Куттаах кинигэтэ таҕыста!

Бүгүн Үөдүгэйгэ биир сэргэх сонун кэллэ.”Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин нэһилиэстибэтигэр өссө биир кинигэ эбилиннэ.
Айылҕаттан айар- суруйар дьоҕурдаах Үөдүгэйбит кыыһа Надежда Кардашевская- Куттаах “Умсулҕан” диэн оҕо саас умсугутуулаах кэмнэрин, эдэр саас үлэҕэ буһуутун- хатыытын, орто саас тургутуулаах сылларын, кырдьар саас кэккэ кэрэтин ойуулаабыт тэттик кэпсээннэрэ киирбит кинигэтэ күн сирин көрдө.
Кинигэ  кытаанах тастаах, хаачыстыбалаах, тупсаҕай дизайннаах, 150 экземплярынан “Дани Алмас” типографияҕа бэчээттэнэн таҕыста.
“Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүү бүгүн ” Төгүрүк остуол” тэрийэн саҥа кинигэ тула кэпсэттэ.
Кинигэни атыыласпыт дьон Үөдүгэй бибилэтиэкэтиттэн кэлэн ыларгытыгар.