Биһиги “норуот” диэн ааттанан, Кэм-Кэрдии хаһан да сэгэйбэт быыһыгар тимирэн симэлийдэрбит, Күн сиригэр кэлбит хас биирдии киһи арылла илик кинигэ кэриэтэ – кэпсиир сэһэнэ элбэх, саныыр санаата, толкуйа баһаам. Олортон саамай чаҕылхай ахтылҕан – оҕо саас! Оҕо саас халлаана мэлдьи сырдык, куруук күннээх курдук хас биирдии киһи өйүгэр хаалара буолуо. Мин эмиэ, оҕо сааһым кэмин сылаастык эрэ саныыбын.
1958 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтүм. Төрөппүт дьонум куоракка көһөллөрүгэр миигин аймахтарыгар быраҕан барбыттар, үргүлдьү ийэбэр В.Г.Тетяноваҕа, эбэбэр Марыынаҕа иитийэххэ – күн-ый оннугар хаалбыппын.
Оччотооҕуга оҕо эмсэҕин иһитэ диэн суох, арыгы бытыылкатыгар көрүҥнүүн да, өҥнүүн да моркуоп курдук суосканы кэтэрдэллэрэ. Мин үүтүм бүттэ да, иһиппин быраҕан кэбиһэр идэлээх үһүбүн. Эбэм барахсан ол түгэни манаан олорон, “һуу!” диэбитинэн тоһуйан ылара үһү.
Эбэбин Марыынаны уонна эһэбин Дьарааһыны отой эдэр эрдэхтэринэ холбообуттар. Күтүөт уол Бүлүүттэн атынан айаннаан кэлэн түспүтүгэр, Марыына ийэтэ, хос эбэм, улахан өмүрэх, “Оо! Оччугуйуун! Оччугуйуун!” диэн үрүт-үөһэ соһуйан бөҕө буолбут. Саҥа ыалбыт ампаар кэннигэр тахсан, оҕо-оҕо курдук, оонньууллара үһү… Кэлин хаста да оҕоломмуттарыттан, сорохторо кыраларыгар, сорохторо киһи буолан баран көҕүрээн, Баһылай диэн уол уонна мин ийэм Балбаара эрэ хаалбыттар. Дьарааһын сэрии иннигэр аҕай өлбүт. Эбэм соҕотох кыыһын билсэр уолугар эргэ таһаарбатах, тоҕо эбитэ буолла, көҥүллээбэтэх. Онон, ийэм ыал хотуна буолар дьолу билбэтэҕэ. Хойут ол киһи, ийэбин кистээбиппит сарсыныгар телефоннуу сылдьыбыта, Балбаараны ыҥыр диэн соһуппуттаах.
…Эбэм килиэп тиэстэтин оһох үрдүгэр уураары ууммутугар, оттулла турар оһох уота ырбаахытын тэллэҕин өрө салаан, быыһана охсубакка, балыыһаҕа өлбүтэ… Мин онно үстээх үһүбүн – эбэбэр көтөхтөрөн олорорбун уонна балыыһаҕа бырастыылаһа аҕалбыттарыгар, эбээбин атыҥыраан турарбын өйдүүбүн. Өрүс аҕалбыт маһын таһаарынан, эбэтэр онтон-мантан соһунан оһох оттунар этибит, хайдахтаах эрэ маһы аҕалыннахпыт диэн, муҥатыйара ийэм.
Ийэбинээн оннук иккиэйэҕин хаалбыппыт. Эбэм сүөһүтүн балта Өрүүнэ ылбыта, мин иккис нүөмэрдээх детсаакка барбытым. Оччотооҕуга детсаад “Кэрэчээнэ” кафе турар сиригэр баара. Биһиги билиҥҥи Орджоникидзе уулуссаҕа, кырдал кытыытыгар, үөһэ олорбуппут, күһүн аайы буорунан сыбанар, сарайа суох, таара дьааһыга эркиннээх күүлэлээх, кып-кыра дьиэлээх этибит. Ол уулусса маҥнай Нагорная диэн, оттон гражданскай сэрии геройа Седалищев (Хоотоон) аатынан ааттаммыта, онтон Орджоникидзе оҥорбуттара. Хоотоон ойоҕо Баласыанньа (Поликсинья) субу ыалбыт этэ, кини остолобуойга повардыыра (билиҥҥи”Советскай” маҕаһыын) Поликсинья анараа Спиридоновтар (Кыабарыйа), уулусса уҥуор Фёдоровтар (Чуччуор оҕонньор) олороллоро, арҕаа өттүнээҕи ыалларбыт Яковлевтар, Афониннар этэ. Платоновтар дьиэлэрэ мэлдьи куортамҥа турара. Ол онно олорооччулар бэйэлэрэ да, ыалдьыттара да наар биһиги тиэргэммитинэн ааһааччылар. Биирдэ бэл, абааһы ааспыт этэ: биир кыһын ийэм дьүөгэтинээн утуйуохтарын иннинэ таһырдьа тахсыбыттара, арай, ыллыкка хара чөҥөчөк баар буолбут эбит. Дьиктиргээн, көрөн турдахтарына, чөҥөчөктөрө “телеграмма” баҕанатын саҕа ундьуйан тахсыбыт – уу-чуумпу, ыйдаҥа бөҕө үһү. Ол түүн ол дьиэҕэ дьахтар өлбүт.
