), Леля (СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ). Лаврентий Спиридонович 4 сиэннээх. Лаврентий Спиридонович 1976 сыллаахха өлбүт.

Тиит Данилович Харааччын (1885-1951) Былыргыга улахан үөрэхтээх киһи. Бүлүүгэ үс кылааһы бүтэрбит, улуус суруксута, сүрдээх өйдөөх, ырааҕы анаарар, дойдутун сайдыытыгар элбэх кылааты укпут, дьон туһугар кыһаллымтыа, хамначчыттарыгар да майгыта сымнаҕас үһү. Норуот дьылҕатыгар улахан суолталаах үлэҕэ кыттыбыта биллэр.  1905 сыллаахха алтынньы ый 16 күнүгэр Бүлүү куоракка уопсай мунньаҕынан Саха уобалаһыгар земскэй тэрилтэлэри тэрийии балаһыанньатын ылыммыттар. Ол кэннэ, 1905 с. алтынньы 21 күнүгэр Дьокуускай уобалас земскэй мунньаҕар Бүлүү улууһуттан Григорий Иванович Андреев, Иван  Иванович  Иванов уонна Тит Дмитриевич Карадчин кыттыыны ылбыттара диэн суруйаллар. Ол мунньахха улуус баһылыктара, саха биллииээх дьоно – В.В.Никифоров – Күлүмнүүр, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, эмчит П.Н.Сокоьников о.д.а. кыттыбыттара биллэр.   Ол эрэн, оччотооҕу ыраахтааҕы былааһа кинилэр туруорсууларын ылымматах. Ол туһунан С.В.Степанова “Борьба за самоуправление: «Союз инородцев- якутов”  монографиятыгар суруйар. Лебедкин Дмитрий Афанасьевич (1854-13.04.1918) улууска икки болдьоххо (1898-1900, 1910-1912) кулуба солотун тутан олорбут  баай киһи кыыһын Лебедкина Өлөөнөнү (1889-1924) кэргэн ылбыт. Лебедкин баай 99 сүөһүнү кыыһыгар энньэ гынан үүрэн аҕалбыт. 100 сүөһүнү бэриллибэт – аньыы дииллэр эбит. Онтон бэттэх Тиит лаппа байбыт.  Тиит Харааччын Григорий (1909),  Николай (04.12.1909),  Ааныска (Ньууса) (14.05.1912-2003), Куоста (22.05.1917-1951), Никанор (28.07.1915), Наталья (20.08.1919-1970),  Дьөгүөрүскэ (Георгий – Харах Луохтуура) (1921-1982),  Никандр (1922), Александр (1923), Мария (23.07.1911)  уонна  эдьиийин Мария Даниловна Тойтонова оҕолорун иитийэх ылан Дьаакып, Ылдьаана (кэлин кэргэнинэн Сячикова) диэн оҕолордоох. Эдьиийэ Мария Даниловна Дьаакыбы төрөөрү өлбүт. “Тит Карадчиннаахха иитиллибит Ульяна Тойтонова – Мария Даниловна кыыһа, кэлин кэргэнинэн Сячикова буолбут. Аҕам кинини олус үчүгэйдик саныыр этэ, тулаайах сырыттахпына, элбэх дьон, оннооҕор уруулар  атаҕастыыллар этэ, арай Ульяна аһынан көрөр-истэр этэ диэн” Георгий Тиович кыыһа Пальмира Георгиевна ахтар.  “Бу оҕолортон түөрт оҕо улаатан, үлэһит буолбуттар. Бастакы оҕолоро өлөн испиттэр. Бука ол иһин буолуо, кыыстарын Аннаны (Нюта) эһэлээх эбэтигэр ииттэрэ биэрбиттэр. Онтон обургу буолтун кэннэ дьонугар кэлбит” диэн П.Г.Петрова (Карадчина) суруйар. Ол иһин, араас ахтыыларга кинини Тиит  иитийэх кыыһа диэн мунааран суруйаллар эбит. Пальмира Георгиевна суруйарынан, Тиит кэлин, кулаахтанан, хаайыыттан тахсан баран, докумуоннары булан аҕатын дьиҥнээх араспаанньатынан Иванов диэн уларыппыт. Кулаахтанан, кэргэнин сүтэрэн, олоҕо айгыраан баран Бүлүүгэ олохсуйар. Саҥа идэни баһылаан оҕо сонотуоруйугар, оройуоннааҕы балыыһаҕа, сэбиэккэ тутаах бухгалтерынан үлэлээбит. Үлэтигэр кинини улаханнык ытыктыылара үһү. Бүлүү Баппаҕаайытыттан төрүттээх Осипова Вера Филипповна диэн эдэр дьахтары ойох ылан икки оҕоломмуттар.  Бастакы оҕолоро биирдээҕэр тымныйан ыалдьан өлбүт. Ити кыыс кэннэ Иванов Тит Титович (1940-2021) диэн биир уоллаах. Бу уол олоҕо алмааһы кытта сибээстээх, Мииринэйгэ фабрика VI-с разрядтаах электрослесарыттан электротехническэй институт салаатын салайааччытыгар тиийэ үүммүт. Тит Титович кэргэнэ Бехтюева Александра Васильевналыын Александра, Марианна, Георгий диэн үс оҕолоохтор. Бары үрдүк үөрэхтээхтэр. Улахан кыыс Александра үөрэҕирии билиимин кандидата. Георгий алмаас кыһатыгар үлэлиир.

