Бу күннэргэ Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кинигэ кэһии кэллэ.
Үөдүгэйтэн төрүттээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анисим Анисимович Прокопьев аҕатын, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, снайпер, норуот маастара, худуоһунньук, удьуор тимир, көмүс ууһа, муосчут, скульптор, краевед, этнограф Анисим Григорьевич Прокопьев олоҕун, үлэтин киэҥник сырдатар ” Кырдьарга бокуой суох”,

“Көмүс сирэйдээх сахалыы ыҥыырдар” диэн кинигэлэрин, ону таһынан биир дойдулаах киэн туттар бэйиэппит Валерий Чиряев бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалара, ахтыылар, олоҕун, айар үлэтин арыйар чинчийиилэр киирбит “Көҥүлү, дьолу туойан хаалыах”

диэн Валерий Чиряевка аналлаах кинигэ иккис томун икки устууканы бэлэх уунна. Санатан эттэххэ, Валерий Чиряев ийэтинэн Куду Харааччыннарыттан төрүттээх, силистээх- мутуктаах киһи.
Анисим Анисимович маны таһынан дойдубут биир улаханнык норуокка ытыктаммыт, таптаммыт салайааччыта И. В. Сталин

туһунан баай матырыйааллардаах альбому ыыппыт.
Онон бибилэтиэкэбитигэр кыраайы үөрэтиигэ дьоһуннаах, хатыламмат, сэдэх кинигэлэр кэллилэр. Онон биир дойдулаахпытыгар Анисим Анисимовичка барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Көлүөнэ солбуйсар, утум салҕанар. Айылҕаттан бэриллибит талааннаах дьоммут олохторо, үлэлэрэ үөрэтиллэ, сыаналана туруохтара.