Спиридонов райсоюзка үлэлиирэ, баайдык олороллоро. Мал-сал, иһит арааһа, дьэрэкээнэ баар ыал этэ. Биһиги уулусса үксүн кинилэр оҕолоругар мустан оонньуур этибит – мааныларбыт диэн отой көҥөөбөттөрө. Дьиэлэрин музей курдук көрөрбүт, ким да тугу да тыыппат, ымсыырбат да этибит, буолуохтааҕын курдук ылынарбыт.
Федоровтар түннүктэрин анныгар палисадниктаахтар, сарбынньах (рябина) уонна да атын мастардаахтара. Эһэлэрэ тиэргэнигэр араас үүнээйитэ бөҕө, оҕуруот ол саҕана сэдэх. Моркуоп туһугар кинилэргэ оҕо буолабын диэн, ийэбин дэлби хомоппуттаахпын… Афониннар эмиэ араас элбэх маһы олордоллоро, ыалдьыттарыгар “саады” көрдөрө сылдьар буолааччылар.
Оттон ийэм биһикки – аҕата суох дьон быһыытынан, “кыамматтарга” киирсэрбит. Былыргы, саха оҥоһуута ыскааптаах этибит, онуоха эбии мас дьааһыгы ийэм чаай көмүһүнэн киэргэтэн, кумааҕынан куруһубалаан, истиэнэҕэ ыйаан туруорара. Дьиэбит сиэрдийэ үрүттээх этэ, дохсун ардах тэһэ хотон, утуйар таҥаспытын суулаан, клеенканан бүрүйэрбит, таммахха онно-манна иһит тоһуйарбыт – музыка курдук араастаан тыаһыыра. Оһох турбатын ийэм эргэнэ кирилиэһинэн (сүгэнэн ойо охсуллубут үктэллэрдээх бэрэбинэ) ыттан, солуурунан сабара. Ол оннук хас самыыр кэнниттэн ийэм дьиэтин куурдан-дьаһайан бөҕө; аны, сайын аайы, хас улахан бырааһынньык аайы үрүттэри-эркиннэри сууйуу, сотору-сотору быыллааһын, өрөбүл аайы бэриинэ-суорҕан тэбээһинэ, салгылатыыта… Биирдэ эмит хамыыһыйа кэлэн, орон сиһин кытта сотон көрөөччүлэр – ийэм бэйэтэ аһары ыраас дьахтар этэ, ол хамыыһыйаттан куттанан буолбатах. Дьиэбит кыһын тымныы – ийэм миигин оһох иннигэр көтөҕөн олордон, таҥаспын сылыта-сылыта таҥыннарарын өйдүүбүн. Төгүрүччү түннүктээх буолан, сып-сырдык этибит. Эрээри, түннүктэрбит халыҥ мууһунан бүрүллэ кырыараллара, таһырдьаны мууска дьөлөҕөс ириэрэн көрөр этим. Сааһыары, ыалбыт Федоровтары үтүктэн, холуодаттан маарыла быаны намылытан, тоһоҕорго бытыылка ыйаан туруорааччыбыт, муус уута онно таммалыыр. Ити кып-кыра дьиэтигэр ийэм улахан кылааска үөрэнэр тыа оҕолорун олордооччу: Прокопьев В.П., Данилова (Кононова) Г.А.,Томская Катя, бэйэм эдьиийим Мила. Элбэхтэр этэ ээ, умнубуппун.