Аны биир дьикти, киһи мунаарара баар, Анна Титовна  «Тит Данилович улааппыт Николай диэн оҕото суох этэ” диэн кэпсиирэ үһү. Арай кинилэргэ  Ньукулай диэн эдэр, дьиэҕэ эр киһи үлэтин толорор, бииргэ олорсубут үлэһиттээхтэр эбит. Кинилэри кытта остуолга бииргэ олорон аһыыр, өссө киниэхэ аһы боссоон биэрэллэр үһү. Оҕолорун курдук илдьэ сылдьыбыттар. Онон арааһа, биэрэпискэ, хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ Тит Данилович төрөппүт оҕотун курдук суруйбут буолуохтарын эмиэ сөп.

Тиит Данилович кыыһа Ааныска (Ньуута), сорох ахтыыга Мууса диэн суруйаллар, оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, кулаах оҕото диэн устан кэбиспиттэр, Куду оскуолатыгар учууталлаабыт, сүрдээх интеллигентнай этэ диэн Петрова (Карадчина) Пальмира Георгиевна ахтар. Ааныска Максимов Петр Иванович кэргэнэ алмаас промышленноһа сайдыытыгар улахан өҥөлөөх,  коммунист.  Биэс оҕолоро бэһиэн үрдүк үөрэхтээх дьон буолбуттар.  Тимур Петрович (1932-2001) учуутал, бэйэтэ 4 оҕоломмут. Юрий Петрович (1936-2021),  үрдүк үөрэхтээх экономист, научнай сотрудник, 4 оҕолоох. Елена Петровна (1940), инженер-строитель, өр сыл Якутграждан проекка үлэлээбитэ, 2 оҕолоох. Клара Максимова (1938), геолог-минеролог, Мирнайга, Нерюнгрига үлэлээбитэ, кэргэнэ архитектор Георгий Устинович Гермогенов – Эргис, 3 оҕолоохтор, кыралара Аида Максимова (1945), быраас, кэргэнэ, оҕото суох.

Ааныска кэнниттэн төрөөбүт Константин Титович Карадчин, финансист, өр сыл Тиксиигэ үлэлээбит, кэргэнэ А.В.Лукинова, ол дойдуттан. Икки уоллаахтар: Валерий (1942), строитель, кэргэнэ Дмитриева Тамара Ивановна, ЯГУ кадрын отделыгар үлэлээбитэ, үс оҕолоохтор. Иккис уола Юрий (1947-1994) проф.тех. үөрэхтээх, биир кыыстаах.

