“Ситим” медиа бөлөх, “Кыым” бар дьон хаһыатын уонна “Күрүлгэн” уус-уран сурунаал эрэдээксийэлэрэ СӨ национальнай бибилэтиэкэтин өйөбүлүнэн анал байыаннай дьайыы чахчытын уус-уран тыл күүһүнэн арыйан, буойуннар хорсун быһыыларын уонна бар дьон дойду кыайарын, барҕарарын туһугар дьулуурун көрдөрөр “Дойдубут туһугар” диэн ааттаах хоһоон күрэҕэр Саха сирин үрдүнэн барыта 81 киһи кытынна.
Күрэх түмүгүнэн, Үөдүгэй нэһилиэгиттэн “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылаахтара Антонина Хобусарова Үһүс үктэли ылла. Надежда Кардашевская – Куттаах Биһирэбил миэстэҕэ тигистэ.
Үөдүгэй айар куттаах кыргыттарын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ситиһиилэринэн эҕэрдэлээн биэриэҕиҥ!
Салгыы кыайыылаах хоһооннору ааҕаргытыгар ыҥырабыт.
Ийэ суруга
Дорообо, тоҕойуом,
Хомпоруун хотойуом!
Сурукпун суруйдум,
Суумкаҕар бу уктум.
Этэҥҥэбит биһиги.
Олоробут кэминэн.
Халлаан сыыйа тымныйар,
Киһи тыына бурҕайар…
Иһит эрэ, тоҕойум,
“Дойдум тыына” диэн сыахха
Иистэнньэҥнэр мустаннар
Саллааттарга тигэллэр.
Ийэ сылаас илиитэ,
Эдьиий нарын тарбаҕа,
Эбээ истиҥ илдьитэ
Иҥмит эбээт бу иискэ.
Сииктэр аайы кыһанан
Тапталларын тигэллэр,
Таҥастарын сиэбигэр
Эрэллэрин угаллар.
Мөһөөччүгү астаргын
Дойдуҥ тыына илгийиэ,
Сылааһынан угуттаан,
Санааларгын илбийиэ.
Онон, о5ом кытаатан,
Бу таҥастан таҥнаар дуу,
Куйах курдук кытаанах
Көмүскэллээх буолууҥ дуу…
Манан бүттүм суруйан,
Баҕа санаам биир эрэ:
Дьиэҕэр тиийэн кэлиэххин,
Миигин сыллаан ылыаххын!
Оннук буолуо хайаан да!
Атын буолуон сатаммат!
Салгын устун тиийиэхтин
Модун күүстээх алгыһым!
Дом!
Антонина Хобусарова
Өксөкү
Дьолбутун дьалкытан тоҕоору
Адьарай аймаҕа турунна,
Көрдүгэн көбүтэн көрөөрү
Кэҥэрдии сытынан тунуйда,
Си дьүгээр өспөтөх өстөөҕү
Сир үрдэ уйбута сөхтөрдө…
Дойдубут сүрэҕин тэбиитэ
Үһүс сыл уйарҕыы тиҥийдэ.
Бухатыыр удьуора барыта
Быыппаста, хомулла оҕуста,
Биир бииргэ киирсибэт өстөөххө,
Сутурук ыар күүһүн көрдөрдө…
Хотугу өксөкү кыната
Модун тыал түһэрэн сапсынна,
Арҕааҥы тас тыймыыт күтүрү
Тутардыы тус арҕаа күпсүттэ.
Адьарай аймаҕа хаһан да
Ылбаккын ымсыылаах куһуогу!
Ылтаһын ытыскын уунума,
Сырааҥҥыҥ халтайга бараама!
Сахаттан саалаах “үөн” самынна,
Быһахтан охтоох “кыыл” оҕутта!
Кыыһа тур кырдьыкпыт кылаана,
Тупса тур Дойдубут килбиэнэ!
Куттаах Кардашевская,