Ийэм нарсуд (Потапова уонна Маркс муннугар икки этээстээх дьиэ оннугар баара) сэкэрэтээриттэн уурайан, “Коммунизм сардаҥата” хаһыакка машинистканан үлэлии киирбитэ. ССТА (ТАСС) сонуннарын түүн анал араадьыйанан диктант курдук, куораттан ааҕан биэрэллэрэ. Ол-бу мунньах, съезд иҥин буоллаҕына, үлэтэ элбээн эрдэҕэ дии. Былыр да дэриэбинэҕэ араас тахсар эбит ээ: урут ити сонуннары сурунар эдэр кыыһы, түүн үлэлээн истэҕинэ, быһаҕынан анньан өлөрбүттэр. Ол иһин, улахан баҕайы араадьыйа биһиги дьиэбитигэр турар этэ, мин түүн уһуктан, ийэбэр көтөхтөрөн олорорбун өйдүүбүн. Сайын детсаадым сабыллар быһыылаах, ийэм үлэтигэр илдьэ сылдьара. Оччотооҕуга хаһыат эрэдээксийэтэ райком дьиэтин (билигин тоҥон турар) хаҥас кынатыгар баара. Кэлин норуот поэттара буолуохтаах эдэр, мэник дьон, С.Т.Руфов хаһыат корреспондена этэ, П.Н.Тобуроков кэлэр-барар. Дьээбэлээх хоһооннору айаллар, райком эр дьонун мунньан, миигин олоппос үрдүгэр туруоран, хоһооннорун аахтараллар, сакалаат манньалыыллар. Ол ону Никитина Е.А. тохтоппута. Н.Г. Павловтыын холбоһоору сылдьар кэмнэригэр “Еля кыһыл былаата Хоро диэки ааспыта, Ньукулай харах уулаах далбаатыы хаалбыт” диэх курдук ырыабын саҥа саҕалаан эрдэхпинэ, Никитина киирэн кэлэн, “Ыллаан көр эрэ! Ыллаан көр эрэ!” диир күргүйүттэн куттанан ытаан, онтон ыла тохтоотоҕум дии.
Эрэдээксийэни санаатахпына, харахпар өрүү кэпсэллээх Захаров С.И., аҕыйах саҥалаах Суханов Ф.Ф., дуоспуруннаах Матахов В.Н., курьер Казакова Балбаара көстөллөр. Уонна редакторы солбуйааччы А.П.Алексеева, М.С.Афанасьева – Е.А.Афанасьев-Кэпсэтээрэп кэргэнэ, ийэм бухгалтерынан көспүтүгэр машинистканан кэлбитэ.Эрэдээксийэлэр саахыматы өрө туталлара, турнирдары ыыталлара. Мин ийэм республикаҕа миэстэлэһэн кэлэрэ, оройуонугар кимиэхэ да хотторбокко барбыта… Эрэдээксийэни ити билиҥҥи “Энергосбыт” иннигэр көһөрбүттэрэ — элбэх оҕолоох Малардыырап саҥа дьиэтин былдьаан биэрбиттэр үһү. Ити диэки аптека эмиэ саҥа дьиэҕэ киирэн үлэлиирэ. Эрэдээксийэ дьиэтэ билигин өрүс үрдүгэр, оҕо консультацията буолан турар.
Типографияҕа тахсарбын наһаа сөбүлүүрүм. Оччотооҕу типография билиҥҥи музей оннугар баара. Балбаара кыыһа диэн бары билэллэр, тугу үлэлиир эбиттэрин кэрийэн көрөбүн. Киирэ түһээтин, Ердашев П.М. хаһыат кумааҕытын, хап-халыҥ пачканы анал массыынаҕа быстарар. Бэчээттиир массыына бөлүөк курдугунан кыраасканы хатайдыыр тыаһа лап-лаһырҕас, тип-тилиргэс, бэчээттэммит хаһыат сирэйэ тиэрэ кэлэн түһэн сааһыланар; арыллаҥнаан үлэлиир бэчээт массыыната кытта баара. Атын хоско Сячикова М.Е., Михайлова А.И., Павлова Е.П. сибиниэс буукубалары кырааска сыттаах хап-хара тарбахтарынан ылан уурталыыллар; саҥа массыынаҕа ким эрэ, Ильина Р.П. быһыылаах — бэчээттээтэҕин аайы ип-итии буукубалар үөһэ кылыгыраһа айанныыллар, ону тоҥонохтоох тимир ураҕас анньан, бэлэм тылы кутан, сыһыаран аҕалан саккыратар. Итии чааҥҥа уһун тимир (хорҕолдьун эбитэ дуу) бурускуу ыйанан, утары уулла турар.