Дьөгүөрүскэ үс саастааҕар ийэтэ өлөн, аҕата кулаахтанан хаайыыга баран, убайын Куостаны кытта ыал устун сылдьан иитиллибиттэр. «Күһүн хойукка дылы атах сыгынньах сылдьар этибит диирэ. Аҕата хаайыыттан тахсарыгар үөрэнэ барбыт быһыылаах, онон аҕатын туһунан кэпсээбэт этэ. Аҕата ас барбат буолан ыалдьыбытыгар баран буостуктаан, дьаһайан кэлбитин мин өйдүүбүн. Биһиги эһэбитин онон тыыннааҕар көрбөтөхпүт” диэн Пальмира Георгиевна ахтыытыгар суруйар. Георгий Бүлүү 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускай куоракка Ааныскаҕа баран олорбут. Георгий Титович  аата билигин да киэҥник ахтыллар. Кини элбэх дьону абыраабыт, өрөспүүбүлүкэ  араас муннуктарыгар  үлэлээбит  биэлсэр идэлээх, киниэхэ “Харааччын Луохтуур”, “Харах Бырааһа” диэн ааты норуот иҥэрбит. ССӨС доруобуйа харыстабылын туйгуна. Үөһээ Бүлүү  оройуонугар  одуруун (трахома) ыарыыны төрдүттэн суох оҥорбут,  харахха  эппэрээссийэ оҥорор айылҕаттан  бэриллибит  ураты  дьоҕурдаах  киһи  эбит. Оччотооҕуга, сайдыы мөлтөх кэмигэр,  харахха эрэ буолбакка араас эппэрээссийэни оҥороро үһү.  Оройуоҥҥа доруобуйа харыстабылын салаатыгар сэбиэдиссэйинэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбит. ЯФАШ-ка бииргэ үөрэммит,  Ньурбаттан төрүттээх Шадрина Ксения Григорьевна диэн акушер идэлээх кыыһы кэргэн ылан биэс оҕоломмуттар. Оҕолоро бэһиэн үрдүк үөрэхтэнэн  өрөспүүбүлүкэ  сайдыытыгар  кылааттарын киллэрсэ сылдьаллар.  Петрова (Карадчина) Пальмира Георгиевна медицина билимин дуоктара, профессор, СӨ академиятын академига, ХИФУ медицинаҕа институтун дириэктэрэ (1996-2016), РФ үрдүк үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Петров аатынан СӨ бириэмийэтин лауреата, СӨ «Гражданскай килбиэн» кавалера, кэргэнэ СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, быраас, Петров Ким Васильевичтыын  икки оҕолоохтор, кыыстара Лена фармацевт, биология билимин кандидата, уоллара налоговай академияны бүтэрбитэ; Карадчина Калькарина Георгиевна ЯАССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, 50 сыл устата Дьокуускай куоракка библиотека тиһигин киинигэр, 19 сыл Дьокуускайдааҕы В.Г.Белинскэй аатынан библиотека дириэктэри солбуйааччынан, 2000-2018 сс Дьокуускайдааҕы библиотека тиһигин киинигэр дириэктэринэн үлэлээбитэ; Карадчин Эдуард Георгиевич милииссийэ подполковнига; Георгий – инженер-технолог; Александр – предприниматель. Г.Т.Карадчин 1982 с. өлбүт. Кини аатынан Үөдүгэй нэһилиэгэр уулусса баар уонна  Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэр баар балыаһа кини аатын сүгэр.

Николай Данилович Карадчин эмиэ II- Үөдүгэйгэ кинээстээбит. Кини Торулла Баһылай, Чиэрбэ (Ульяна)-1886 с.т., Марина, Уойку (Ольга)-1890 с.т., Мисээкэ (Михаил), Кыыча (Акулина), Хатырык (Шамаева Христина) -1900 с.т., Василий – 1916 с.т.  диэн оҕолордоох. Василий 17-гэр сылдьан холкуоска суоччутунан, баартыйалаахтар түмсүүлэригэр суруксутунан уонна оччолорго Халбаакы (Куду) оскуолатыгар  учуутаалынан  үлэлиирин туһунан 1933 с. боротокуол туоһулуур.

Николай Данилович сиэн оҕолоруттан Чиряева Вера Георгиевна нуучча тылын учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала, элбэх үтүө дьону сырдыкка таһаарбыт киһи. Оҕолоро Валентина Васильевна уонна Анатолий Васильевич быраастар. Валентина ЯГУга медицинскай институкка үлэлээбит, медицина билимин кандидата. Мария Георгиевна эмиэ быраас идэтин ылан дойдутугар элбэх сыл терапевтаабыта. Кэргэнэ, оҕото суох этэ.

Биир сиэнэ Христофорова Зоя Федоровна Красноярскай Туратыгар сахаларга үлэлии сылдьыбыт, быраата  Борис Үөһээ Бүлүүгэ олорбут. Борис уола Михаил Борисович Соломонов ХИФУ профсоюһун бэрэсэдээтэлэ.

Мария Даниловна Потапова (Карадчина) (12.02.1874 с.т.) Потапов Георгий Ефимовичка ойох тахсан 9 оҕону төрөппүт. Александр, Яковлева Анна, Капитон, Ксения, Потапова – Габышева Марфа (Муся), Серафим, Маруся, Потапова – Шапошникова Мария, Георгий. Бу оҕолор бары саха сирин историятыгар биллэр-көстөр сүүнэ дьон буола улааппыттар. Марфа (Муся), Серафим уонна Мария буолан гражданскай сэриигэ, Сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа кыттыыны ылбыттара биллэр.

