Барыта дьон туһугар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэнньэҕэ анаан Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова биирдиилээн консультация ыытта, сүбэ-ама биэрдэ.

Быһаарыллыбакка сылдьар боппуруостаах туһааннаах дьон кэлэн боппуруостарын ыйытан, сөптөөх көмөнү ылан, үөрэн-көтөн бардылар. Санатан эттэххэ, бэҕэһээ “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ нэһилиэнньэҕэ эмиэ биирдиилээн консультация ыыппыттара.

Инникитин даҕаны дьон кыһалҕатын кыччатар, санаатын чэпчэтэр араас хайысхалаах тэрээһиннэрбитигэр кэлэн кыттаргытыгар, туһанаргытыгар ыҥырабыт. Үөдүгэй бибилэтиэкэтин аана эһиэхэ өрүү аһаҕас!