Типографияттан тахсан Маркс уулусса устун уҥуор-маҥаар эргэ дьиэ бөҕө. Мас тротуардаах, онон хаамабыт. Аптека, районо уопсайдара ити икки этээстээх дьиэлэр уонна бөһүөлэк салалтатын таас дьиэтин оннугар наҥнаһаллара. Улуус дьаһалтатын оннугар райсовет биир этээстээх уп-уһун дьиэтэ саҥа тутулла турара. Билиҥҥи “Алекс” эргэ маҕаһыына оччолорго райсоюз универмага этэ. Районо оннугар Никонов, аэропорт начальнигын дьиэтэ үһү, онтон салгыы ЗАГС, архив уонна сберкасса бааллара. Госбанк отой да Кэлтэгэй түгэҕэр дьиэлээх этэ. Сороҕун умнуталаабыппын. “Мааппа” маҕаһыыннарын оннугар эмиэ элбэх ыал олороро: райсовет тойоно Корякиннар, онтон салгыы хас да квартиралаах бороҥ штукатуркалаах бараах. Бараах палисаднигар улахан да харыйалар лиҥкинээн тураллара. Сэбиэскэй уулусса уҥуор почта. Почтаҕа киоскер тетя Маня сурунаал, хаһыат, киинэ артыыстарын хаартыскаларын, значок эҥин атыылыыра. Почта ойоҕоһунан тротуар устун хааман аҥара уценка, аҥара килиэп маҕаһыыннара эргэ кыра дьиэҕэ тиийэҕин. Килиэп Кэтириинэтэ, тимир остуолга тимиччи харахылана сытар улахан, сытыы быһаҕы өндөтөн, уһун килиэби ортотунан быһа баттыыр уонна ыйааһыҥҥа быраҕар. Ыйааһын кус тумсун курдук икки мээрэйдэрэ тэҥнэһэн, утарыта көрсүөхтэригэр диэри, иккис тэриэлкэҕэ араас гиирэлэри уурталыыр. Килиэп лааппыта кыараҕас, өр кэтэһиилээх-манаһыылаах. Улахан дьон быыһыгар кыбыллан, тиийиэхпэр диэри наһаа да сылайар, утуктуур, сүрэҕэлдьиир этим. Онтон уценкаттан бытархай ордугар, илийэн-сыстыһан хаалбыт “сыттык” хампыат кыра көһөҥөтүн атыылаһабын. Урут манна көмүһү атыылыыллар үһү милиция харабыллаах.
Билиҥҥи “Кельциев” маҕаһыын оннугар улахан лааппы баара. Табаара булкуйа быһыылааҕа, саһыл тириитэ тыстары-төбөлөрү-кутуруктары сытара, таба тыһа сүүрбэ харчы сыаналаах этэ, ону ким да ылбат – оччотооҕуга “түөсэҥкэ” диэн маҕан өҥнөөх чараас хаатыҥка муодата, киртийдэҕинэ, маннай куруппанан ыраастыыллара. Лааппы атын өртүгэр, тоҕо эрэ муостаттан аллара сиргэ сытар икки улахан мас буочукулартан кыһыл арыгыны чаанньыкка, солуурга куттараллара. Онуоха сылаанганан оборон биэрээччилээхтэр үһү.
Сыыр үрдүгэр турар эт лааппытын дьиэтэ билигин да баар. Мииҥҥэ диэн, киилэ эти аһаҕас сиэккэ-суумкаҕа сыһан-соһон иһэрбин өйдүүбүн. Ити диэки барарбын саллар этим, итиннээҕи оҕолор буорунан тамнаан ыытааччылар. “Өктөөбүрүскэй” лааппыта урукку оннугар үлэлии турар, нуучча дьахтара атыыһыттан “деревянное масло” көрдөөбүттээхпин — ийэм мас арыыта диэн ыыттаҕа дии… “Виола” уруккута “Дьуһуурунай” диэн, (бастаан спорт маҕаһыына үһү) киэһэ хойукка диэри үлэлиир маҕаһыын этэ. Ол онтон хаҕа хатыччы хатан, сыстан хаалбыт “краковскай” халбаһыыны атыылаһан иһэн, тоһутан ылан, хастыы сатаан баран, хахтары-майдары “ньам” гыныллара.