  1. Потапова – Габышева Марфа Георгиевна (Муся)  Дьокуускайга үөрэнэр  кэмигэр 1917 сыллаахтан  революционнай  охсуһуу суолугар бигэтик үктэммит. Тулхадыйбат коммунист. 1922 с. Бүлүү куорат оборуонатыгар саа саадах тутан кыттыспыт. Кэлин сэбиэскэй, партийнай үлэһит. Москваҕа олорбут. Кини биир ииппит оҕолоох – Юрий Габышев, эдьиийин Ксения оҕотун аҕалара Попов А.Д. репрессияламмытын кэннэ ылбыт. Ийэтэ Ксения 1939 с. өлбүт.  Марфа Георгиевна Москваҕа эдьиийин Анна Георгиевна Потапова- Яковлева икки оҕотунаан кэргэнин репрессиялаабыттарын кэннэ хаалбытын, бэйэтигэр ылан бары бииргэ олорбуттар. Оҕолор үрдүк үөрэҕи ылбыттар. Тимур Петрович Яковлев тутуу инженера, элбэх улахан эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыт, биир бириэмэҕэ Свердловскайга Ельцины кытта үлэлээбит. Кэлин СӨ постпредствотыгар солбуйааччынан Москваҕа үлэлии сылдьыбыт. Балта, Сахая Петровна, врач, хирург-онколог, Москваҕа олорбута.

Марфа Георгиевна  көмүс уҥуоҕа, бэйэтин кэриэһин толорон, төрөөбүт дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ аҕалыллан Чардааҥҥа кистэммит.  Төрөөбүт нэһилиэгэр кини аатынан уулусса баар, ону таһынан, улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музейга бүтүн хос тэриллэн турар.

  • Потапов Серафим Георгиевич 1920-1922 сс. ЫРКС Бүлүү уокуругунааҕы кэмитиэтин сэкирэтэээрэ, Бүлүү куоратын төгүрүктээһин кэмигэр комендант көмөлөһөөччүтэ, Мастаахха үрүҥнэри кытары кыргыһыы актыыбынай кыттыылааҕа. Кэлин, 1926 с. Москватааҕы  государственнай университеты бүтэрэн баран, Нам оройуонугар, БСК(б) уобаластааҕы  кэмитиэтигэр, Саха АССР Совнаркомугар эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбит. Сахалартан биир бастакы историк, краевед, дьоҕурдаах журналист быһыытынан биллибит. 1938 с. репрессияҕа түбэһэн, 1941 c. ахсынньы ыйга өлбүт. 1957 с. буруйа суоҕа быһаарыллан, ССКП Москватааҕы горкомунан партияҕа чөлүгэр түһэриллибит.
  • Потапова – Шапошникова Мария Георгиевна комсомолка, Бүлүү оборуонатыгар кыттыбыт. Кэлин учууталлаабыт. Нам улууһугар биэнсийэҕэ олорон өлбүт. Роза уонна Юра диэн оҕолордооҕо биллэр.

Маарыйа уонна Георгий Батаакаптар оҕолоро бассабыыктыы өйгө-санааҕа үөрэниилэрин төрүөтэ Батаакап бэйэтэ буолбакка таайдара Тиит эбит. Батаакап оҕолоро – биэс оҕо Чүүккэ кустуу тахсан сытан өйүөлэрэ бүттэҕинэ,  эһэлэригэр Тайылалаахха, Кудуга киһи ыытан ылларар эбиттэр. Ол сылдьан Тиит уонна оҕолор буолан кумааҕы тутан олорон кэпсэтии, сэһэн-сэппэн бөҕө буолар этилэр диэн дьон  кэпсииллэр үһү.  

Мария Даниловна Карадчина (Тойтонова) ыччаттарыттан саамай улахан уолун Евсей  сиэнэ Тимофеева (Шамаева) Тамара Михайловна, Куду түмсүүтүгэр чилиэнинэн сылдьыбыта. Кини уола Увар Тимофеев Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ыарахан ыйааһыҥҥа биллэр тустуук буолар. Мария Даниловна Марина Николаевна – Марыына эмээхсин диэн кыыһын уола Иванов Михаил Семенович (Таба уола), журналист, литературовед, Якутскайга олорбут. Биир Тамара диэн Москваҕа педагогическай институкка үөрэммит кыыстаах эбит.

