Бүгүн Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназияҕа ХI-с төгүлүн үгэскэ кубулуйбут үс тылынан ыытыллар аһаҕас олимпиада буола турар. Быйылгы олимпиада Үөдүгэй нэһилиэгиттэн төрүттээх үс тылынан олимпиаданы төрүттээбит омук тылын учуутала, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, «Саха Азия оҕолоро” пуонда стипендиата Мария Ивановна Шамаева төрөөбүтэ 75 сылыгар ананна.

Мария Ивановна Шамаева бэс ыйын 23 күнүгэр 1950 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Дабыыдап учаастагар ааспыта. Мария Ивановна оскуолаҕа дьаныардаахтык үөрэнэн, улаханнык ытыктыыр учуутала Михаил Андреевич Алексеев үтүө сүбэтин ылынан, ыраах Камчаткаҕа тиийэн, омук тылын учууталынан ситиһиилээхтик үөрэммитэ. 1976 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар кэлэн Үөһээ Бүлүүтээҕи аҕыс кылаастаах оскуолаҕа үс сыл устата немец тылын учууталынан үлэлээн, буһуу-хатыы оскуолатын ааспыта.
1979 сылтан И.Н. Барахов аатынан орто оскуолаҕа сүүрбэттэн тахса сыл устата эрчимнээхтик, саҥа методикалары баһылаан, саха, нуучча тылларын энтузиаст учууталларын Людмила Никифоровна Васильеваны, Ксана Семеновна Саввинаны, Светлана Георгиевна Егорованы, Антонина Денисовна Поскачинаны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээн, саха-английскай экспериментальнай кылааһы арыйан, бастакы лингвистическай олимпиаданы саҕалаабыттара.
Ол саҕаттан төрүттээбит кэскиллээх үлэтин дьүөгэтигэр Антонина Денисовна Поскачинаҕа салгыы сайыннарыаххытын наада диэн кэс тылын эппитин ылынан, Антонина Денисовна Д.С. Спиридонов аатынан орто оскуолаҕа үлэлии кэлээтин 2013-2014 үөрэх дьылыттан саҕалаабыта. Онтон ыла үс тыл түһүлгэтэ диэн Антонина Денисовна сахалыы сүрэхтээбит олимпиадата тиһигин быспакка салгыы ыыра кэҥии, чэчирии турар.
Бүгүн үс тылынан олимпиада үөрүүлээх арыллыытыгар улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Леонид Николаевич Огочонов “Бу үс тылынан ыытыллар аһаҕас олимпиада таһымын үрдэтиэххэ наада, федеральнай перечеҥҥэ киллэттэрэр курдук үлэлэһиэхпит”,- диэн бэлиэтээн эппитин бары үөрэн дохсун ытыс тыаһынан айхаллаатыбыт.

Бүгүн үс тылынан олимпиада түһүлгэтигэр улууспут уон биир оскуолатыттан барыта 70 оҕо кытта кэлбит. Күн устата кинилэр суругунан уонна үс омук тылынан билиилэрин, сатабылларын көрдөрүөхтэрэ.
Учууталларга анаан “төгүрүк остуол” ыытылынна. Мария Ивановна Шамаева бииргэ иитиллибит балтыта улууспут киэн туттар, уопуттаах, настаабынньык учуутала Наталья Николаева Иванова эдьиийин төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан уон сыллаах олимпиада үлэтин түмүгүнэн мунньубут матырыйаалларын, Мария Ивановна дьүөгэлэрин, бииргэ алтыһан үлэлээбит кэллиэгэлэрин, аймахтарын, үөрэнээччилэрин ахтыыларын киллэрэн бэлэмнээбит кинигэтин матырыйааллара таҥыллыбытын көрдөрдө. Ис хоһоонун арыйан кэпсээтэ. Кинигэни Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия аныгы технологиялары баһылаабыт талааннаах үлэһитэ Любовь Васильевна Готовцева таҥан, бэчээккэ бэлэмнии сылдьар. Бу кинигэ тахсыыта сыралаах үлэ түмүгэ, бастыҥ киһибитин үйэтитии, үс омук тылын өрө тутан ыччаты сайыннарыы кэскилин бэлиэтэ буолуоҕа.