Сотору килиэп маҕаһыына бу билигин турар сиригэр көспүтэ. Син-биир, күнү күннүктээн кэтэһиилээх буолан хаалааччылар — оо, айака да, уочарат бөҕөтүн көрсөн, тиийиэхчэ буолан эрдэххэ, тахсыбыт килиэп бүтэн хаалар, өссө буһан тахсарын кэтэһэҕин… Эмиэ да дэлэйэр, туох да кыһалҕата суох атыылаһан, сороҕор РДК-ҕа киинэ көрөн ааһабын, оччотооҕу минньигэс да килиэп чиэппэрин “кутуйахтаан” баран, дьиэбэр тиийэбин.
Дьэ, ол саҕана дьон киинэҕэ сылдьар аҕай, билиэт былдьаһык, киинэ иннигэр ордук билиэт ыйыталаһааччы бөҕө. Сайынын кэлин пааркаҕа хаптаһын ампаарга киинэ көрдөрөр буолбуттара, тымныыта, кумаара бөҕө буолааччы. Оҕолор күнүс үстэн РДК-ҕа, эбэтэр уруккута таҥара, кэлин “пионер дьиэтигэр” (билигин да сэмнэҕэ бэркэ диэн турар) киинэ көрөрбүт. Үтүрүһүү диэн кытаанаҕа – ким төбө үрдүгэр сытар, ким атахтар быыстарынан сыыллар, ол да киирэн, айдаан, мэниктээһин… Миигин үйэбэр маҥнайгы киинэбэр ийэм ыалбыт оҕото Федоров Сааскаҕа туттаран ыыппыта, тоҕо инньэ гыммыта буолла – билбэтэ буолуо, киинэҕэ киирии ыарахаттардааҕын. Аны санаатахпына “Седьмое путешествие Синдбада” диэн “курутуой” остуоруйа эбит ээ. Мин куттанан, ытаан, Сааскабынаан киинэ ортотуттан төннөн иһэрбитин өйдүүбүн. Сааска обургу уол, кыйаханан, сахсыйа-сахсыйа аҕалаахтаабыта.
Урут пааркаҕа авиапорт баар үһү да, мин ону билбэппин. Ыһыах өрүс үрдүгэр, онтон кэлин пааркаҕа буолааччы, ат сүүрдүүтүн “Чардааҥҥа” киһи уҥуохтарын үрдүгэр олорон көрөөччүбүт. Аттар Бэрэ күөлүн төгүрүйэ сүүрэллэрэ, улахан күөл килэйэ сытара — билигин этээстээх уопсайдар кэчигирэһэллэр. Өрүү “мааркыстар” бастыыллара, мин Туралыысап чемпион атын тиһэх сүүрүүтүн көрбүтүм. Ити — Хрущев саҕанааҕы кэм, сэбиэскэй кэмтэн саамай үтүөлэрэ этэ. Туох да кыһалҕата суох, күннүүн-дьыллыын сылаас кэм…
Күнүс үс-түөрт кыыс мусталлар миэхэ, тиэргэҥҥэ мээчиги араастаан тэйитэн оонньуурбут — ытыс таһыныылаах, атах аннынан таһаарыылаах иҥин. “Кылаастаан” бөҕө, таас үлтүркэйин айахха уоба сылдьан быраҕарбыт. Биитэр, ыскакаалкалаан ыстаҥалыыбыт. Спиридонова Люба саамайбыт этэ — биирдэ да сыыспат, ыстанан эрэрэ да көстүбэт, ыскакаалката биир кэм куһуйар. Биһиги уочараппыт кини оонньуу быраабылата уонтан тахса арааһын ыстанан бүттэҕинэ эрэ кэлэр. Ону даҕаны, саҥа батыччахтаан иһэн, сыыһан кээһиллэрэ. Сороҕор, ыалбыт Петров Сергей (Этэрбэс) кыттыһар, мэнигэ бөҕө, оонньуубут ыһыллан хаалар. Инньэ алта ыйбыттан саҕалаан бодоруспут, дьүөгэм, ньээнньэм даҕаны — БалыковаТаня кэллэҕинэ үөрүү буолааччы: Эллэй-Тэллэй диэн дьүөрэлии ааттаах буолааччыбыт — күнү быһа кумааҕы куукуланы таҥыннаран хайаан, уруһуйдаан оонньоон бөҕө.
