Аанньаллара күн-ый буолаллара

           

Петр Поликарпович сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын ахтыытын, II Үөдүгэйгэ «Партизан”-1929с. (Күрдьэҕэлээххэ), “Саҥа хардыы” -1930 с. (Кудуга), «Чүүт» -1930 с. (Чүүккэ), “Күҥкү”-1932с. (Тыһаҕас Күөлэ, Күүлэ), «Карл Маркс» -1940 с. диэн биэс колхуос баара диэн саҕалыыр. Кэлин «Күҥкү» уонна «Партизан» колхуостар холбоһоннор саҥа колхуос тэриллибит. Олох инники кэлэн иһэр сайдыытын өйдөөччүлэр, сайаҕас дьон колхуоска эрдэ киирбиттэр. Онон бастакы колхуостар атахтарыгар туралларыгар төһүү күүс буолбуттара мэлдьэһиллибэт. Бастакынан колхуоска киирбиттэр колхуос саамай чулуу үлэһиттэрэ этилэр. Кинилэр дьиҥнээх сүрэхтэринэн, дууһаларынан чиэһинэйдик үлэлээннэр колхуостары туругурдубуттара.

            Салгыы Петр Поликаропович ахтыытыгар ааҕабыт: «Кыра оҕоҕо ыарахан салгыннаах үрэх баһыгар бүгэн олорон, төрөппүт оҕолоро үгүстэрэ өлбүттэрин кэнниттэн, кэмниэ-кэнэҕэс дьэ өйдөнөн, 1938 сыллаахха дьонтон барытыттан хойутаан аҕам колхуоска бүтэһигинэн киирбитэ. Куруук өлөөрү үнүөхтүүр ыарыһах бэйэм үөс сири булан, дьэ киһи буолан үтүөрэн хаалбытым. Бырааппын, Оччугуй Бүөтүрү, өлүө суох дьолугар, эдьиийбит, ийэм балта, кэлэн күүһүнэн «ииттэбин, оҕо гыныам, диэн Кэнтиккэ илдьэ баран тыыннаах ордубута. Дьонум миигин оччугуйа бэрт, оскуолаҕа кыайан үөрэниэ суоҕа диэн аҕыс сааспын толору туолбутум эрэ кэннэ оскуолаҕа биэрбиттэрэ. Онон сэрии саҕаланар сайыныгар 2-ис эрэ кылааһы тахсыбыт бэдик этим. 4-үс кылааһы сэрии саамай үгэнигэр, 1942-43 үөрэх сылыгар бүтэрбитим.

            Нөҥүө сылыгар аҕабын үлэ фронугар Бухта тиксиигэ илдьибиттэрэ. Кини онно муустаах муора кытыытыгар Америкаттан кэлбит таһаҕаһы биэрэккэ уу хараабылыттан сиргэ таһыыга үлэлээбитэ. Онно аҕам толору икки сыл сылдьыбыта. Аҕам бараатын кытта ийэбин ферма үлэтигэр анаабыттара. Мин уон биирдээх киһи, оту-маһы тардан көрөр улахан уол курдук санаммытым. Онон бу сэрии буола турар кэмигэр кыра оҕоҕо дылы оскуолаҕа үөрэниэхпин баҕарбатаҕым. “Кэлин да үөрэниэххэ сөп”,- дии санаан, ийэбин көрө сылдьан көмөлөһөрдүү, фермаҕа үлэлиир кытаанах санааны ылыммытым. Сөптөөхтүк дьаһаммыппыттан ийэм үөрбүтэ сирэйигэр өтө көстөрө. Мин хаһан баҕарар үөрэниэхпин, ылсыстахпына дьаныардаахпын билэрэ.

            Онон мин ийэбинээн үөрэ-көтө, бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн икки сыл олус бэркэ фермаҕа бииргэ үлэлээбиппит. Ити сэриигэ кыайыы- хотуу быһаарыллар үгэнин, 1943-44 уонна 1944-45 үөрэх сыллара этэ. Бастаан саах күрдьэрбэр наһаа элбэҕи баһан, күрдьэҕим уга барыта  саккырыы-таммалыы, уу курдук сүүрэ сылдьар инчэҕэй саах буолара. Кэлин үөрэнэн саамай сүрүн үлэм буолбута. Төһө кыалларынан ийэм ноҕуруускатын кыччатан, үксүн бэйэм үлэлии сатыырым. Ону ийэм барахсан мин илистэ үлэлиирбин сөбүлээбэт этэ. “Мин эмиэ нуормалаах киһибин, миэхэ эмиэ хаалларыый”,- диирин иһин мин сылайбыппын ийэбэр биллэрбэт буола сатыырым.