«Төгүрүк остуолга” улууспут ытыктыыр киһитэ, омук тылын үгүс көлүөнэ ыччакка үөрэппит, тарҕаппыт киһи Светлана Саввична Ильина сылаас, үтүө тылларынан Мария Ивановна Шамаевалыын бииргэ алтыспыт кэмнэрин аҕынна. Хас биирдии киһи төрөөбүт төрүт тылыттан саҕалаан тылы үчүгэйдик билиэхтээх диэтэ. А.Е. Кулаковскай «Оттоку олук алгыһын” өйүттэн аахпытын бары сөҕө- махтайа иһиттибит. Үөдүгэйдээҕи Ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Герасим Александрович Егоров
«Эппэр ийэм үүтүн кытта
Иҥмит эбит быһыыта,
Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам мандаар саҥата,- диэн хоһоонунан этиитин саҕалаата.
“Хас биирдиибит төрөөбүт төрүт тылын билэр буоллаҕына, кини күүстээх, тирэхтээх, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Ону таһынан атын омук тылларын баһылаатаҕына кини сайдыылаах, ханнык баҕарар омуктары кытары биир тылы булар, быһаарсар, инники күөҥҥэ тахсар киһи буолуоҕа. Инникитин бу үс тылынан ыытыллар олимпиадабытын Саха сиригэр киэҥник биллэрэн, угуйуктары ыытан, үгүс оҕо кыттарын ситиһиэҕиҥ. Биһиги улуустан төрүттэммит үс тылынан ыытыллар олимпиада суон сурахтаннын, кэтит кэскиллэннин,- диэн алгыһын эттэ.

Тамалакаан орто оскуолатыттан оҕолору кытыннара кэлбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, саха тылын бастыҥ учуутала Галина Васильевна Терентьева “Бу үс тылынан ыытыллар олимпиадаҕа биһиги оскуола оҕолоро үгүс сылларга кыттан кэллилэр. Бу олимпиада оҕолору инникигэ кынаттыыр. Бу кэнниттэн оҕолорбут өрөспүүбүлүкэ, арассыыйа таһымыгар да ыытыллар олимпиадаларга кытталларыгар манна ылбыт билиилэрэ, үөрүйэхтэрэ олук буолар, кыайыыга кынаттыыр. Онтон кыайтарбыт оҕо ону уйарга, тулуйарга, инникитин өссө дьулуурдаах буоларга үөрэнэр түһүлгэтэ. Онон бары өттүнэн оҕону үөрэххэ, олоххо үөрэтэр тэрээһин. Биһиги биир оҕобут кыттан урут «Юный лингвист» диэн ааты ылбыта. Улуус олимпиадатыгар эмиэ миэстэлэһээччи. Онтон СВОШ олимпиадатыгар эмиэ саха тылыгар миэстэлэспитэ.Ол кэннэ алтай эҥин омуктары кытары межрегиональнай олимпиада диэн буолбута, онно эмиэ миэстэлэспитэ. Онон манна тылга интэриэс үөскүүр, таптал уһуктар, бүөбэйдэнэн тахсар тэрээһинэ дии саныыбын,- диэтэ.
Бу курдук улуустааҕы гимназия уонна Мария Ивановна бииргэ төрөөбүттэрэ тэрийбит үс тылынан аһаҕас олимпиада чэрчитинэн ыытыллыбыт “төгүрүк остуолга” ийэлэрин Мотрена Елисеевна Налыйдырова ыалдьытымсах, сахалыы үтүө үгэһин илдьэ сылдьар буолан, баай-талым, остуол хотойорунан астаах сандалы тула олорон биир дойдулаахпытын, Саха сирин биир бастыҥ учууталын Мария Ивановна Шамаеваны ахтан-санаан, үс тылы өрө тутан ыччаппытын сайыннарыы туһунан кэскиллээх кэпсэтиилэр өргө диэри салҕаннылар. Наталья Николаевна Мария Ивановна бииргэ алтыһан үлэлээбит дьүөгэлэригэр, тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытар улуустааҕы гимназия учууталларыгар Мария Ивановна төрөппүт уола Андрей Шамаев, бииргэ төрөөбүт быраата Уйбаан Самаайап уонна кини оҕолоро, аймаҕа Кыыдаана Марковна Иванова, Ивановтар, Налыйдыровтар, Николаевтар ааттарыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэри, махтал суруктары тутттарда.