“Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” кинигэлэр саҥалыы тыыннанан тахсыахтара

Биир сааскы, кулун тутар ылааҥы күнүгэр, Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр Наталия Кашлакова – Дордо киирэн кэллэ. Үгэс курдук күннээҕи сонуннары, саҥа хоһооннорун эҥин туһунан сэһэргии олорон хараҕа кэннибэр долбуурга ууруллан турар ” Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” диэн Уйбаан Самаайап кинигэтигэр хатанна.
Үөдүгэй олохтоох ааптардарын уонна төрдүнү- ууһу, устуоруйабытын кэпсиир кинигэлэри сыа-сым курдук тутан, харах харатын курдук харыстаан кэннибэр долбуурга уурар идэлээхпин. Дьэ, Дордо ол кинигэни арыйа баттаата. Дьиҥэр, оччолорго хаачыстыбалаахтык кинигэни таһаарар типографияҕа тахсыбыта үһү да, хаачыстыбата мөлтөх, килиэйэ хоҥнон хаалар. Уонна бибилэтиэкэ үрдүнэн собус-соҕотох кинигэ. Дордо ” Бу кинигэни хастыы эмит лииһинэн үллэстэн бэчээттээбэппит дуо?”- диир.
Ол кэннэ эдьиийбит Зоя Антоновна Воронина кэлэ сылдьан чараас, үрүҥ ” Үөдүгэйим барахсан” диэн кинигэни аҕаллахпына куоппуйалаан биэриэҥ дуо диэтэ. Дьэ, ол курдук хас – биирдии Кудуттан, Үөдүгэйтэн төрүттээх киһиэхэ сүрэҕигэр- быарыгар, дууһатыгар оннук чугас, истиҥ кинигэ буоларын  өйдөөбүтүм.


Бэйэм эмиэ дьиэ кэргэнинэн ити кинигэлэри тахсаатын кытары эргитэ сылдьан, өссө туох да мин өбүгэлэрим туһунан суох дуо диэбиттии иһин- таһын сыныйан аахпыппыт бөҕө буоллаҕа дии. Быраатым барахсан тыыннаах эрдэҕинэ ити кинигэни үүтээҥҥэ бултуу сылдьан аахпыт. Дьэ, аахпытын кэлэн күлэ- күлэ кэпсии олороро бу баарга дылы. Ити чугас холобурдары аҕалабын. Бу кинигэлэр тахсыбыттарын утаа түҥэтиллэн, атыылаһыллан, сүтэн-иҥэн хаалбыттар. Кэм-кэрдии аастаҕын ахсын төрүттэрбит туһунан кинигэ күндүтүйэн, суолтата улаатан иһэр. Көлүөнэ солбуйсан уларыйдаҕын аайы төрдүн-ууһун ыйытан тоҕус төгүл тоҕотун бу кинигэттэн ирдэһиэх курдук сураһабыт. Онтукайбыт даҕаны- биирдии эрэ устуука баар. Ол иһин аҕыйах хонуктааҕыта убайбыт Уйбаан Самаайап дойдутугар кэлэ сырыттаҕына бу кинигэлэр саҥалыы тыыннанан тахсыахтара дуо диэн ыйыттым.Онуоха Уйбаан Уйбаанабыс бу курдук кэпсээтэ:

  • Мин 30 сааспыттан хомуйбут ахтыыларым бааллар. Бастакы кинигэбин 2007 сыллаахха таһаарбытым. Онтон 310 сирэйдээх «Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй» диэн халыҥ кинигэни бэлэмнээн таһааттарбытым. Чааһынай тэрилтэҕэ таһааттарбытым. Мааркыстар мунньубут ахтыыларын туһаммытым. Хаартыска галереятын таһаарарбар киһини бары таһаара сатаабытым. Хас биирдии киһи- история диэн санаанан салайтарбытым. Бу кинигэни иккиһин хайдах баарынан таһааттарыахпын баҕарабын. Онно сурутуу ньыматынан, ол эбэтэр ким кинигэ ылыан баҕарар  эрдэттэн суруттаран, төлөөн таһааттардаҕына, бу кинигэ төһө баҕарар тираһынан тахсыан сөп. Билигин бу кинигэ матырыйаалларын электроннай барыйаанын көрдүөм. Суох буоллаҕына, саҥалыы да бэчээттэтэн кинигэ гынан таһаардахпына сатаныыһы дии санаатым. Кытаанах тастаан, бигэ хаачыстыбалаах гына 2026 сылга таһааттарардыы былаанныам, – диэтэ.

Онон кинигэлэрбит саҥалыы тыыннанан бэчээккэ тахсалларын долгуйа күүтэбит.