Биирдэ эмит, киэһэлик, аһаан-хайаан баран, уулуссаҕа оонньуу тахсабын. Уол-кыыс — быһах булунан, сир былдьаһабыт, аҥаар атах эрэ батар лоскуй хаалыар диэри киирсэбит, отой бэриммэппит. Элбээтэххэ, былаах былдьаһан, лапталаан диэн. Икки хамаандаҕа арахсабыт, хамандьыырдарга иккилии буолан кэлэн, талларабыт: “сөмөлүөт дуу, ракета дуу?” диэбит курдук. Лапталаан, сүүрбүтэ курдук гынан эрдэхпинэ, мээчигинэн көхсүм хараҕар кыбыс-кытаанахтык түһэрэллэр ээ! Дьэ, уубар-хаарбар киирэн, оонньуу сырыттахпына, ийэм ыҥыра сатаан баран, чыыппаан мастаах иһэр буолар. Атаҕым араахымалаах, эппэрээһийэлээх — онон наһаа куттанар этэ, охтуо-хайыа, эчэйиэ диэн. Таһырдьа күн киирэ да илик, оттон мин ороммор сытабыын. Сайын хос араамата ылыллар түннүктэринэн оҕолор оонньуур айдааннара курдары иһиллэр, Өктөөбүрүскэй уулуссаҕа субу турар электростанция түүннэри-күнүстэри лүҥсүйэр тыаһа хайа эрэ ырыаны санатан барар…
Сарсыарда хойут уһуктабын. Сойбут салабаар ойоҕоһугар көрүнэ-көрүнэ, тойуу саахары бүлүүскэлээх чэйбэр илитэн, супту оборобун, арыылаах килиэби сиибин. Саахары лааппыга дороххой кумааҕыга суулаан атыылыыллар, кулёк диэн, биһиэнэ лааппыттан кэлбитинэн, сетка суумкаҕа тоһоҕорго ыйанан турар. Ол онтон ылан, кураанахтыы оборобун уонна салгына чэпчэкитик ааһар көһөҥөнү талабын — ол аата үчүгэйдик илийэр, сорох саахар таас курдук. Саахары тойуу туспа сатабыл, сорохтор тимир биилкэ угунан саайталаан бэркэ кыралыыллар. Биһиги анал чыскылаах этибит, онно кыбыттаран, ытыһым хаан туруулаах буолааччы.
Тиэргэҥҥэ тахсабын. Уун-утары Бүлүү эбэ барахсан уҥуоргу кытылын харыйалара кыыс кыламанын курдук тырымнаан көстөллөр, уута көҕөрүмтүйэр, мотуордаах тыы дыыгыныыр… күн да күн! Оччотооҕу халлааны утары кыайан көрбөт этибит, харахпыт “саатан”, симириктээн барар. Былыта кытта атын, мин санаабар — билигин араас кыыл-сүөл, киһи да мөссүөнүн ойуута устан ааспат курдук дии…
Биһиги дьиэбититтэн сыыр аллара Өктөөбүрүскэй уулуссаҕа баар баай Батаакап улахан ыскылаатын сарайын анныгар хараҥаччы уйалара сыстан тураллар. Бэйэлэрэ да элбэхтэр, уот боробулуохатыгар кэчигирэһэн аҕай олороллор. Арагаайкалаах уолаттартан харыстаан, биһиги, кыргыттар этиһэн, чорбоҥноһуу бөҕө. Билигин хараҥаччы тоҕо эрэ суох. Ыскылааты сэргэстэһэ Батаакап олохтоох дьиэтигэр оҕо сонотуоруйа үлэлиирэ. Ити ол тиэргэнигэр УСХ икки этээстээх дьиэтэ турар.
Уулусса уҥуор станция тойонун үрүҥ штукатуркалаах дьиэтин аннынан аппалаах, аппа уҥуор хас да ыал баар. Үөрэнэн хааллахтара оттон, станция ити үлүгэрдээх лаҥсыырыгар. Аппанан өрүскэ киирэбит, кытыл кытыытыгар үөһэ, Көппөһөлөр диэн, оҥочонон өрүһү туоратар оҕонньор аах олороллоро. Кытылтан хаҥас диэки, үрдүк арыыга эмиэ дьиэ баара, хайдах-хайдах хапчааны туораан, итиннэ дьон олорто буолла. Ол арыы билигин суох. Арыы уонна кытыл икки ардын хайа барыытыгар кыра мас остоолбоҕо биллэрии саайыллан турара:”бу манна кыһыл бартыһаан Сэбирдэх диэн киһини Куонаан бандьыыттара кыыллыы сэймэктээн өлөрбүттэрэ” диэн. Сэбирдэх аата өйбөр хаалбатах. Отой иэдээн сир курдук саныырбыт, киһи иэнэ кэдэҥэлиир; сордооҕу очоҕоһун тыыннаахтыы субуйбуттар үһү… итиннэ уонна сылдьыбатаҕым.
