«Өрөбүллэргэ астына кинигэ ааҕыам»

Күөх Маай уонна Улуу Кыайыы бырааһынньыктарын өрөбүл күннэрин көрсө сэрии кэмин оҕото, нэһилиэкпит биир ытык киһитэ, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин бастыҥ ааҕааччыта Федора Дмитриева сахалыы кинигэлэри уларсан барда.

Кини бибилэтиэкэҕэ нэдиэлэ ахсын сылдьар. Сахалыы да, нууччалыы да кинигэлэри сэҥээрэн ааҕар. Ордук билиҥҥи кэм суруйааччыларын айымньыларын сэҥээрэр.

«Маай бырааһынньыктарыгар өрөбүллэр уһун буолааччылар. Онон элбэх соҕуһу ылан барыам, астына ааҕыам”,- диэн аҕыс кинигэни илдьэ барда.

Кини кэнниттэн хас да эдэр, орто саастаах ааҕааччыларбыт эмиэ бырааһынньык күннэригэр ааҕаары  Виталий Егоров, Айталина Никифорова, Галина Нельбисова, Ульяна Захарова, Куттаах, Дордо кинигэлэрин хааччына соҕус уларсан бардылар.

Күндү ааҕааччыларбыт, биһиги бибилэтиэкэбитин кытары быстыспат ситимҥит иһин махтанабыт!

Уонна ыам ыйын 1,2,3,4-с,  8,9,10,11 күннэригэр өрүүрбүтүн биллэрэбит.