Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Бэйэ геройдара” диэн «Библионочь-2025» Бүтүн Арассыыйатаҕы аахсыйа чэрчитинэн тэрээһин буолла.
Улууспутугар биэстэ кулубанан талыллан дьон-сэргэ ытыктабылын, махталын ылбыт, улууспут баар-суох иккис гильдиялаах атыыһыта, меценат, Куду Харааччыннарыгар күтүөт буолан, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа үлэлэспит тоҕус оҕону күн сиригэр көрдөрбүт Георгий Ефимович Потапов- Баай Батаакап төрөөбүтэ 155 сылыгар аналлаах «Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат” диэн “төгүрүк остуол» буолла. Онно Баай Батаакап сыдьааннара, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, ытык-мааны киһибит И.С. Федоров, Кудуттан, Үөдүгэйтэн төрүттээхтэр, улуус кыраайы үөрэтээччилэрин салайааччыта Б.С. Макаров, Намтан историк, кыраайы үөрэтээччи В.М.Саввинов мустан Баай Батаакап олоҕун, норуокка оҥорбут үтүөтүн, дьиэ кэргэнин, оҕолорун туһунан кэпсэттилэр.

Инникитин Баай Батаакап төрөөбүт сирин чуолкайдааһыҥҥа уонна олоҕун үөрэтиигэ архыыбы кытта үлэлэһиэххэ наада диэн түмүккэ кэллилэр.
Библионочь иккис чааһыгар сэрии кэмин оҕото И.С. Федоров оҕолору, нэһилиэнньэни кытары көрүстэ. Сэрии ыар кэмнэрин кэпсээтэ. Оскуолатааҕы сылларын аҕынна. Оҕолор интэриэһиргээбит ыйытыктарыгар хоруйдаата.

Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола үөрэнээччитэ Саша Васильева «Кыһыл Сулус уордьан Кавалердара” диэн быйыл улууска бастыҥ үлэ аатын ылбыт научнай дакылаатын билиһиннэрдэ. Салайааччы- Варвара Васильевна Васильева. Саша инникитин даҕаны Үөдүгэй историятын үөрэтиигэ үлэлэһиэҕэ диэн эрэллэрин эттилэр.
Үөдүгэй кыраайы үөрэтээччитэ Антонина Гаврильевна Хобусарова «Сэрии дуорааннара” диэн Куду колхозтан сэриигэ барбыт дьон туһунан чинчийиитин иһиттибит. Кыракый Куду сириттэн элбэх да киһи сэриигэ баран Ийэ дойдутун көмүскээбит. Биирдии дьиэ кэргэнтэн түөртүү- биэстии киһи сэриигэ барбыт холобурдара баар эбит. Антонина Гаврильевна саҥа булбут арыйыыларын олус сэҥээрдилэр.
Ону тэҥэ оҕо ааҕар саалатыгар олохтоох суруйааччы Наталия Дордо герой-пионердар тустарынан оҕолорго кэпсээтэ.Оҕолор олус болҕойон иһиттилэр.Урукку пионер оҕолор хайдахтаах Ийэ дойдуларын таптыылларын, көмүскэспиттэрин, хорсуннарын сөхтүлэр.

Кыраайы үөрэтии саалатыгар баҕалаахтар «Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн айар куттаахтара суруйбут сэрии кэмин сырдатар аудио кэпсээннэрин иһиттилэр.

Түмүккэ, үгүс патриотическай ырыа күрэхтэрин кыайыылааҕа, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, мелодист, ырыаһыт Евгений Тихонов сэрии уонна Кыайыы туһунан ырыаларын бэлэхтээтэ.

Бу тэрээһин оҕолорго да, улахан да дьоҥҥо элбэҕи биэрбитэ буолуо диэн эрэнэбит. Бары Ийэ дойдубутун таптыаҕыҥ, түмсүүлээх буолуоҕуҥ!