Кинигэ доҕордоох ыал таптала

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин бастыҥ ааҕааччылара, 2024 сылга Үөдүгэй нэһилиэгэр “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн” диэн анал ааты, бириэмийэни ылбыт Татьяна, Петр Николаевтар дьиэ кэргэттэрин туһунан бүгүн, олунньу 14 күнүгэр, Тапталлаахтар күннэригэр сырдатан ааһыахпыт.

            Татьяна 1977 сыллаахха «Оскуола-үлэ-үрдүк үөрэх” диэн оччотооҕу кэм ыччаты ыҥырар суолунан Чочу Күөлүгэр атын үөлээннээхтэрин курдук ыанньыксыттыы тахсыбыта. Дьэ, үүтү ыан үрүлүтэ сырыттаҕына, эһиилигэр Чочу Күөлүгэр оҕо дьиэтигэр иитиллэн тахсыбыт эдэркээн нууччалыы эрэ саҥарар уол кэлбит. Кучархай баттахтаах туналы маҥан Таанньаны көрөөт да сөбүлээн, кутун туттарбыт. Оччотооҕу үлэни эрэ өрө туппут ыччат сиэринэн Бүөккэ Таанньа кыыска илин-кэлин түһэн көмөлөһөн барбыт. Аны уолбут отой нууччалыы эрэ саҥарар буолан кыыһы кытта билсэригэр сүрдээҕин эрэйдэммит. «Мин отой нууччалыы эппиэттээччим, саҥарааччым суох. Сахалыы саҥарарбын өйдөөбөккө өр баҕайы таалан турааччы. Онтон кэлин үөрэнэн, букатын да уу сахалыы саҥарар буолбута»,- диэн билигин Таанньа күлэ – күлэ кэпсиир.

            Уол Таанньаҕа анаан нууччалыы ырыа бөҕөнү ыллыыр эбит. Аны кинигэни үлэ быыһыгар олус элбэхтик ааҕара сөхтөрбүт. 1978 сыллаахха ыам ыйыгар, Айыыһыт түһэр кэмигэр, Таанньалаах Бүөтүр ыал буолбуттар.

Эдэрдэр күүстээх үлэ быыһыгар кинигэ, сурунаал ааҕаллар эбит. Ол үтүө үгэстэрин билигин да ыһыктыбакка, нэдиэлэ ахсын бибилэтиэкэҕэ кэлэн кинигэ, сурунаал уларсаллар.

Кинилэр сүрэхтэринэн сөбүлэһэн төлкөлөрүн түстээбит, олохторун саҕалаабыт Чочу Күөллэригэр хайа ыал буолуохтарыттан бу аҕыйах сыллаахха диэри бэрт эйэлээхтик, дьоллоохтук оҕолонон, сиэннэнэн быр-бааччы ыал буолан олордулар.

Быйыл оройуоҥҥа кэлэн тапталлаах Үөдүгэйдэригэр “ Чыычаах” маҕаһыыҥҥа үлэлии сылдьаллар. Кинилэр өрүү биир сүбэнэн сиэтиспитинэн сылдьаллар. Дьиэлэригэр буоллун, үлэлэригэр, уопсастыбаҕа буоллун… Бу курдук сылаас сыһыаннаах, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, күнү быһа саппай уопса сылдьар ыал тарбахха баттанара буолуо. Кинилэр “ Үс сылынан кыһыл көмүс сыбаайбабыт, бииргэ олобуппут 50 сыла буолар”,- дииллэр. Сотору кинилэр Чочу Күөллээҕи дьиэлэрин оннугар “Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бырагырааматынан саҥа тутуллуохтаах дьиэҕэ кыбартыыра ылыахтаахтарын туһунан саамай улахан кэтэһэр баҕа санааларын кэпсээтилэр.

Үйэ аҥара кэриҥэ тапталга бигэнэн олорбут ыал ыччакка анаан “Олох муудараһа барыта кинигэҕэ түмүллэр. Кинигэ- олох олорорго элбэх эппиэти, сүбэни биэрэр доҕорбут буолар”,- диэн сэһэргэһиибитин түмүктээтилэр.