            Биһиги сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сэрии иэдээнэ диэн тугун өйдүү улааппыппыт, кыргыс толоонугар дьон өлөрүн билэрбит. Ол суостаах сыллар биһиэхэ, оҕолорго, дьиҥнээх патриотическай иитиини биэрбиттэрэ. Төрөөбүт дойдубутун уруккубутунааҕар өссө ордук күүскэ таптыыр буолбуппут. Биһиги саастыы оҕолор сэриигэ кытталларын истэрбит. “Абаккалаах, биһигини да илдьэллэрэ буоллар, биһиги да фашист баһын хампы ытыа этибит”,- дии саныырбыт. Сэриигэ быһаччы кыттыбаппытыттан олус хомойорбут. Онно бардахпытына бэйэбит өлөн хаалыахпыт туһунан биирдэ да санаан көрбөт этибит.

            Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии чахчы ыарахан сэрии этэ. Дьоннорбут фроҥҥа барбыттарыгар бары да тулаайахсыйа түспүппүт. Сэрии уотугар ыҥырыллыбатахтар үлэ фронугар хабыллыбыттара. Онон үлэни кыайар дьоммут аттыбытыгар суох, ыраах этилэр. Кинилэр биһиги харахпытыттан сүппүттэрин эрэ кэнниттэн биһиги, оҕолор, дьоммутун дьэ дьиҥнээхтик аһыйбыппыт, сүрдээхтик ахтар буолбуппут. Киэһэ аайы утуйаары ороммутугар сыттыбыт да, суорҕан анныгар киирэн түүнү быһа саҥа таһаарбакка ытаан тахсарбыт. Төһө да ытаабат буола сатаатарбыт кыаллыбат этэ, син-биир ытыы сытан утуйан турарбыт. Түүн кистээн ытыыр харах уута элбэх да буолар эбит этэ. Сарсыарда аайы кытаран, дьолтойон тахсыбыт харахпытын дьонтон кистээн төҥкөччү туттан, туох да саҥата-иҥэтэ суох аһаан дьаабыланарбыт. Дьоммут өйдөөн көрбөттөрө дуу, көрдөллөр да туохтан ытыырбытын билэр буолан дуу, тугу да ыйыппат, саҥарбат этилэр.

            Үлэни кыайар дьоммут сэриигэ барбыттарын кэннэ, тыылга үлэлиир кыахтара бүппүт, үлэни кыайбат буолбут кырдьаҕастар, ыарыһахтар, оҕонньоттор, эмээхситтэр, эр киһитэ суох буолбут тулаайах хаалбыт аччык, аас-туор олохтоох, кыра оҕолордоох огдообо дьахталлар хааланнар, чахчы ыарахан олох саҕаламмыта. Кыыдааннаах кыһын кыһарыйан кэлэрэ үлэни кыайбат дьоҥҥо дьиҥнээх трагедия этэ. Ол айылаах олоххо мин курдук мөлтөх оҕо хайдах өлөн хаалбатахпын билиҥҥэ диэри сатаан өйдөөбөппүн. Арааһа, миигин да көрөр-харайар үтүө аанньаллааҕым быыһаатаҕа буолаахтыа.

