Бу иннибэр уурунан олорор киниғэбин ааҕа да иликпинэ саҕаланыы тылыттан сэҥээрдим. Суруйааччы Эдуард Ефремов- Дэхси тылын- өһүн олус хайҕаатым. Чахчы бу дойдуларын таптыыр, аҕаларын ууһун ахтар, таптыыр, аһынар, сэҥээрэр Саха сирин историятыгар киирэн урукку ыраахтааҕылаах да кэмҥэ, кэлиҥҥи көлүөнэ Эргис ойуун ууһун дьоно ааһар олохторун оҥорууга бэйэлэринэн кыттыспыт, уларыппыт- тэлэриппит дьонунан киирэллэрэ биллэрэ. Холобурдаан ыллахха, бэйэ бэйэни харыстаһыы, соччото суоҕу кистээһин, дьон -сэргэ, биирдии киһи аатын ыытыы курдук олох мөкү өттүгэр хаһан да охтубатах, кыттыбатах уруу-аймах эбит. Баҕар суруйааччы киэргэппитэ буолуо диэҕи, ааҕар киһи араас кинигэттэн истэн- билэн кэлэринии чахчы кырдьыктааҕынан олорбут уруу этэ. Революцияны Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Россияҕа киллэрсибит Эргис аймаҕын биир чулуу сыдьаана, Саха сирин, Россия норуотун туһугар бэйэтин тыынын толук уурбут киһи Константин Гаврильевич Неустроев- Урсик туһунан уус- уран кинигэни ааҕан истэх аайы суруйааччы тылын сүмэтэ устар ууну сомсордуу ойуулуур ол кэмин.
Уларсан ааҕыҥ. Сахаттан эдэр, бастакы учуонай уонна революционер киһи, сөҕүмэр кылгас олоҕор ситиспитин билсиҥ.
Дордо