Этэр тыл ириэрэр суостаах

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Үөдүгэйтэн үүнэн тахсыбыт бэйээт, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Наталия Петровна Кашлакова- Дордо икки саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

            Бу үөрүүлээх түгэнинэн Наталия Дордону Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов,

Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччыта Любовь Васильевна Дмитриева,

үлэлээбит М.Т.Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх орто оскуола кэлэктиибин аатыттан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ольга Николаевна Слепцова, бибилэтиэкэа Мила Ким кэлэн истиҥник эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

            Наталия Петровна хоһоон суруйуутун таһынан «Мастар туран эрэн өлөллөр” диэн кэпсээнин кинигэтин өр сылларга саха тылыгар улуус оҕолорун үөрэппит ытыктанар учуутал, ийэ тылы хараанныырга үгүс үлэни ыыта сылдьар Бурхалей Степанович Макаров ырытта. Кини Наталия Дордо айымньыларын өссө кыратык чочуйдахха, классическай айымньылар тахсыыһылар диэн үрдүктүк сыаналаата. Айымньылара киһини хара ааныттан улаханнык толкуйдатар, философскай хабааннаахтар диэтэ.Тылы-өһү, ойуулааһыны, тэҥнээһиннэри олус үчүгэйдик, таба туттар диэн бэлиэтээн эттэ.

            Дордо “Сымнаҕас хаардаах сыырдаах үрдэлим” диэн  хоһоонун кинигэтин улууспут биир айар куттаах, суруйар дьоҕурдаах киһитэ Аркадий Иванов ырытта. Кини хоһоон кинигэтин рецензиятын оҥорбута. Наталия Дордо хоһооннорун серебряный век хоһоонньуттарыгар уонна Иван Арбита хоһоонноругар дьүөрэлээтэ. Дордону суруйааччы быһыытынан үрдүктүк сыаналыырын эттэ.

            Бүгүҥҥү айар куттаахтар мустубут түһүлгэлэригэр Үөдүгэйдээҕи «Ийэ тыл” түмсүү уонна Наталия Дордо хоһооннорун өссө сүүрбэччэ сыллааҕыта араадьыйаҕа киэҥ куйаарга, бар дьоҥҥо аан бастаан билиһиннэрбит, иһитиннэрбит талааннаах Туйаара Прокопьева иэйиилээхтик ааҕан иһитиннэрдилэр.

            Үөдүгэй олоҕун, историятын, ситиһиитин барытын ырыа гынан көй салгыҥҥа көтүппүт Үөдүгэйдэр көмүс куоластаах күндү күтүөппүт Николай Чуручанов бу түһүлгэни Үөдүгэй нэһилиэгин хоһоонньуттарын Петр Одорусов, Муттуххай Бороҥ, Любовь Григорьева тылларыгар айбыт ырыаларын киэргэттэ, кэрэхсэттэ. Далыртан төрүттээх улууспут талааннаах оҕото, «Чэчир» түмсүү кыттыылааҕа Виолетта Васильева кэрэ ырыаларын астына, дуоһуйа иһиттилэр. Үөрүүнү үллэстэ кэлбит бииргэ үөскээбит, үөрэммит, үлэлээбит дьонноро кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

             Наталия Дордо бу кэрэ тэрээһини “Этэр тыл ириэрэр суостаах, онон эһиги дьоҥҥо күҥҥэ биирдэ даҕаны үтүө тылы эттэххитинэ, бэйэҕит эмиэ дьоллоохтук сананыаххыт,- диэн түмүктээтэ.