            Оччотооҕу оҕолор баарбытынан-суохпутунан бары үлэлии сатыырбыт. Үлэттэн сүрэҕэлдьээбэт, аккаастаммат этибит. Улахан дьон тугу этэрин барытын толорорбут. Биир саас сиргэ сиэмэ түһэрэ сөп буолбут кэмэ этэ. Киэҥ-куоҥ уһун тэлиэгэҕэ саҥа тирииттэн кичэллээхтик тигиллибит халаабыска сиэмэ бурдуга толору кутуллан тиэллэн, томточчу бааллан бэлэм сытара. Мин соругум- бу тиэллибит таһаҕаһы бастакы үрэх үрдүк сыырын этэҥҥэ туоратан бурдук ыһааччы тырахтарыыска илдьэн туттарыахтааҕым. Миигин арыаллаан үрэххэ тиийсибит аҕыйах эмээхситтэр уонна дьахталлар бааллара. «Чэ, Бүөтүр, кытаат !Бар!”- диэн бирикээстээтилэр. Мин оҕуспун сиэппитинэн айаннаан испитим баара да, өйдөөн көрбүтүм арай сулумах оҕуспун эрэ сиэтэн иһэр эбиппин: тэлиэгэни кытары оҕуһу сибээстиир ханнык эрэ быа быстан хаалан, тэлиэгэм сыыр аннын диэки сурулуу турбут. Сорудаҕы кыайан толорботох киһи бэйэбин улаханнык буруйдана санаатым, ыксаатым. Оттон эмээхситтэрим кими эрэ мөҕүттэллэр, дьалаҕайын сөҕөллөр. «Сиэмэ бурдукпут тохторо буолуо. Тырахтарыыс киһиэхэ туох диибин? – диэбиппэр,- Кини билэр, бэйэтэ быһаарыаҕа. Куттаныма, бурдуктар бөҕө баайыылаахтар, дьиэҕэр бар. Биһиги барытын бэйэбит быһаарыахпыт”,- дэстилэр. Онон оҕуспун да дьаһайбакка уонна туох да буруйу – сэмэни ылбатахпыттан санаам чэпчээн дьиэбэр баран хааллым.

            Сэрии сылларыгар оҕолор бары да эрдэ өйдөммүппүт, түргэнник улааппыппыт. Туохха барытыгар улахан дьон курдук сыһыаннаһарбыт уонна быһаарарбыт. Сэрии буола турарын хаһан да умнубат этибит. Сэрии кыһалҕата биһигини күннэтэ хаарыйара, сордуура-муҥнуура. Сороҕор фроҥҥа барбыт дьоммут сэрии хонуутугар геройдуу охсуһан өлбүттэрин туһунан сурук кэлэрэ. “Геройдуу охсуһан” диэн өйдөбүл маҥнай төһө даҕаны алы гыннар, Герой өлбүт, тыыннаах ордубатах, дойдутугар төннүбэтэх, онон син-биир, ити сурук түмүгэ дьоммутун аһыйан ытааһыннаах буолара.

            Арыт тиийиммэт-түгэммэт, кыаммат, кыһалҕалааҕы өйөөбөт-өйдөөбөт муус сүрэхтээх, аһыныгаһа суох тымныы салгыннаах салайааччылар үлэлиир сирдэриттэн хоргуйан өлөөрү сылдьар, дьэҥкэрэн бүппүт  дьон кэлэн ааһаахтыыллара. Көрөргө суос быһыы буолара.

            Өлөр-тиллэр кыһалҕа кыпчыйбыт сэрии аас-туор аччык сылларыгар дьиҥ олоххо буолбут курас түгэн Петр Поликарпович бу хоһоонугар суруллубутун, ким да ааспыт сэрии кэмнэрин сорох ардыгар аһара хабыр дьаһалларын салла дуу, курутуйа дуу аахпат буолуон сатаммат. Маннык алдьархайдар буолбут түбэлтэлэрэ Саха сирин үрдүнэн аҕыйаҕа суохтара.

Хонон турар туһуттан

Соторутааҕыта

Соҕотох баар-суох

Оҕотун көмпүт

Огдообо дьахтар

Олорбута Үөдүгэйгэ.

Былырыын баччаҕа

Фронтан туппута

Үс муннук суругу:

Геройдуу өлбүт

Кэргэнин туһунан.

Быйыл күһүн

Бэйэтин

Ытаппытынан

Ыыттылар

Ыраах хаайыыга.

Инчэҕэй, сиппэрэҥ күн

Илдьэ бардылар

Этабынан,

Эрэйдээх-муҥнаах санаатын

Санныгар сүктэрэн.

Утаардылар

Уһун суолунан,

Таҥара да,

Таба көрбөтөх

Дьонунуун.

Буруйдаммыт буруйа

Баара-суоҕа-

Сибилигин аҕай

Тиэриллиэхтээх сиртэн

Бурдуга-аһа хомуллубут

Бурдук бааһынатыттан

Хоргуйар,аччыктыыр

Кыһалҕатыттан,

Хонон турар туһуттан

Хомуйбут эбит

Тостон түспүт куолаһы,

Сиргэ түспүт сиэмэни.

Аньыыта-харата суох

Айыы дьахтара муҥнаах

Анараа дойдуга уһаабатаҕа:

Өр-өтөр буолбатаҕа-

Өлбүт сураҕа кэлбитэ.