Саас ийэбинээн көмүөл аҕалбыт мууһуттан иһиттэргэ хаһаанан, хаста да кырынааччыбыт, оһох испиэскэтин эмиэ өрүстэн ылара. Сайын оҕолор сөтүөлүүр сирбит эмиэ итинэн. Уу кытыытыгар мотуордаах оҥочо бөҕөтө буолааччы, сыаптаах харахылара кумахха анньыллан турар. Уу түстэҕинэ, ыраахха диэри кумах тумул тахсан кэлээччи, онно улахан киһитэ суох барар көҥүллэммэт. Ийэм дьахталлары кытта таҥас сууйаары барсааччы, итии кумахха таҥас начаас куурара. Аны, кумаҕы илиинэн сурускайдаатахха, кумах тыас таһаарар. Бытааҥҥа “нотата” намыһах буолар, төһөнөн түргэтиигин да, тыаһа синньээн иһэр, араастаан ыйылата оонньуурбут. Итинник “ыллыыр” кумах Сир шарыгар биһиги Бүлүү өрүспүтүгэр, Балтийскай муораҕа уонна Сахара кумах куйаарыгар эрэ баар диэн, Перельман “Занимательная минералогия” кинигэтигэр булан аахпыттаахпын. Ол тумул билигин арыы буолбут, мас-от үүммүт — кырылас “ыллыыр” кумах этэ.
Сайын таһаҕас баарсаларын түүннэри-күннэри сүөкүүллэр, араҕас өҥнөөх кран үрдүттэн киэһэ хойукка диэри ырыа, “Маяк” араадьыйа тыаһыыр — олох күөстүү оргуйар. Биирдэ эмит кылбаа маҕан борокуот муусука бөҕө буолан ааһар, мотуордаахтар иккилии-хастыы буолан дыыгынаһаллар.
Үөһээ Бүлүү бээтин иһэ чуумпу, киһи да көстүбэт, арай, балыксыт уолаттар мас тротуар анныттан чиэрбэ көрдөөн букунаһаллар. Массыына аҕыйах: райсоюз, райтоп(лесхоз) ЗИЛ-157 таһаҕас тиэйэр массыыналара, райком-райсовет “козлик” легковойдара эрэ этилэр, быһыыта. Уу баһар массыына баара, почта сурааһын ойуулаах ГАЗ-53 массыыналааҕа.
…Биһиги күүлэбитигэр икки сундуук турбута. Биирэ арыйда кыра, чаалбаан курдук тимиринэн (баҕар, үрүҥ көмүс да буолуо…) кириэстии килиэккэ ойуулаан, хаппаҕа уонна ойоҕосторо бөҕөргөтүллүбүт этэ. Элбэх тимирэ суйданан, онон-манан сылдьаллара. Кылгас ойоҕосторугар көтөҕөргө анаан, тимир тутаахтардааҕа, ол онно бөлтөгөр үрүҥ көмүс төгүрүктэргэ чеканкаламмыт сахалыы нарын оһуордааҕа. Иккис сундууга улахан, спираль курдук эриллэн арыллар былыргы күлүүһүн тыла бээтигэр баара, ким даҕаны тыыппакка сылдьыбытын мин арыйдым ээ. Дьиҥнээх кылааты буллум… Сахалыы быысабай орнаменнаах сарыы саппыйаан тобус-толору бытархай харчы, ыраахтааҕы саҕанааҕы диэн, сэбиэскэй саҥа олохтонон эрдэҕинээҕи диэн. Уонна ол-бу мал, үрүҥ көмүс сыабар тиийэ. “Тэллэх саҕа” ыраахтааҕы кумааҕы харчыта баара, биир эрэ — мин саныахпар, уон тыһыынча диэн суруктааҕа, сылын иҥин өйдөөбөппүн, торуоҥҥа олорор дьахтар ойуулааҕа. Ону оскуолаҕа көрдөрүүгэ илдьэн, сүтэрдэҕим дии. Итилэри таһынан таҥас-сап бөҕө — кыра-кыра түрдьэнэн солко-сиидэс, крепдешин табаардар, кэтэр таҥас. Ийэм итиччэ баайтан тугуу да ылбатаҕа, дьахталлар “һуу-һаа” буолаллара — үллэһиккэ бардаҕа буолуо. Ити сундууктары ийэм бииргэ төрөөбүт убайа Баһылай маҥнайгы ойоҕо хааллартаабыт үһү, бэйэтэ сэлликтэн өлбүт, уһуннук олорботохтор даҕаны… Киниэхэ ити баай хантан тиксибитэ таабырын: баҕар, төрүкү баай кыыһа буолуо, биитэр туордаммыт баайдар маллара тиксибитэ дуу — биллибэт, дьахтар аата даҕаны симэлийдэҕэ-сүттэҕэ.