Түмүкпэр, Харааччыннар оҕолоро бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит, удьуордаан туран сүрдээх өйдөөх, суот-учуот, доруобуйа харыстабылын өттүгэр ураты дьоҕурдаах, үөрэхтээх дьон буолаллар. Онон Үөһээ Бүлүү улууһун үгүс бастакы интеллигенцията Кудуттан силис тардан тахсыбыт диэтэхпинэ алҕаһаабатым буолуо.

Харааччыннар оҕолоро, уруулара дьиҥинэн элбэх буоллахтара, барыларын батаран, кэҥэтэн суруйбатым. Туһаммыт матырыйаалларбар да араас элбэх ахтыылар бааллар, ону манна хос хатылаабатым. Сэҥээрбиттэр туһааннаах матырыйааллартан булан ааҕыахтара. Үөһэ суруллубукка сирдэтэн аймахтара да ситэриэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Киһи дьылҕата, төлкөтө төрөөбүт төрүт буоруттан силистээх дииллэр. Сир-дойду үөскэппит оҕотун мэлдьи арчылыыр, араҥаччылыыр, үтүөҕэ-кэрэҕэ алгыыр. Биир сиртэн биир хайа эмэ кэрчик кэмҥэ бүтүн плеяда саҕаланан тахсар дьикти чахчытын биһиги кырдьык да туоһулуубут. Бу маннык көстүү, баҕар, кэлин учуонайдар  чинчийэр темалара буолуон сөп.

Дакылааты суруйда:

 Васильева Варвара Васильевна, Куду оскуола-саадыгар сүүрбэттэн тахса сыл дириэктэринэн үлэлээбит

РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ,

 СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

Туһаныллыбыт литература:

  1. «Куду сэһэннэрэ”/И.Шамаев.- Дь., 2000 с. – 67 с;
  2. “Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй»/И.Шамаев.-Дь., 2008 с.;
  3.   «Үөдүгэй нэһилиэгэ»/П.П.Одорусов, редкол. В.С.Поскачин уо.д.а..-ОАО “Медиа-холдинг”,Дь, 2009 с. – 304 с;
  4. Государственный и политический деятель (1899-1942) / составитель Е.Н. Антонов, Е.П. Антонов ; главный редактор С.С. Габышев. – Якутск : Компания “Дани Алмас”, 2009. – 224 с.
  5.  «Их выбрало время: фельдшер Георгий Карадчин (Харааччын Луохтуур)» из серии «Выдающиеся деятели здравоохранения, медицинской науки и образования Якутии»/В.П.Николаев, П.А.Семенов Я.- «Сфера», 2011 г. – 247 с.;
  6.  «Хранители живых и мудрых слов. История Верхневилюйской централизованной библиотечной системы»/ Гурьева Н.Ф, Аргунова И.И, Долгаева Е.П, Буртахова Е.И., Степанова Р.П., – М-во здравоохранения, Компания «Дани-Алмас», Я., 2015 г. – 360 с;
  7. Лебедкина, Е.А. Древний род Халан Туласын / Е.А. Лебедкина. – Якутск, 2018. – 224 с.
  8.  “Петрова Пальмира Георгиевна”/Тарабукина С.Х., Ушницкая С.Д., Пшенникова А.Е., Лукина Г.Е. – СВФУ, 2019 г. – 2 с.220 с.;
  9.  “Төрүт сирбит Кудубут”/Т.Г.Адамова, А.В.Васильева, В.В.Васильева, З.А.Воронина, Р.П.Семенова, А.Г.Хобусарова, А.Ф.Шамаева – «Дани-Алмас»,  Дь, 2020 с. – 196 с.;
  10.  Академик П.Н. Петрова төрдө-ууһа / М.П. Григорьев // Күрүлгэн. – 2021. – №6(83). – С. 97-106.
  11. http://e/nlrs.ru/online/view/29166/index.html#115
  12.  http://sakha-pechat.ru/yarutskoe-oblastnoe-zemstvo-i-v-v-niki/
  13.  http://100yakutia.ru/litsa-yakutii/zdravokhranenie/249-karadchin-georoij-titovich
  14.  http://mybiblioteka.su/tom2/10-16354.html
  15.  http://search.rsl.ru/ru/record/01004986252
  16.  http://vvsnit.narod.ru/fizmat.htm
  17.  Ахтыылар. (П.Г.Петрова, З.А.Воронина, К.Г.Карадчина)