            Олохпутун өрө-таҥнары аймаабыт кырыыстаах сэрии хаһан бүтэрин кэтэһэн да биэрээхтиирбит. Ол оччотооҕу дьон бары баҕарар баҕарыыбыт этэ. Биирдэ ийэм: «Чуолҕаныга баар дьоммут ыһыктара сарсын бүтэр. Оҕоҕо дылы, кырдьаҕас киһи оччолоох ыраах сиргэ өйүө-ыһык таһа сылдьыамый. Сарсын түргэн атах, эн, ыһык лэппиэскэлэрин илдьэн биэр. Оччоҕо Кыайыы биир күнүнэн эрдэ кэлиэҕэ»,- диэбитэ. Сарсыныгар Кыайыыны биир күнүнэн эрдэ аҕалаары үлэһиттэр лэппиэскэлэрин сүгэн Чуолҕанылаабытым. Чуолҕанылар Кыайыыны биир күн эрдэ аҕалбытым курдук олус үөрбүттэрэ. “Оҕолорбут маладьыастар, өйдөөхтөр. Сэрии сотору бүтүүһү»,- диэбиттэрэ. Дьоммутугар ыһык лэппиэскэлэрин илтэхпит аайы сэрии бүтэрэ, Кыайыы күнэ кэлэрэ биирдии күнүнэн чугаһаан иһэргэ дылыта.

            Сэрии сылларынааҕы оҕолор олохторо төһө даҕаны ыараханын иһин, олоҕу туох баарынан, кырдьыгынан көрөллөрө: хомойуохха хомойоллоро, үөрүөххэ үөрэллэрэ, киһи умнуоҕун умналлара, саныаҕын саныыллара. Хайдаҕын да иһин, кинилэр оҕолор этилэр эбээт. Ол иһин үрдүккэ дьулуһаллара, сырдыкка тардыһаллара. Кинилэргэ айбыт Айыылара, Аргыс аанньаллара көмөлөһөн Күн-Ый буолаллара»,- диэн төһө да сааһырдар кими бары мэлдьи үөрдэ-көтүтэ, санаатын көтөҕө, көмөлөһө сатыы сылдьар идэлээх күндү учууталым, кылааһым салайааччыта, аҕа табаарыһым, Петр Поликарпович көрдөһүүбүн быһа гыммакка, быыһыгар доруобуйатын бөҕөргөтүнээри балыыһаланан да ыллар, сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын сурукка тиһэн, аттыгар олордон кэпсээн, быһааран биэрбитигэр, суруйар саҥа кинигэбэр элбэх матырыйааллары, сэдэх хаартыскаларын уларсыбытыгар улаханнык махтанабын. Сэрии иэдээнин бэйэтинэн билбит буолан, олоҕу, киһини сыаналыы үөрэнэн, учууталым барахсан дьоҥҥо үтүө сыһыанынан, билиигэ-көрүүгэ мэлдьи тардыһыылааҕынан, айар дьоҕурун муҥура суох талаанынан, хаһан да санаатын түһэрбэтинэн, барытынан кимиэхэ да өрүү холобур буолар сүгүрүйэр үтүө-мааны киһим, “РСФСР үөрэҕириитин туйгуна”, “СР үтүөлээх учуутала”, “СР үөрэҕин систематын Бочуоттаах ветерана”, “Методист-учуутал”, “Гражданскай килбиэн”, “Учуутал албан аата”, “Учууталлар учууталлара” бэлиэлэр, РФ, САССР, СР Үөрэҕин министерстволарын Бочуотунай грамоталара, СР суруйааччыларын Сойууһун, Саха сирин литератордарын ассоциациятын чилиэнэ, Барҕарыы НФ лауреата, үлэ ветерана, Улуу Кыайыы 50,60,65 сылларын үбүлүөйдээх мэтээллэр, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, педагогическай үлэ ветерана диэн олоҕун устатыгар үлэлээбит үлэтэ сыаналаммыт аҕыйаҕа суох наҕараадалардаах, уостан түспэт ырыалардаах хоһоонньут, саха баарын тухары ылланар “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыа тылларын автора, И.Барахов аатынан оскуола дьиҥнээх патриот-учуутала, химик идэлээх Петр Поликарпович Одорусов буолар.

            Күндү учууталбар оҕолоруҥ, сиэннэриҥ бэйэҥ курдук туруу үлэһит, дьол, саргы уйа туттубут алаһа дьиэлээх мааны ыаллара, ытыктанар дьон-сэргэ буоллуннар, үтүө ааккын үйэлэргэ ааттаттыннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Мария Михайлова