Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр “Кинигэ күүһэ” ааксыйа ыытылынна. Быйылгы ааксыйа Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга ананна.
Көҕүлээччи уонна тэрийээччи – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ буолар.
Бүгүн оҕолорго анаан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ, Улуус Сэбиэтин дьокутаата, ырыаһыт Игорь Егорович Сортолов Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” кинигэтиттэн ааҕан иһитиннэрдэ. Ол кэннэ оҕолор кэпсээннэри тула сэһэргэстилэр.

Бу кэпсэтии кэмигэр Витя Иванов Игорь Егорович Сортоловтан: “Эн Дьарааскаҕын дии”?- диэн ыйытта. Ити Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир күннэргэ Үөдүгэй кулуубугар турбут “Харах уулаах кыайыы” диэн испэктээккэ Игорь Сортолов оонньообут биригэдьиирин оруолун эттэ. Оҕолорбут барахсаттарга кэпсээн ааҕыыта, испэктээк туруоруута, ыытар тэрээһиннэрбит уонна алыптаах кинигэлэрбит бу курдук өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр иҥэн, дойдуларын таптыыр, историятын билэр бэриниилээх дьон үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит.