Дьоллоох буолуу күлүүһүн туттулар

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн иһэр Кэрэ аҥардар күннэринэн «Дьахтар дьолун кистэлэҥнэрин арыйыы” диэн психологическай тренинг ыытылынна.  “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ Алла Догорова, Анна Донская олус интэриэһинэй тренины ыыттылар.

Кэлбит Кэрэ Аҥардар бэйэлэрин ис туруктарын биллилэр, кыахтарын арыйдылар.

Кэрэ буоларга, бэйэни таптыырга, олоххо дьоллоох буоларга кистэлэҥ күлүүһү буллулар.

Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ ыытар тэрээһиннэригэр кэлэн сайда, тылла туруохпут диэн санааларын эттилэр.Сирэйдиин-харахтыын сырдаан, мичилийэ үөрэн, сэгэйэ хааман бардылар.