Эбэм аахха былыр, сэрии иннигэр баһаам дьон түһүүлэнэллэрэ, аатырбыт Бучугурас кытта сылдьааччы үһү. Олортон биһиэхэ, өрүс уҥуоргу кырдьаҕас, арай биирдэ хонон ааспыт. “Тоойуом, олорор сириҥ бүтүннүү киһи уҥуоҕа, бу кырдал дьоно эстиэхтэрэ, көһөн хаал. Ити ампааргыт анныттан былыргы түнэ таҥастаах киһи тахсан кэллэ” диэбит. Ханна барыахпытый, олордохпут дии. Ону, оччотооҕуга милииссийэ начальниктаан сылдьыбыт күтүөм Харабаев А.И. сабыс-саҥа кыбартыыратын атастаһыахха диэбит, туспа тиэргэҥҥэ баҕарар, ол-бу кэпсээни итэҕэйбэт киһи үһү. Мин ийэбэр саатар эрэ буоллаҕа, онон, икки-хас сылынан, саҥа ыал дьиэ туттан бүттэхтэринэ, икки этээстээх уопсай дьиэҕэ көһөр дьылҕаламмыппыт…
Бу устар олохпутун сэргэ, тыа сиригэр атын, ыарахан олох баарын таайан да көрбөт эбиппин… Мааркыска дайааркалыыр, тапталлаах, кини кэлэрэ үөрүүлээх да буолар этэ — эдьиийим Борускуо (Таастыыр) мин кыччаабыт таҥаспын кыра уолаттарыгар(!) хомуйан барар этэ… Биирдэ почтаҕа ырыалаах пластинка сурутуум кэлбитин ылаары турдахпына, мин иннибэр, мөлтөөх баҕайы көрүҥнээх, хатыччы хатан хаалбыт эмээхсин пенсиятын 3 солкуобайы ылбыта… онуоха, бэл мин, кыра соҕус киһи сөхпүтүм, хайдах үс солкуобайга аһаан-таҥнан олоруох эбитэй диэн. Норуот туһун көрүөхтээх былааспыт дьиҥ иһигэр кыра дьоҥҥо тыйыс эбит этэ — кэлин элбэҕи иһиттим, биллим! Эрээри, ол туспа кэпсээн.
Мин атырдьах ыйын бүтүүтэ төрөөбүтүм. Сотору төрөөбүт күнүм ааһан, өссө биир сылы эбиниэхтээхпин — киэһэ тиэргэҥҥэ тахсан, күүлэ иннигэр олбох оҥостор мас дьааһыкпытыгар олоробун. Ийэм күүлэҕэ моонньоҕон барыанньатын буһарар, күнүс ыраах да ыраах, Билиилээххэ баран кэлбиппит, бурдук буолатын ааһан. Ол иннинэ Мааркыска, билигин телевышка турар сирин диэки, Күүлэ алааһын туораан тиийэн, моонньоҕоннообуппут. Күүлэ килэгир хонуу — икки эргэ дьиэ турара. Билигин Күүлэ да, Билиилээх да — тобус-толору ыал!
Күн киирбит, утуйан эрэр Бүлүү эбэм үрдүнэн ардаҕа суох былыт ыйанан турар. Халлаан хараҥарар чаҕылҕанын сарыала тыаһа суох сандаарар. Мин марылаччы ытыах санаам көбөн кэлбитин тууйдум — оҕо сааһым бүтэн эрэрин эбитин сүрэхпинэн таайдым… 1970 сыл этэ.
Александра Ульянова,пенсиялаах.